Владимир Томскай — Күрүөкүннээх хоһоонноро

04.04.2017
Бөлөххө киир:

Хоһооннор:

Саҥа дьыл

Дьон-аймах үөрүүтүн

Дьоллорун барҕарда,

Соргулаах күн үүннэ

Саҥа дьыл сарсыарда.

Кыыдааннаах кыһыммыт

Килбиэннээх киэргэлэ,

Кылбара тэлгэммит

Кырыа-хаар тиэргэҥҥэ.

Саҥа дьыл-үтүө күн

Сүргэни көтөҕөр,

Сайынныын күн бүгүн

Сахабыт сиригэр.

Дьон ахсын үөрүүнү

Доҕоттор, аныаҕыҥ,

Саҥа дьыл киэһэҕэ

Соргуну ыллыаҕыҥ!

2014 с.

Кырдьаҕастар күннэрэ

Кэлбит саҥа үйэҕэ

Кырдьар кырыыс диэбэттэр

Кырдьаҕастар күннэригэр

Кырдьык көхтөөх эбиттэр.

Ааспыт үйэ сэриитин

Суостаах уотун билбиттэр,

Тыылга үлэ тыйыһын

Түөстэринэн тэлбиттэр.

Көҥүл дьиҥнээх дьоллорун

Көмүскээбит норуоттарбыт,

Хара санаа дьайдарын

Хараҥатын кыайбыттара.

Сайдар үйэм ыччата,

Кинилэргэ сүгүрүйүҥ

Номох буолбут ааттарын

Ахтар, саныыр буолаарыҥ…

Күрэҥсийбит баттахтаах

Кырдьаҕастар күннэрэ

Мэлдьи маннык түмсүүлээх

Уруйдана туруохтун!

2014

Эдэр сааһым доҕотторугар

Элэс гыммыт эдэр сааспын

Эмиэ ахтан кэлэбин,

Элик чэгиэн доҕотторуом,

Эһигини суохтуубун.

Ханна, ханнык олох суолун

Хайысхатын таллыгыт,

Хайдах сиргэ ханыы тардан

Киһи бэрдэ дэттигит…

Умнуллубат эдэр сааспыт

Уйулҕата уһуктар

Доҕотторум тэлэн ааспыт

Аартыктарын сырдатар.

Дьүкээбил

Дьүкээбил дьиримниир үҥкүүтүн

Тордоҕум аттыттан көрөрүм,

Долгуннуу түүллэҥниир суһумун

Долгуйа олус да сөҕөрүм

Хотугу халлааным кыысчаана

Хоһуун дьон тапталын абылаан,

Буркун тыал аргыстаах булчукка

Былааккын далбаатыы хааларыҥ.

Олоҕум ортоку оломор

Оймообут хаардарбын сырдатан,

Дьиктикэй уоккунан тырымнаан

Миэхэҕэ мичээрдиир буоларыҥ.

Өр буолла туундарам урсуна

Оҕотун киин сиргэ атаарта,

Бу манна кырса кыыл талыытын

Бултаабат буолбутум ыраатта.

Дьүкээбил, дьүкээбил барахсан,

Дьиэрэҥкэй тэбэҥҥин үҥкүүлээ,

Байаҕал эбэккээм чэҥ тыынын

Бар дьонум дьүүлүгэр бэлэхтээ!

2015с.

Эдэр киһиэхэ алгыс

Чөл олох чэлгийэр ыллыгын

Эйиигин таллын диэн хоһуйдум,

Инники олоруох олоххун

Чэбдик күүс арыаллыан баҕардым.

Эн дэллэм сайаҕас санааҕын

Бар дьонуҥ үрдүктүк сыаналыа

Эдэр саас ньиргийэр аартыгар

Эн сэмэй олоҕуҥ ананыа.

Ол иһин эдэркээн доҕоруом,

Тулалыыр эйгэҕин харыстаа,

Дойдугун, бар дьоҥҥун, тапталгын

Сүрэхтиин нөрүйэн эн таптаа.

Бу тыйыс, будулҕан кэмнэргэ

Бар дьоҥҥор эн тириэрт санааҕын,

Тырымнас күннэрдээх эрэлгэ

Тиксиэхтээх санааҕын үллэһин.

Эйиигин норуокка туһалаах

Эр Бэрдин ньургуна буолуо диэн

Туймаардан ньүөлүйэр алгыстаах

Тулааһын түөрэхпин бырахтым!

2017с.

 Владимир Томскай — Күрүөкүннээх, «Саха сирэ» хаһыат общ. корр.

Томскай В.Н.

ЫСПЫРААПКА:

Томскай Владимир Николаевич — Күрүөкүннээх.

1942 с олунньу 11 күнүгэр Усуйаана оройуонун Күүрэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ

Суруйааччы, бэйээт, хас да поэтическай кинигэ ааптара.

1. “Дьааҥыга саас иһэр” 2005 с. “Бичик” издательство.

2. “Ахтылҕан” 2014 с. “Бичик” издательство

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0