Владимир Тимофеев: “Оҕону үөрэтии – олоҕум анала”

Ааптар: 
24.08.2021
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр эр дьон, чуолаан, алын кылаас учуутала тарбахха баттанар. Кинилэри кытта сэһэргэһэр даҕаны ахсааннаах. Онон саҥа үөрэх дьылын көрсө Дьокуускай куораттааҕы Саха политиэхиньиическэй лиссиэй алын кылааһын уопуттаах учууталларыттан биирдэстэрин Владимир Тимофеевы кытта үөрэх боппуруостарын, оҕону иитии тула кэпсэттибит.

“Талан ылбыт идэм”

— Владимир Владимирович, мэлдьи учуутал буолар санаалааҕыҥ дуу эбэтэр атын идэҕэ туттарсан көрбүтүҥ дуу?

— Оскуоланы бүтэрээт эрдэттэн былааннаммытым курдук Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэскэ алын кылаас учууталын идэтигэр киирбитим. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан учууталларым эрдэттэн педагог идэтигэр туттарыс, эйиэхэ барсар диэн өрүү сүбэлииллэрэ уонна оҕолорго көмөлөһө үөрэммит буолан бэйэм даҕаны оскуола олоҕор сыстаҕас этим. Чахчы мин идэм эбит диэн салгыы Педагогическай институкка үрдэтиммитим, кэлин магистратураны бүтэрбитим.

— Төрүттэргэр педагогтар бааллар дуу?

— Төрөппүттэрим атын идэлээх дьон. Арай, норуот учуутала Михаил Андреевич Алексеев ийэм абаҕата буолар.

— Тыый, Михаил Андреевич педагогикаҕа сүҥкэн уопутун туһанан эрдэҕиҥ.

— Биллэн турар, норуот учууталын олоҕун, үлэтин уопутун билэбин. Физиканы уонна алын кылаас оҕолорун үөрэтии арыый уратылаах. Ол эрээри, кини курдук үөрэнээччилэрбин олимпиадаҕа хото кытыннарарга дьулуһабын, куоракка сыллата үс-түөрт оҕом кыттар.

— “Учуутал идэтин талбатаҕым буоллар, атын сиргэ үлэлиэм этэ” диэн санаалар охсуллан ааһаллар дуо?

— Суох. Учуутал идэтигэр анаан-минээн, эрдэттэн былааннанан баран үөрэнэ киирбитим. Үлэбин сөбүлүүбүн, олох кэмсиммэппин. Кэлэктиип даҕаны түмсүүлээх, үлэлииргэ усулуобуйа барыта баар. Лиссиэй дириэктэрэ Тимофеева Надежда Константиновна учууталлар, оҕолор тустарыгар табыгастаах усулуобуйаны барытын оҥордо. Кэлэктиип, төрөппүттэр, үөрэнээччилэр ааттарыттан махтанабыт.

Бастакы уруок

— Бастакы ыыппыт уруоккун өйдүүгүн дуу? Хайдах ааспытай?

— Училищеҕа үөрэнэр кэммэр дойдубар Бүлүүгэ быраактыкабар ыыппыт аһаҕас уруокпун бу баардыы өйдүүбүн. Учууталлары кытта эрдэттэн кэпсэтэн, мэтэдиистэри кытта быһаарсан баран уруоктары ыппыппыт. Сөбүлээбиттэрэ, уруккуттан учууталлыыр курдуккун диэбиттэрэ. Училищеҕа олус үчүгэйдик бэлэмнииллэр, барытын сааһылаан, тугу кэпсиирбитин быһааран биэрэллэр. Онон долгуйбатаҕым, эрэх-турах санаалааҕым. Училищены кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Уопсайа сэттэ уонча буолан бүтэрбиппит эрээри, идэтинэн аҕыйах киһи үлэлии барбыта.

— Уустук майгылаах оҕолор бааллар дуу? Хайдах үөрэтэҕин?

