Володя Художник

Ааптар: 
07.09.2022
Бөлөххө киир:

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ хас күһүн аайы Художник Володя аата ааттанар.

Худуоһунньук Болуодьаны итинник, нууччалыы моһуоннаан, «Художник Володя» диирбит.

Кини — биһиги дьиэ кэргэн үһүйээннэригэр бигэтик киирбит дьоруойдартан биирдэстэрэ.

Владимир Горохов оформитель-худуоһунньук этэ. Сопхуос салалтатын ыҥырыытынан, 1971 сыллаахха, сайын, оройуон кииниттэн тахсан,  бөһүөлэк хаба ортотугар турар хонтуора эркиннэригэр ыйыырга анаан былакаат-хартыыналары уруһуйдаабыта.

Биһиги ыкса ыалбытыгар Максимовтарга олорбута.

Будьурхай, хойуу, хап-хара, кылабачыгас  баттахтаах, тэрбэгэр хаастаах, уҥа хараҕынан утары одуулаһар кэмигэр хаҥас хараҕа чанчыгын диэки көрөр, сырдык, төгүрүк сирэйдээх, отучча саастаах элэккэй киһини оҕолор батыһа сылдьарбыт. Болуодьа биһиэхэ, оҕолорго, сыыҥкабай баах хаппаҕынан куйах, таара дьааһыгын чараас хаптаһынынан батас оҥортоон биэрэрэ. Куйаҕы «щиитэ», батаһы  «миэч» диирин дьиктиргии истэрбит.

Ол тэриллэринэн былыргы буойуттар буолан, «Даки», «Звезда Эгера», «Триста спартанцев», «Спартак» киинэлэргэ курдук, сэриилэһэ оонньуурбут.  Бастакы «Триста спартанцев » диэн киинэ черно-белай, сиэрийэтэ суох, историческай хартыына этэ. «Звезда Эгера» диэн киинэҕэ мадьыйаардар уонна туурактар сэриилэрэ көстөрө. Киинэ көрөргө биһирэмнээх дьоруойдары, холобур, спартанецтары, венгрдэри, «биһиэннэрэ» эбэтэр «сэбиэскэйдэр» диирбит, оттон утарсааччыларын  (перстэри, туурактары) «өстөөхтөр», «ньиэмэстэр» диирбит.

Сэриилээх оонньуурбут түмүгүнэн «биһиэннэрэ» үксүгэр кыайаллара.

Болуодьа худуоһунньук оҕолору кытта олус бэркэ тапсара.

Киэһэ күөх кырыстаах тиэргэҥҥэ тахсан, намыһах олох маска  олорон «Прибой» бөппүрүөскэтин ыксаабакка кылабачыгас тимир зажигалкатынан уматтара, табаҕын буруотун хантайан өрө үрэрэ уонна кини тула үмүөрүспүт оҕолорго биллиилээх ойууһуттар-уруһуйдьуттар тустарынан араас интэриэһинэй түбэлтэлэри кэпсиирэ.

— Василий Суриков биирдэ, Красноярскайга суруксутунан үлэлии сылдьан, дьыала-куолу кумааҕытын кэннигэр сахсырҕаны уруһуйдаан кэбиспит, — диэн биир кэпсээнин саҕалаабыта.

Биһиги, чугастыы олорор ыаллар оҕолоро, уонча буолан кини тула күөх окко олорбуппут.

— Арай, ол ойуулаах докумуон Замятнин күбүрүнээтэргэ тиийэр. Күбүрүнээтэр тойон, докумуону умса ууран баран, туран хаамыталаабыт. Онтон, көрдөҕүнэ, кумааҕытыгар сахсырҕа олорор эбит. Үүрээри, ытыһынан далбаатаан ааспыт. Сахсырҕа көппөтөх. Иккистээн сапсыйар — үөнэ кыһаммат. Дьэ, сыныйан көрөр. Онто, ойууламмыт сахсырҕа буолан хаалар. Тойон сүрдээҕин диэн  сөҕөр. Кузнецов диэн көмүһүнэн эргинэн байбыт промышленник киһини кытта кэпсэтэн, ол баай киһинэн үбүлэтэн, Суриковы Санкт-Петербурга художественнай академияҕа ыытар.

Суриков онно үөрэнэн, талаана арыллан, улуу худуоһунньук буолбут, — Болуодьа ити кэпсээнин бары олус сэргээн истибиппит.

