Волонтердар өрөспүүбүлүкэтээҕи штабтарыгар бырабыыталыстыба түөрт массыынаны биэрдэ

Ааптар: 
30.03.2020
Бөлөххө киир:

Коронавирус дьаҥа тарҕаныытын сэрэтэр уонна бохсор дьаһаллар чэрчилэринэн, Дьокуускайга Волонтердар өрөспүүбүлүкэтээҕи штабтара үлэлиир.

edersaas.ru

Аһыныгас санаалаах эдэр дьон бэйэни изоляцияланыы эрэсиимигэр, дьиэлэригэр хаайтаран олорор сааһырбыт дьоҥҥо көмөлөһөллөр. Ол курдук, инбэлииттэртэн уонна кырдьаҕастартан сайаапка хомуйан, маҕаһыынтан ас-үөл ылан биэрдилэр, ону таһынан ыттарын салгыҥҥа дьаарбаталлар.

Биһиги куораты бүтүннүтүн хабан үлэлиибит, – диир Волонтердар өрөспүүбүлүкэтээҕи штабтарыттан Алена Кычкина.Бүгүн 66 волонтер баар. Сайаапканы бастакы категориялаах инбэлииттэртэн, соҕотоҕун олорор сааһырбыт дьонтон уонна тыыл, үлэ бэтэрээннэриттэн хомуйабыт. Кинилэр тугу сакаастаабыттарын көрөн, маҕаһыыннартан ас-үөл, аптекаттан эмп-томп атыылаһаммыт дьиэлэригэр илдьэн биэрэбит. Холобур, бүгүн эбиэккэ диэри сүүрбэччэ сайаапка киирдэ.

Үтүө саҕалааһыны Ил Дархан өйөөн,  бырабыыталыстыба түөрт массыынаны биэрэн, билигин волонтердар онон сылдьаллар.

Даҕатан эттэххэ, Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын устудуонньара ыксаллаах быһыыга-майгыга кырдьаҕастарга көмөнү оҥорууга үөрэнэн, тустаах сэртипикээти ыланнар, волонтер хамсааһыныгар көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, Сардаана Попова бииргэ үөрэнэр дьүөгэтин кытары кырдьаҕастарга ас-үөл атыылаһан илдьэллэр уонна ыттарын дьаарбаталлар. Улуустарга эмиэ волонтердар этэрээттэрэ тэриллэн, көхтөөхтүк үлэлииллэр. Ити курдук түмсүүлээх буоллахпытына, уодаһыннаах дьаҥҥа бэриниэхпит суоҕа.  

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0