Аан дойду үрдүнэн ыалдьыбыт дьон ахсаана 36 мөлүйүөнтэн тахсыбыт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) чахчыларынан, коронавирус иккис долгуна намырыыра өссө даҕаны ыраах. COVID-19 ыарыыга алтынньы 9 күнүгэр аан дойду үрдүнэн ыалдьыбыт дьон ахсаана 36,36 мөлүйүөнтэн тахсыбыт. Ыарыы саҕаланыаҕыттан 1,05 мөлүйүөн киһи тыына быстыбыт.

edersaas.ru

Саамай элбэх ыалдьыбыт киһи АХШ иһигэр бигэргэммит — 7,63 мөлүйүөн киһи, иккиһинэн Индия турар — 6,9 мөлүйүөн киһи, үһүс миэстэҕэ Бразилия — 5 мөлүйүөнтэн тахса киһи.

Төрдүс миэстэҕэ Арассыыйа — 1, 272 мөлүйүөн киһи, бэһис миэстэҕэ Колумбия тахсыбыт. Бу дойдуга 886 тыһыынчаттан тахса киһи ыалдьыбыта бигэргэммит.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0