— Эр киһи тутуоҕа, уопсай тылы булуоҕа диэн эбитэ дуу, миэхэ үксүгэр уолаттары, уустук майгылаах оҕолору ыыталлар. Ол эрээри, хара маҥнайгыттан улахан киһилии, дуоспуруннаахтык кэпсэттэххэ, убаастабыллаахтык сыһыаннастахха оҕо учуутал тылын өйдүүр, уоскуйан истэр, ылынар. Кэлин, оҕобут тосту уларыйда диэн төрөппүттэр махтаналлара үгүс.

Маҥнайгы кылаас

— Быйыл эйигин маҥнайгы кылаастары ылар диэн истибитим.

— Саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии саҕаланна. Аныгы олох сиэринэн бассаап бөлөҕүн тэрийэн, төрөппүттэр тугу атыылаһыахтаахтарын номнуо кэпсэппиппит, биирдиилээн туох мунаарар боппуруостаахтарын ыйыталаһаллар.

Коронавирус дьаҥа ааҥнаан, былырыын бастакы кылаастар үөрэнэллэригэр улаханнык эрэйдэммиттэрэ. Алын кылаастарга оскуолаҕа тиийэн, учуутал утары олорон илэ үөрэнэллэрэ быдан тиийимтиэ. Көмпүүтэр нөҥүө дорҕоону даҕаны үөрэтэр уустуктардаах. Ол иһин төрөппүт эрдэттэн, саатар, буукубаны үөрэтэ турара ордук быһыылаах диэн түмүккэ кэлбитим.

— Сорохтор “оҕо оскуолаҕа ааҕан киирэрэ ордук”, атыттар “учууталлар хамнастаах үлэһиттэр, аахтардыннар” дииллэр. Эн санааҥ хайдаҕый?

— Оҕо оскуолаҕа номнуо ааҕан киириитэ, кини айылҕаттан билэ-көрө сатыыр дьоҕурун, үөрэҕи ылынарын туоһулуур. Маннык оҕо оскуолаҕа бардаҕына үөрэнэргэ бэлэм буолар. Мин санаабар, бары ааҕар эбэтэр бары аахпат оҕолор киирэллэрэ ордук. Ол эрээри, биһиги санаабыт хоту буолбата чуолкай. Аахпат оҕо хаалан хаалыан, сорохтор аһара түһүнэн үөрэххэ интэриэстэрэ сүтэн хаалыан сөп. Ол иһин таба көрүҥү тутуһан, билиилэрин таһымыгар сөп түбэһэр сорудаҕы биэрэр ирдэнэр.

Хайдах даҕаны билиилээх, майгылаах оҕо кэллин – учуутал үөрэтэр эбээһинэстээх. “Ааҕар-аахпат”, “бу оҕону ылабыт”, “ити оҕону ылбаппыт” диэн араара барбаппыт. Оҕо – пластилин тэҥэ. Маҥнайгы кылааска хайдах үөрэтэҕин, иитэҕин алын сүһүөҕү ол курдук түмүктүүр.

Оскуолаҕа барбаппын”

— Оскуолаҕа барбаппын диэн кыккыраччы аккаастанар оҕолору хайдах бэлэмниибит?

— Атырдьах ыйыттан саҕалаан оҕону сыыйа эрэсиимҥэ киллэрэр наада. Төрөппүт оскуола туһунан кэмиттэн-кэмигэр, түгэниттэн көрөн оскуола үчүгэйин туһунан кэпсиирэ, билиһиннэрэрэ ордук. Холобур, төрөппүт “оскуола куһаҕан”, “учуутал куһаҕан” диэн оҕо истэригэр саҥардаҕына, биллэн турар, оскуола туһунан омсолоох эрэ өйдөбүллээх боруогу атыллыыра чахчы.

Оскуола билии ылар, үөрэххэ бэлэмниир кыһа диэн эрдэттэн өйдөтөр, бэлэмниир, оҕом үөрэхтээх киһи буолан үлэһит аатын сүгүө диэн оскуолаттан улахан тутулуктааҕын быһаарар ордук.

