«Водоканал» Бүлүү бөлөх улуустарын ыраас уунан хааччыйыа

23.04.2019
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Бырабыыталыстыбатыгар «Водоканал» АУо үлэтин кэҥэтэр туһунан экэнэмиичэскэй сүбэ мунньах буолан ааста. «Атаҕар бигэтик турбут тэрилтэ аны өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсан, улуустары иһэр ыраас уунан хааччыйыаҕа. Бастатан туран, Бүлүү бөлөх улуустарыгар «Водоканал» ыраас ууну тиэрдиэҕэ», — диэн эттэ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов.

Маны олоххо киллэрэргэ уон сыллаах инвест-бырагыраама оҥоһуллубут. Сир аннынааҕы уонна өрүс уутун ыраастаан, магистральнай турба тутан, ол утаҕын нэһилиэктэринэн тарҕатарга сабаҕалаан көрүүнэн 1,3 – 3,8 миллиард солкуобай үп ороскуоттаныаҕа.

Онон «Водоканал» тэрилтэ куорат эрэ олохтоохторун буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ыраас уунан хааччыйан, үлэтин хайысхата биллэрдик кэҥиэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0