Нэдиэлэни быһа тэтэрээт илииһигэр, хаһыат муннугар, эргэ учуобунньук форзаһыгар сахсырҕаны харандааһынан, чэрэниилэнэн (бөрүөлээх уруучуканан) уруһуйдаан тахсыбыппыт.

Ол эрэн, «дьиҥнээх курдук» ким даҕаны сатаабатаҕа бадахтаах.

Хас киэһэ аайы араас худуоһунньуктар тустарынан Болуодьа Худуоһунньук кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирин умсугуйан истэрбит. Дьоммут, эдэр киһи оҕолордуун бодьуустаһарын көрөн, хайҕаан: «Учууталлыах киһи уруһуйдьут буолбут», — дэһэн  кэпсэтэллэрэ.

Сайын устата  үлэлээн, Маркс, Ленин ойуулаах, цитаталаах эбэтэр лозуннаах хартыыналарын хонтуора эркиннэригэр ыйаан баран, Болуодьа төттөрү оройуон киинигэр киирбитэ.

Оччолорго оройуон кииниттэн күн аайы «Аан-Дыбаа» сөмөлүөт (ону арыт «Антошка» диирбит) бирилии тэлээрэн кэлэн барара. Көтөр аал дьону, буостаны (хаһыаты, сурунаалы, посылканы), киинэни аҕалара. Ханнык киинэ кэлбитэ тута биллэрэ: «сэриилээх» дуу, кэмиэдьийэ дуу,  индийскэй дуу.

Күһүн, балаҕан ыйын саҥатыгар, от-мас саһарар турдаҕына, Болуодьа  худуоһунньук Ньурбаттан таҕыста. Өссө биир хартыынаны ойуулуурга сакаас ылбыт эбит. Биһиги, кыра табаарыстара, кинини үөрэ көрүстүбүт. Бу сырыытыгар хайыһар торуоскатынан, катаанганан, алдьаммыт похуот-орон көҥдөй тимиринэн шпага, рапира, саабыла оҥортоото. «Три мушкетера» киинэҕэ курдук, хоруол уонна кардинаал сэрииһиттэрэ буолан оонньуур идэлэннибит.

Болуодьа тута быраабыла олохтообута: сирэйгэ, төбөҕө, ытыска, тарбахха, атах бэрбээкэйигэр охсуу, өтөрү түһүү көҥүллэммэт. Быраабыланы кэспит оонньуутунан туоратыллара. Онон, хата, улахан эчэйии тахсыбат этэ.

Балаҕан ыйын 5-с күнүгэр, өрөбүлгэ,  күннээх чэмэлкэй сарсыарда, аҕам миигин уонна быраатым Кыдааны илдьэ отоннуу барардыы тэриннэ. Болуодьа худуоһунньук, маҥан маайкалаах, хара  искиэрэлээх тиэргэҥҥэ сэрээккэлии туран, отоннуон баҕарарын биллэрдэ.

«Барыс. Көххө отоннос», — диэтэ аҕам.

Бары бэлэсипиэтинэн барар буоллубут.

Аҕам сырдык от күөх араамалаах, маҕан крылолардаах саҥа «Урал-дорожный» бэлэсипиэттээх. Миэнэ изумруд өҥнөөх «Подросток», Кыдаан киэнэ миэнин саҕа үрдүктээх,  халлаан күөх «Артек». Бу көлөлөрбүтүн аҕам буостанан, Посылторгтан, соҕурууттан суруттаран ылбыта. Лааппыга «Урал» бэлэсипиэт эрэ кэлэрэ. Бэл, «Школьник» биэлигин биир эмэ киһи, түбэстэҕинэ, оройуон кииниттэн ылан тахсара.

Болуодьа түһэр ыалын аҕатын Спиридон Петрович «Сура» диэн кыһыл, дамскай араамалаах биэлигин уларыста. Ыһыктаах, отоннуур иһиттээх үрүксээктэрбитин сүгэн (оҕолор этэрбитинэн, «сүүкэйдээн»), Семилетка уулуссанан Октябрьскай уулуссаҕа тахсан,  айаҥҥа туруннубут.

Отоннуур сирбит Баҕа Балык диэн. Бөһүөлэктэн алта-сэттэ биэрэстэни бардахха баар. Отордообут улуу сыһыытын туораан, тыа сиһин таҕыстахха кэлэр. Киэҥ ходуһалаах, ортотугар күөллэрдээх, бөдөҥ тииттэрдээх лиҥкир ойуурунан тулаламмыт мааны, дьоһун сир. Оччолорго тыата саһааннана, кэрдиллэ илигэ.

