Владивостокка диэри баара-суоҕа 5370 солкуобайга тиийиэххэ сөп…
Билигин Дьокуускайтан Уһук Илин куораттарыгар салгын тырааныспарынан, массыынанан уонна тимир суолунан айаннаан тиийэбит. Салгын тырааныспарын сыаната бэрт буолан, билигин үгүс дьон массыынаны биитэр тимир суолу талар.
Сөмөлүөт сыанатынааҕар пуойас сыаната икки-үс бүк чэпчэки. Тэҥнэбилгэ сөмөлүөт сыанатын ылан көрүөххэ. www.aviasales.ru саайтка Дьокуускайтан Владивостокка диэри «Якутия» АХ 14 130 солкуобайга, S7 билиэти олох даҕаны 23 829 солкуобайга атыылыыллар. Оттон Аллараа Бэстээх станциятыттан Владивостокка диэри плацкартнай богуонунан баара-суоҕа 5370 солкуобайга тиийиэххэ сөп. Купе сыаната – 7689 солкуобай. Уһук Илин киин куоратыгар диэри икки аҥаар суукканан айаннаан тиийэҕин.
Тимир суолунан Аллараа Бэстээхтэн айан-сырыы олохтонуоҕуттан, сыллата айаннааччы ахсаана элбээн иһэр. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Владивостокка, Благовещенскайга тиийэ быһаччы чэпчэки сыанаҕа айанныыр кыахтаннылар.
Үүммүт сыл бастакы ыйыгар «Саха сирин тимир суоллара» АХ ааспыт сыл тохсунньутунааҕар 2,6 төгүл элбэх киһини таспыт. Бу көрдөрүү 20,6 тыһыынчаҕа тиийбит. Бу Беркакит — Томмот — Дьокуускай хайысхатынан айан-сырыы аһыллыаҕыттан муҥутуур үрдүк көрдөрүү диэн хампаанньа пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Аллараа Бэстээх вокзалыттан ааспыт ыйга 5,7 тыһыынча киһи айаннаабыт.
Аллараа Бэстээх – Владивосток хайысхатынан пуойас сырыытын расписаниета
Ыйдар |
Аллараа Бэстээхтэн
поезд №327 17:00 чаастан (2 суукка 13 чаас 7 мүнүүтэ) |
Владивостоктан
поезд №061 18:50 чаастан (2 суукка 16 чаас 10 мүнүүтэ) |
Плацкарт, купе | ||
Тохсунньу | 03, 05, 07, 11, 13, 17, 19, 21, 25, 27, 31 | 02, 06, 08, 10, 14, 16, 20, 22, 24, 28, 30 |
Олунньу | 02, 04, 08, 10, 14, 16, 18, 22, 24, 28 | 03, 05, 07, 11, 13, 17, 19, 21, 25, 27 |
Кулун тутар | 02, 04, 08, 10, 14, 16, 18, 22, 24, 28, 30 | 03, 05, 07, 11, 13, 17, 19, 21, 25, 27, 31 |
Муус устар | 01, 05, 07, 11, 13, 15, 19, 21, 25, 27, 29 | 02, 04, 08, 10, 14, 16, 18, 22, 24, 28, 30 |
Ыам ыйа | 03, 05, 09, 11, 13, 17, 19, 23, 25, 27, 31 | 02, 06, 08, 12, 14, 16, 20, 22, 26, 28, 30 |
Бэс ыйа | 02, 06, 08, 10, 14, 16, 20, 22, 24, 28, 30 | 03, 05, 09, 11, 13, 17, 19, 23, 25, 27 |
Аллараа Бэстээх – Благовещенскай
Ыйдар |
Аллараа Бэстээхтэн
Поезд №327 17:00 (1 суукка 16 чаас 29 мүнүүтэ) |
Благовещенскайтан
Поезд №081Ч «Гилюй» 16:53 (1 суукка 17 чаас 7 мүнүүтэ) |
Плацкарт, купе | Плацкарт, купей | |
Тохсунньу | 01, 03, 05, 07, 09, 11, 13, 15, 17, 19, 21, 23, 25, 27, 29,31 | 01, 03, 05, 07, 09, 11, 13, 15, 17, 19, 21, 23, 25, 27, 29,31 |
Олунньу | 02, 04, 06, 08, 10, 12, 14, 16, 18, 20, 22, 24, 26, 28 | 02, 04, 06, 08, 10, 12, 14, 16, 18, 20, 22, 24, 26, 28 |
Кулун тутар | 02, 04, 06, 08, 10, 12, 14, 16, 18, 20, 22, 24, 26, 28, 30 | 02, 04, 06, 08, 10, 12, 14, 16, 18, 20, 22, 24, 26, 28, 30 |
Муус устар | 01, 03, 05, 07, 09, 11, 13, 15, 17, 19, 21, 23, 25, 27, 29 | 01, 03, 05, 07, 09, 11, 13, 15, 17, 19, 21, 23, 25, 27, 29 |
Ыам ыйа | 01, 03, 05, 07, 09, 11, 13, 15, 17, 19, 21, 23, 25, 27, 29, 31 | 01, 03, 05, 07, 09, 11, 13, 15, 17, 19, 21, 23, 25, 27, 29, 31 |
Мантан аллараа «Саха сирин тимир суолларын» араас хайысхаларынан билиэт сыанатын көрүөххэ.
edersaas.ru