Вячеслав Штыров: көлүөнэ көлүөнэни иитэн таһаарыахтаах

28.12.2021
Бөлөххө киир:

Вячеслав Анатольевич Штыров Саха сирин бэрэсидьиэнинэн үлэлии олорон 2005 сыллаахха от ыйыгар сахалыы хаһыат тахсыбыта 85 сылын бэлиэтээһиҥҥэ анал ыйаах таһааран турар. Ол чэрчитинэн үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытыыга хамыыһыйа тэриллэн, 2006 сыллаахха “Саха сирэ” хаһыат 85 сылын үрдүк таһымнаахтык ылбыта. Бу туһунан Вячеслав Анатольевич санаатын үллэстэр.

– Хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир туһунан ыйаах тахсыыта ити кэм ирдэбилэ этэ. Бу тэрээһин утумнааһыны чөлүгэр хаалларыыга, сонуну киэҥник тарҕатар средстволар, чуолаан хаһыат, уопсастыбаҕа ылар оруолун үрдэтиигэ улахан оруоллааҕа. История көрдөрөрүнэн, хаһыат бэйэтин кэмигэр төһө да аата уларыйа сырыттар, хайа да кэмҥэ судаарыстыбаннай хаһыат буоларын, сүрүн хайысхатын уларыппатаҕа. Дьонугар-сэргэтигэр былаас ыытар бэлиитикэтин кырдьыктаахтык тириэрдэ олорбута.

Дойду үрдүнэн буолбут уларыта тутуу бастакы уочарат сонуну киэҥник тарҕатар средстволарга дьайара ол биллэр. Бу кэмҥэ “Саха сирэ” хаһыат тэриллэн, дьонугар-сэргэтигэр буола турар балаһыанньаны, өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонун ылыныытын барытын тиһигин быспакка сырдата олорбута. Этэргэ диэри, сопхуостар эстибиттэрин кэннэ дьон-сэргэ санаатын түмүүгэ былааһы кытары тэҥҥэ үлэлэһэн барбыта. Ити кэмҥэ “Саха сирэ” хаһыат оруола наһаа улахан этэ.

Иккис өттүнэн, хаһыат балаһаларыгар норуот тирээн турар кыһалҕалара кырдьыктаахтык сырдатыллаллара. Кириитикэ эмиэ баара. Мин үлэлиир кэммэр ордук айылҕаны харыстааһын, быраамысыланнай тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын сырдатыы, кинилэри кытары үлэлэһии күүскэ барбыта. Улахан хампаанньалар салайааччыларыттан хаһыат быһаччы эппиэти ирдиирэ, кэлин салайааччылар хаһыакка хайдах курдук суолта биэрэрбитин көрө сылдьан, бэйэлэрэ да оннукка үөрэммиттэрэ. Бэрэсидьиэн быһыытынан хаһыатчыттарга бу маны суруйун, итини суруйуман диэн мин хаһан да сыал-сорук туруорбатаҕым. Кинилэр барытын бэйэлэрэ көрө сылдьан суруйаллара, ырыталлара. Ити үлэбэр олус көмөлөөх этэ. Суруналыыстарга, түгэнинэн туһанан, дириҥ махталбын этэбин.

Билигин төһө да кумааҕы хаһыаты ааҕар киһи аҕыйаата диэтэрбит да, хаһыат суолтата үрдүк. Хаһыакка, буолаары буолан национальнай, сахалыы хаһыакка, ураты сыһыан баар буолуохтаах. Интернет ситимиттэн бу буола турар быһылааны сонун быһыытынан ааҕан кэбиһиэхпит, онтон хаһыакка ол тоҕо буолбута, туохтан ситимнэнэн тахсыбыта барыта ырытыллар. Ити ырытан, ырыҥалаан көрөргө улахан суолталаах. “Кыым” саҕаттан Саха сиригэр ааттаах-суоллаах суруналыыстар үүнэн таҕыстылар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ көлүөнэ көлүөнэни солбуйуохтаах. Онуоха ити 85 сыллаах үбүлүөйү бэлиэтээбиппит биир улахан суолтата итиннэ сытар.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0