Спорт биир саамай киэҥник тэнийбит көрүҥэр анаммыт тэрээһиннэр ый устата өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар, куораттарыгар, үөрэҕин кыһаларыгар, тэрилтэлэригэр ыытыллыахтара.
Олортон биир дьоһуннарынан бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүгэ буолар тыа сирин аҕыйах нэһилиэнньэлээх сэлиэнньэлэрин ортотугар өрөспүүбүлүкэтээҕи турниры ааттыахха сөп.
Эр дьон хамаандалара тохсунньу 18-20 күннэригэр “Золотой Алдан” күрэхтэһиигэ күөн көрсүөхтэрэ.
Оскуолаларынан үөрэнээччилэр ортолоругар “Көтөр мээчик” турнир түһүмэхтэрэ ыытыллыахтара. Түмүк күрэхтэһиилэр киин куоракка буолуохтара.
Оттон тохсунньу 26-27 күннэригэр Дьокуускай куоракка бэтэрээн волейболистар “Сэргэлээх Кубогар” күрэс былдьаһыахтара.
Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн ылылынна
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1