Чааһы кыайбат кэминэн, бастаан Солооһуннаах суол устун тырылатан, онтон Отордообут  ходуһатын суолунан элээрдэн, сиһи быһа түһэн, Баҕа Балыкка киирдибит. Бэйэбит отоннуур сирдээхпит. Онно тиийдибит. Бэлэсипиэттэрбитин кэриигэ, мастарга өйөннөрө туруортаан баран, үрүксээктэрбититтэн бүтүөммүтүн, солуурдарбытын хостоотубут. Мэһэмээннэрбитин ыллыбыт. Үөскэ киирэн отонноон бардыбыт. Отон бөҕө үүммүт, хоп-хойуу, бөп-бөдөҥ, буспут аҕай.

Мин мадьыырым саһархай эмааллаах кыра миискэ, лиитир кэриҥэ истээх. Быраатым киэнэ чэй иһэр  курууска. Аҕам иһит сууйар миискэни мэһэмээннэнэр.

Арай, Володя художникпыт отой да мэһэмээннэммэт эбит, тута биэдэрэтигэр хомуйар. Сөхтүбүт: отону итинник ылгыыр киһини дэҥҥэ көрөбүт.

Биһиги хаама сылдьан хомуйабыт. Болуодьа, арай, хойуу отонноох сири булан, өттүгэстээн сытынан кэбистэ уонна биир да отону хаалларбакка, ып-ыраастык, аа-дьуо итигэстээн барда.

Икки чаас курдук отонноон баран, ыҥырсан, кэриигэ тахсан омурҕаннаатыбыт.

Болуодьа буспут сымыыты хахтыы олорон, ымайа-ымайа кэпсээтэ:

«Оҕо сылдьан Ыһыахха сымыыт охсуһуннарар идэлээх этибит. Кимиэнэ алдьаммыт, сымыытын кыайбыт киһиэхэ биэрээччи. Мин сиэптэрим туолуор дылы сымыыт сүүйээччибин».

Худуоһунньук кэпсээнин бары сэргии иһиттибит. Кыдаан арыылаах килиэби мотуйарын быыһыгар ыйытар: «Сымыытыҥ олох алдьаммат дуу?»

Болуодьа бытыылкаттан сөрүүн чэйи ыймахтыыр, онтон хардарар: «Дьэ, тэстибэт. Оннук оҥорооччубун. Биир өттүн иннэнэн тэһэн баран иһинээҕитин сүүрдэн ылааччыбын. Онтон иһигэр кумааҕы килиэйин кутан кэбиһэбин. Силикон килиэй начаас хатар, Сымыыт таас курдук буолар. Хантан уонна хампарыйыай?»

Биһиги күлсэбит: киитэрэй ньыма эбит! Урут оннугу истэ илик этибит.

«Дьэ, онтон, биирдэ, Бүлүү ыһыаҕар, сымыыт охсуһуннара сырыттым. Биллэн турар, сүүйтэлии сылдьабын, өрүс тааһын курдук кытаанах спецсымыыттаах киһи кыайталыыбын буоллаҕа. Онтон, арай, биир бэйэм бараллаата уоллуун «киирсиэххэ» дэстибит. Сымыыттарбытын хостоон, морускуойдастыбыт. Мин урут саайар буоллум. Уолум сымыытын боччоччу тутан биэрдэ. Мин сымыытым оройунан оҕустум. Арай, сымыыттарбыт «чыҥ» гынан баран, төттөрү тэйдилэр, кимиэнэ да алдьаммата! Эмиэ оҥоһуулаах, спецсымыыттаах уол эбит. Биһиги, күлсэн баран, улахан дьоннуу илии тутуһан араҕыстыбыт».

Володя художник кэпсээниттэн бары дуоһуйа күллүбүт.

«Бэйэҕэр дылы «сатамньылаах» уолга түбэспиккин дии!» — аҕам күлэр, хара, халыҥ оправалаах ачыкытын көннөрүнэр.

«Оннук», — диир Художник, ис киирбэх сирэйигэр мичээр сыдьаайар.

Болуодьа Худуоһунньук ити кэпсээнин истэн баран, толкуйдуу түһээт, эттим: «Интэриэһинэй, дьэ. Итинник сымыыттаах киһиэхэ түбэһэн сүүйтэрдэрбин, албас көмөтүнэн кыайбытын биллэрбин, арааһа, абаккарыам, кыыһырыам этэ. Ол уолу «куһаҕан, массыанньык» диэм этэ. Оттон, дьээдьэ Володя, эйигин ити кэпсииргэр «массыанньык» диэн сыаналаабатым, «көрүдьүөс уол эбит» дии санаатым».

Эмиэ күлүстүбүт.

Болуодьа куударалаах баттаҕын өрө кэҕис гынна, онтон миигин төбөбүттэн имэрийдэ:

«Эн, Максим, өйдөөх уолгун», — диэтэ.

Онтон аҕам кэпсээтэ:

«Сымыыты биир аһылыкка иккини-үһү сиэххэ сөп. Сымыыт эт курдук, белок, куртахха ыарахан аһылык. Таайым Ньукулай Ыстаппаанап улахан уола Өндүрүүс  начаалынай кылааска үөрэнэ сылдьан, биирдэ, аҕыс сымыыты сиэн баран, иһэ ыалдьыбыта.  Онтон ыла биир аһылыкка үстэн элбэҕи сиэччитэ суох».

«Дьаархаҥҥа Сэмэн диэн киһи, Саҥа дьыл саҕана, уон икки сымыыты сиэбитэ үһү», — Болуодьа «Привет» бичиэнньэни тутан олорон эттэ.

«Оо!» — сөҕөн, бырааппынаан саҥа аллайдыбыт.

«Манна Хочооһой диэн аһастаах киһи баар. Кини биир олорон турууга түөрт уон сымыыты сиэбитэ диэн кэпсииллэр», — аҕам ачыкыта күн уотугар чаҕылыс гынан ылар.

Болуодьа Худуоһунньук төбөтүн быһа илгистэр, чыпчырынан кэбиһэр. Быраатым биһикки эмиэ сөҕө истэбит: тоҕо баһаамай!

Итинник, сымыыт тула сэһэргэһэн, наҕылыччы чэйдээн баран, салгыы отонноотубут. Болуодьа ылҕаан испит сиригэр төнүннэ.

Эмиэ чээлэй күөх  отон угугар сытан эрэн хомуйан барда.

Биһиги кэрийэ сылдьан үргээн табырҕаттыбыт.

Отоннуу сылдьан, арыт, саамай бөдөҥ, харааччы буспут отоннору айахпытыгар атаарабыт. Күһүҥҥү буспут  отон барахсан минньигэһэ диибин диэн! Киһи айаҕар аһыытыҥы-минньигэс сүмэһининэн туолан бэйэтэ ууллар.

Иһиттэрбитин толорон баран, охтубут тииккэ олорон, өйүөбүт ордугунан үссэннибит, чэйбитин истибит.

Өйдөөн көрбүппүт, Володя Художникпыт дьиэ оннун саҕа сиртэн, сытан эрэн, иһитин толорбут эбит!

Сүрдээхтик сөхтүбүт.

Эһиилигэр Володя Художник кэлбэтэҕэ. Бука, атын сиргэ сакаас ылан, үлэлии бардаҕа.

Балаҕан ыйыгар, отоннооһун саҕаламмытыгар,  кинини санаабыппыт. Отоннуу сылдьан ким эмэ хойуу отонноох сири буллаҕына, өттүгэстээн сытан үргээри гыннаҕына: «Володя Художник курдук үргүөм», — диэн саҥа аллайара.

Биллэн турар, уһуннук сыппат этибит, өлгөмүн бүтэрээт, атын сиргэ сыҕарыйарбыт.

Болуодьа Худуоһунньук Баҕа Балыкка ииспэрэйдик отоннообутуттан ыла биэс уонтан тахса сыл ааста. Ол тухары, күһүн аайы, отон кэмэ кэллэ даҕаны, кини аата биһиги дьиэ кэргэҥҥэ эбэһээт ахтыллан ааһар.

Ким эмэ «Художник Володя курдук» отонноон ылар.

«Эмиэ Художник Володя ахтылынна!» — диир кэргэним.

Оҕолорго, сиэннэргэ ол үтүөкэн, ураты киһи туһунан кэпсэнэр.

Дьэ, итинник, айылҕаттан педагог дьоҕурдаах, оҥоойуктаммат отонньут, талааннаах уруһуйдьут  Володя Художник биһиги дьиэ кэргэн фольклорун биһирэмнээх персонааһа буолан сылдьар.

Максим Ксенофонтов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0