— Владимир Владимирович, төһө кытаанах учууталгыный, “икки” сыананы төһө туруораҕын?

— Кырдьыгын эттэххэ, сыанам сымнаҕас соҕус, олус элбэх “биэһи” эмиэ туруорбаппын, атыттарга холоотоххо, туйгун үөрэнээччим аҕыйах. Быйыл эрэ үс туйгуннаахпын, ол иннинээҕи сыл биир оҕо баара, уруккуларга суох этэ.

Аныгы оҕо билиитэ-көрүүтэ киэҥ, сайдыылаах диэн бэлиэтии көрөбүн. Ааҕаллар, интэриниэттэн бэйэлэрэ информацияны хасыһан була-тала сатыыллар. Аны төрөппүттэр эрдэттэн оҕоҕо сөптөөх араас интэриэһинэй, туһалаах бырагыраамаларга суруйтараллар, куруһуоктарга сырытыннараллар. Онон билиҥҥи оҕо үөрэххэ талаһар.

— Сорохтор төттөрүтүн интэриниэккэ үөрэнэн кинигэни аахпаттар, чиҥ билиитэ суохтар, үрдүнэн эрэ билиилээхтэр дииллэр.

— Үөрэх федеральнай ыстандаартынан (ФГОС) оҕо информацияны бэйэтэ була, хасыһа үөрэниэхтээх диэн ирдииллэр. Урут учууталы таһынан билиини кинигэттэн эрэ ааҕан билэрэ. Билигин баай ис хоһоонноох, дьэрэкээн ойуулаах энциклопедияттан саҕалаан, интэриниэккэ тиийэ араас кыах бэриллэр. Ону хасыһа таарыйа тэҥнээн, ырытан көрөр, толкуйдуур. Аны араас дойдуга сылдьар буолан билиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥ.

— Куорат оскуолатыгар оҕо ахсаана элбэх. Үөрэтэргэ төһө уустугуй?

— Ирдэбилинэн, нуорма быһыытынан кылааска 25-тэн эбиллиэ суохтаах. Куорат учууталлара элбэх оҕоҕо үөрэммиппит эрээри, уруокка барыларыттан (ааспыт үөрэх дьылыгар 36 үөрэнээччилээҕим) ыйытарга, хас биирдиилэригэр болҕомто уурарга бириэмэ тиийбэт.

Алын кылааска – эр дьон учуутал

— Кырдьыгын эттэххэ, алын кылааска эр дьон учуутал букатын аҕыйах быһыылаах.

— Дьокуускай куоракка бэһиэбит, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэхпит быһыылаах. Биһиги лиссиэйбитигэр иккиэ этибит, биирбит дириэктэринэн ананна, кини оннугар быйыл саҥа учуутал, эмиэ эдэр киһи кэллэ. Итиэннэ Саха гимназиятыгар, “Айыы Кыһата” гимназияҕа уонна 29-с оскуолаҕа бааллар.

— Хантан уопут ылаҕыт, санаа атастаһаҕыт?

— Биһиги оскуолабытыгар бэрт уопуттаах, дириэктэри солбуйааччы Ирина Михайловна Иванова үлэлиир. Уруоктарбытын кини көрөр. Аны үгүс сыл үлэлээбит учууталлардаахпыт кинилэртэн сүбэлэтэбит, тиһигин быспакка сэминээрдэргэ сылдьабыт.

Аҕыйах сыллааҕыта Казахстааҥҥа уопут атастаһар соруктаах баран кэлбитим. Биһигиттэн уратыта диэн, бэһис кылаастан саҕалаан үгүс кылаастарга уолу-кыыһы арааран үөрэтэллэр эбит. Учуутал чопчу үөрэтиинэн дьарыктанар, ол оннугар тьютор бэлэмнээн, тэтэрээттэрин бэрэбиэркэлээн биэрэр. Инньэ гынан, учуутал уруокка бэлэмнэнэригэр бириэмэ чорботоллор эбит.

— Элбэх оҕолоох оскуолаҕа гендернэй үөрэтии кыаллыан сөп дуо?

— Мин санаабар, арааран үөрэтиини уол уонна кыыс туһунан өйдөбүлү ылбыттарын кэннэ, бэһис кылаастан киллэрэр табыгастаах быһыылаах. Арыый улаатан үөрэххэ талаһар саастарыгар бииргэ үөрэннэхтэринэ аралдьыйаллара элбэх диэн көрүүлээхтэр эбит. Иитиилэрэ даҕаны биһигиттэн арыый уратылаах. Олимпиадаларга хото бэлэмнииллэрин биһирээбитим.

Ыраахтан үөрэх

— Оҕону быһаччы үөрэтэр учуутал ыраахтан үөрэҕи туох дии санаатыҥ? Тугу уларытыахха, эбиэххэ сөбүй?

— Ыраахтан олорон үөрэтии (дистанционнай) кыра кылаас үөрэнээччилэригэр букатын табыгаһа суох көрүҥ. Улааппыт, номнуо үөрэххэ дьулуһар дьоҥҥо ордук барсар. Ирдэбилинэн алын кылаас үөрэнээччитин 15 мүнүүтэ эрэ көмпүүтэринэн үөрэтэрбит көҥүллэнэр. Оҕо хаһан киириэр, холбонуор диэри бириэмэ барар. Сорохтор кыайан холбоммокко онно тардыллаллар. Кыра кылаас оҕото тутан-хабан, тэҥнээн көрөн ылынар, бөлөҕүнэн, иккилии буолан үөрэтии быдан тиийимтиэ, өйдөнүмтүө.

Аны дьиэҕэ үлэлэрин толорон баран бассаабынан ыыталлар. Үс уруогу ыыттахпытына 36 оҕо тухары учуутал сүүстэн тахса сорудаҕы бэрэбиэркэлиир. Ким эрэ кэмигэр, ким эрэ хойут ыытар. Бу учууталга ноҕуруускалаах. Сорудаҕы, дьиэҕэ үлэни толорон ыытар туох эрэ туспа бырагыраама толкуйдууллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Бэрэбиэркэлиир үлэ, эксээмэн…

— Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэни, сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (ОГЭ), биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) төһө биһирээтиҥ?

— Алын кылаас үөрэнээччилэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир (ВПР) үлэни толороллор. Оҕолор интэриэһиргииллэр. Сорудаҕа барыта майгыннаһар, үчүгэйдик эрчиллибит оҕо туох даҕаны уустуга суох туттарар. Уруогу таһынан булгуччу бэлэмниибит. Билигин бэлэмнэнэргэ анал тэтэрээт дэлэй, ону туһаныахха сөп.

Үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаартынан учуутал аныгы оҕону бэйэтэ толкуйдаан, аттаран таһаарарыгар көҕүлүөхтээх, үөрэнэргэ үөрэтиэхтээх. Онон кэлин бэрэбиэркэлиир үлэни толоруу хаачыстыбата эмиэ үчүгэй.

Судаарыстыбаннай эксээмэннэри биир бэйэм сирбэппин. Оҕо ханна даҕаны ыраах барбакка-кэлбэккэ үөрэххэ тута киирэригэр бэрт табыгастаах диэн көрөбүн. Саамай сүрүнэ, кыһаллан бэлэмнэнэллэрэ, үөрэнэллэрэ наада.

Учуутал идэтин икки өрүтэ

— Сүүрбэччэ сыл учууталлаабыт педагог идэҥ үтүө, мөкү өрүттэрин ааҕыаҥ буолаарай. Баҕар, толкуйдана сылдьар эдэр дьон туһаныа. 

— Учуутал атын үлэһит курдук үлэтиттэн аанын сабан таҕыста да сынньанара кыаллыбат. Дьиэтигэр тиийэн киэһэтин сарсыҥҥы уруогар бэлэмнэниэн, тэтэрээт бэрэбиэркэлиэн, карточка, презентация оҥоруон наада — син биир сарсыҥҥы күнүн саныы сылдьар. Атын идэлээх дьон курдук “ааммын саптым да, үлэбин умнубут киһи” дии саныыбын.

Эбиэккэ диэри уруок ыытабыт, эбиэт кэнниттэн куруһуок, күн аайы сүүстэн тахсалыы тэтэрээт… Алын кылааска хас биирдии дорҕоону, сыыппараны барытын көрөр, көннөрөр наада. Оччоҕо эрэ кырачаан киһиэхэ сөпкө суруйуу, суот сатабыла иҥэр. Ол гынан баран, аны уруок ыытарбын, оҕону үөрэтэрбин олус сөбүлүүбүн. Оҕо аймах ортотугар сылдьар, кинилэри кытта алтыһар туохтааҕар даҕаны үчүгэй, туһалаах. Үс ый уоппускалаахпыт, иккилии сыл буола-буола айаммыт төлөбүрүн уйуналлар.

— Учуутал чопчу уруогун ыыппакка, үгүс бириэмэтэ докумуону толорууга барар дииллэр.

— Электроннай сурунаал киириэҕиттэн үлэбит быдан көҕүрээтэ, чэпчээтэ, сорох отчуоту дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччылар бэйэлэрэ толороллор. Онон технология киириитин үтүө өрүтэ номнуо биллэр. Көмпүүтэр үлэбитин быдан түргэтэттэ.

Арай, үөрэх миниистирэ…

— Арай, дойду үөрэҕин миниистирэ эбитиҥ буоллар үөрэххэ чопчу тугу уларытыаҥ этэй?

— Арааһа, үөрэх кинигэтин ис хоһоонун уларытыам этэ. Сороҕор оҕо, төрөппүт даҕаны кыайан суоттаабат, олус уустук садаачаларын биэрэллэр. Урукку сэбиэскэй кинигэлэр бэрт өйдөнүмтүө этилэр.  Манна уларытыы киллэриэм эбитэ дуу.

Итиэннэ дьиэҕэ үлэни толорорго элбэх босхо электроннай былаһааккалары бэлэмниэм этэ. Сорудахтарын толордулар даҕаны тута ыытар гына. Учи.ру, атын даҕаны порталларга баар эрээри, бириэмэтэ болдьохтоох. Аны судургу сорудахтарга босхо, салгыы дьарыктанар – төлөбүрдээх.

Учуутал хамнаһа

— Аныгы учуутал хамнаһа хайдаҕый? Үөрэхтэрин саҥа бүтэрбиттэр, эдэрдэр тоҕо эрэ оскуолаҕа үлэлии барарга тиэтэйбэттэр.

— Бука, оскуолаттан тутулуктаах быһыылаах — сорохторго намыһах, сорохторго сөбүгэр. Ол гынан баран алын кылаас учуутала олус элбэх көрдөрөн үөрэтэр босуобуйаны атыылаһар. Иккис курдук, итиннэ эмиэ балайда элбэх үп-харчы барар.

Алын кылааска үлэтэ элбэх буолан эбитэ дуу, учуутал тиийбэт. Тыаттан кэлбиттэр ыарырҕатан, оҕо ахсаана элбэҕин иһин атын үлэҕэ көһөллөр. Эдэрдэр биир-икки сыл үлэлээн баран атахтарынан куоталлар. Биллэн турар, саҥа саҕалыыр учуутал хамнаһа намыһаҕа биллэр. Ол эрээри, учуутал, ханнык баҕарар үлэһит барыта ити түһүмэҕи ааһан, күн бүгүҥҥэ диэри оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сыратын ууран кэллэҕэ.

Биир үксүн оҕото элбэҕиттэн саллаллар быһыылаах. Куоракка сыллата маҥнайгы кылааска киирэр оҕо ахсаана эбиллэ турар. Мин Бүлүүттэн кэлэрим саҕана, биһиги оскуолабытыгар үс маҥнайгы кылаас баара, билигин — алталыы-аҕыстыы. Кылаас аайы кырата отуттуу оҕо үөрэнэр. Уопсайа, 1400-чэкэ оҕо баарыттан, сэттэ сүүһэ алын сүһүөххэ.

