Александр Васильевич Власов 1957 сыллаахха Иркутскайга төрөөбүтэ. Иркутскайдааҕы норуот хаһаайыстыбатын институтун, Хабаровскайдааҕы политология уонна социальнай салайыы институтун бүтэрбитэ. Үлэтин 1978 сыллаахха Ааллаах Үүннээҕи геологическай-чинчийэр экспедицияҕа инженеринэн саҕалаабыта. СӨ Ыччатын миниистиринэн, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдэтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Ил Түмэн Судаарыстабаннай Мунньаҕын бастакы уонна иккис ыҥырыыларын дьокутаата.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1