Бүлүү улууһун үрдүнэн уопсайа 50-тан тахса волонтер үлэлиир
Дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥынан суһал эрэсиим биллэриллэн, билигин волонтердар үлэлэрин үгэнэ күөстүү оргуйар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн волонтердар хамсааһыннара үгүс улуус ыччатын түмтэ.
Бүлүү улууһун ыччаты кытта үлэҕэ исписэлииһэ Гавриил Архангельскай улуус волонтердарын кытта ситимнээхтик үлэлиир. Бу туһунан маннык сырдатта:
— Бүлүү улууһун үрдүнэн уопсайа 50-тан тахса волонтер үлэлии сылдьар. Үлэбит сүнньэ диэн коронавирус дьаҥын кэмигэр аҕам саастаах уонна кыаммат-түгэммэт араҥаҕа көмөлөһүү буолар. Ас-үөл, эмп-том атыылаһан аҕалыынан эрэ муҥурдаммакка, биһиги, тыа сиригэр олорор буоламмыт хаар күрдьүүтэ, муус хаалааһын, докумуон илдьии-аҕалыы, пуочта таһыы, онтон да атын сорудахтарга күүстээхтик үлэлиибит.Бүлүү куоратыгар күннэтэ 5-6 волонтер дьуһуурустубалыыр.
Маны сэргэ, үлэни аҥардас волонтердарга эрэ соҥнообокко, бары тэрилтэлэр ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр. Ол курдук, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, оскуола кэлэктииптэрэ күргүөмнээхтик мааска тигиитинэн дьарыктаналлар. Мааскаларбытын аҕам саастаах дьоммутугар босхо түҥэтэбит. Ону сэргэ, олохтоох успуонсардар кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо аһынан-үөлүнэн эмиэ көмө оҥорбуттара. Уопсайынан эттэххэ, ыарахан кэмҥэ түмсэн, биир санаанан салайтаран үлэлиирбит үлэни да балаһыанньаны да арыый чэпчэтэр. Онон үлэлии-хамсыы сылдьар волонтердарбар түгэнинэн туһанан махтаныам этэ. Волонтердар хамсааһыннара бүтүн Арассыыйа ыччатын биир сомоҕо гына түмтэ диэн этиэхпин баҕарабын.
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru