Дьокуускай волонтердарыгар күн ахсын 150-нуу сайаапка киирэр
Дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥынан суһал эрэсиим биллэриллэн, билигин волонтердар үлэлэрин үгэнэ күөстүү оргуйар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн волонтердар хамсааһыннара үгүс улуус ыччатын түмтэ.
Дьокуускайга коронавирус дьаҥынан иллэҥ бириэмэлээх волонтер да суох. Волонтердары ситимнээн үлэлэтэр Алена Кычкинаҕа сибээскэ тахсан биир эмит волонтеру кытта кэпсэтиэхпин наадатын эттим. Онуоха кини миэхэ Мария Анисимова диэн волонтер кыыһы сибээстээтэ.
— Мин Мария Анисимова диэммин. 25 саастаахпын. 2017 cыллаахха ХИФУ историческэй факультетын бүтэрбитим. 2019 сыллаахха социология хайысхатын бүтэрбитим. Аан бастаан кыра кууруска үөрэнэ сылдьан маннык хамсааһын баарын истэн наһаа сэргээбитим. Онно хайдах эрэ ити хамсааһыҥҥа наһаа ымсыырбытым, интэриниэккэ киирэн көрбүтүм. Ыччаты түмэр улахан хамсааһыҥҥа кыттыһыах баҕам тулуппакка 2015 сыллаахха волонтердары бэлэмниир анал лааҕырга үөрэммитим. Уопсайа биэс сыл устата волонтердаатым. Араас дьону кытта билсэн, кэпсэтэн, чахчы бу хамсааһын олоҕу тупсарарга, дьоҥҥо үтүөнү оҥорорго наһаа туһалаах эбит дии санаабытым. Билигин Дьокуускай үрдүнэн волонтерскай хамсааһыннар элбэхтэр. Ол курдук оскуолаларга, орто анал үөрэхтэргэ уонна араас тэрилтэлэргэ бу хамсааһын күүстээхтик үлэлиир. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавирус дьаҥа турбутугар 2000 кэриҥэ волонтер хамсааһыҥҥа кыттыста.
Аҕам саастаах дьонтон күн ахсын 150-нуу сайаапка киирэр. Онно онлайн-волонтердар диэн бааллар, балар төлөпүөҥҥэ сибээскэ олороллор. Аҕам саастаах дьон тугу сакаастыылларын барытын суруналлар, испииһэктииллэр уонна сакааска сылдьар волонтердарга эрийэн аадырыстарынан үллэрэллэр. Дьэ, ону волонтердар атыылаһан куорат устун сакаас оҥорбут дьоҥҥо тарҕаталлар. Бу сакаас оҥорбут аҕам саастаах дьон атыылаһыннарар харчыларын хайдах төлүүллэрин, ол эбэтэр уу харчынан дуу, мобилнай баан нөҥүө буоларын дуу барытын онлайн-волонтердарга этэллэр. Оннооҕор ханнык маҕаһыынтан атыылаһыннаралларын кытта этэллэр. Автобуска волонтердар босхо сылдьабыт. Барыбытыгар анал дастыбырыанньа биэрбиттэрэ. Үлэбит чааһа сарсыарда аҕыстан киэһэ тоҕуска диэри барар. Аҕам саастаах дьон сакаастыыр бородуукталара биир соҕус. Үксүн килиэп, үүт, хортуоска, суорат, арыы уонна бурдук. Ардыгар оҕуруот аһа, фрукта сакаастыыллар.
Үлэ күнэ бүтүүтэ наһаа чэпчэки дууһалаах дьиэлиибит. Тоҕо диэтэххэ, коронавирус дьаҥын утары үтүө дьыаланы оҥордубут, кимиэхэ эрэ көмөлөстүбүт диэн астынабыт.
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru