Владимир Солодов: “Бүддьүөт ыгым балаһыанньаланна”

Ааптар: 
28.03.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн толорууга аан дойду ырыынагар үөскээбит чахчылар сабыдыаллыыллар. Чуолаан, дуоллар кууруһун сабыдыала, ньиэп уонна гаас сыанатын хамсааһына, алмааска наадыйыы аччааһына.

edersaas.ru

Бүддьүөт балаһыанньатын туһунан кулун тутар 27 күнүгэр буолбут брифиҥҥэ СӨ премьер-миниистирэ Владимир Солодов иһитиннэрдэ. “Бу үс көрдөрүүгэ олоҕуран биһиги араас барыллары сабаҕалыыбыт. Кырдьык, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уустук турукка сылдьар. Алмаас салаата саамай эмсэҕэлээбит салаанан буолар чинчилээх – баай-киэргэл биридимиэтигэр наадыйыы түстэ. Европаҕа уонна АХШ-ка ыгым быһыы көстөр. Оттон Кытайга ырыынак сэргэхсийэн эрэр. Дьэ, маннык утарсыылаах балаһыанньа үөскээтэ. Алмааһы атыылааһыҥҥа былырыын уонна быйыл даҕаны уустук балаһыанньа тирээтэ.
Ол эрээри АЛРОСА күрэстэһээччилэрэ бэйэлэрин оҥорон таһаарыыларын сабаллар, онон батарыыны кэҥэтэр кыах баар”, — диэн чопчулаата Солодов.
Ньиэп уонна гаас секторыгар судургута суох балаһыанньа. Маныаха ньиэп сыанатыгар олохсуйбут консервативнай бэлиитикэ билиҥҥи балаһыанньаҕа улахан охсуулаах түһүү туһунан этэргэ төрүөт биэрбэт. “Кыһыл көмүс туруга куһаҕана суох, онон арыый аҕай элбэҕи ылыахпыт дии саныыбыт. Билигин ханнык эрэ чопчу сыыппаралары этэр бэрдэ суох буолуо.
Ол эрээри бүддьүөт ыгым балаһыанньалаах. Балаһыанньа хайдах сайдан барыан сөбүгэр араас сценарийдары көрөбүт”, — диэн премьер бэлиэтээтэ. Тутулла сылдьар ханнык эрэ бырайыагы тохтотор туһунан этэр табыллыбат. Туох-ханнык иннинэ онкодиспансер уонна сүрэх-тымыр киинин туһунан этиллэр. Атыттарга олоххо киириитин “тардар” кыах үөскүөн сөп. Ол эрээри ити уһук миэрэ.
Өлүөнэ муостатыгар сыһыаннаахха тохтоотоххо, бу 2032 сылга диэри суоттаммыт үп моделлаах уһун болдьохтоох бырайыак. Төлөбүрдэр сүрүннээн федеральнай үбүнэн оҥоһуллуохтара. “Билиҥҥитэ бигэргэммит источник суох, сүрүн чааһа ирдэнэр кэмҥэ (2022-2023 сс.) балаһыанньа көнүөҕэ.
“Биэнсийэ, соицальнай төлөбүрдэр тардыллыахтара диэн курдук сценарийдары көрбөппүт даҕаны. Бу, туох-ханнык иннинэ, бүддьүөппүтүттэн ороскуота оҥоһуллар бастакы тумус сорукпут. Онон долгуйарга төрүөт суох. Социальнай эбэһээтэлистибэлэр бастакы уочарат толоруллуохтара”, — диэн Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ түмүктээтэ.

Руслан Басыгысов, Yakutia-Daily.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0