Куоракка сахалыы үөрэтии

Элбэх эбит. Сахалыы үөрэтиигэ, иитиигэ туох санаалааххын?

— Оҕо төрөөбүт тылын булгуччу билиэхтээх. Саха оҕото сахалыы билбэт буоллаҕына, дойдутун алгыһын ылыммат, ийэ үүтүн кытта бэриллэр баайын иҥэриммэт. Быйылгы маҥнайгы кылааска киирэр оҕолор төрөппүттэрэ үгүстэрэ нууччалыы кылааска киллэрэбит диэн баҕа санааларын биллэрдилэр. Оҕо саҥарбат эрээри өйдүүр да түгэнигэр саха кылааһыгар киллэриҥ диэн ыҥырабыт. Ылынар оҕо син биир сахалыы үөрэниэҕэ, кыаллыбатаҕына саатар дорҕоону билиэҕэ. Аныгы технология омсолоох өрүтэ быһыылаах.

Оскуолаҕа олорор сирдэринэн ылар буолан, нуучча кылааһын аспаппыт диэн аккаастанар бырааппыт суох.

Учуутал

— Учуутал үлэтин көрдөрүүтүн тугунан сыаналыахха сөбүй?

— Чопчу бу диэн этэр кыаллара саарбах, бары көрдөрүүтэ ааҕыллан эрдэҕэ. Алын кылаас учууталлара оҕо төрдүс кылааһы бүтэрэригэр маннык (модель выпускника) үөрэнээччини иитэн таһаарыахтаахпыт диэн көрүүлээхпит. Онно үөрэх эрэ буолбакка, иитии эмиэ сүрүн оруолу ылар. Учууталы таһынан уйулҕа үлэһитэ, оскуола кэлэктиибэ барыта кыттар. Мин санаабар, киһилии сиэрдээх-майгылаах, олоххо бэлэмнээх, бэйэтин миэстэтин булар кыахтаах киһини иитэн таһаарыахтаахпыт. Үөрэҕэр мөлтөҕүн иһин, баҕар, олус үчүгэй асчыт, сатабыллаах суоппар буолуо. Хайаан даҕаны үрдүк үөрэххэ киирбитинэн сыаналыыр тутах.

— Учуутал аатын-суолун үрдэтэр туһугар туох үлэ ыытыллара нааданый?

— Биир бэйэм сүүрбэччэ сыл учууталлаатым эрээри, учууталы намыһахтык туппуттарын дуу, куһаҕаннык саҥарбыттарын дуу истэ иликпин. Оҕолор бэрээдэктээхтэр, култууралаахтар. Сэбиэскэй кэмҥэ хайдах этэй? Учуутал олоппоһун миэлинэн марайдаан, уу кутан, кунуопка ууран — быракаастара элбэх буолара. Билигин оннук оҕо суох.

Үлэлээбит сылым үксээтэҕин аайы, педагог идэтигэр үөрэммит эрэ киһи барыта учуутал буолар кыаҕа суох эбит диэн өйдөбүлүм чиҥээн иһэр. Сайынын лааҕырга үлэлээччим. Элбэх устудьуон кэлэн быраактыкаланааччы, холонон көрөөччү уонна букатын биһиги идэбит буолбатах эбит диэн кыккыраччы аккаастанааччы.

— Хас кылааһы бүтэртэрдиҥ?

— Идэбинэн салгыы үлэлиир былааннаахпын. Учуутал идэтин талар үөрэнээччилэрдээхпиттэн сэмээр үөрэбин. Билигин ыччат ордук тиэхиньиическэй идэлэри биһириир.

Учууталлыырым тухары, уопсайа, түөрт кылааһы бүтэртэрдим. Бастакы кылаастарым устудьуоннаан бүтэн, сыыйа ыал буолан, кыралаан үөрэппит оҕолорум сыбаайбаларыгар сылдьан эрэбин.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0