Владимир Солодов: «Айыы Кыһата» оскуолаҕа оҕолор икки тылынан үөрэниэхтэрэ

02.02.2019
Бөлөххө киир:

Ситэриилээх былаас быһа эфиргэ отчуотугар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов Дьокуускай 203 микро-оройуонугар арыллыбыт «Айыы Кыһата» оскуола туһунан санаатын эттэ. Саха сиригэр даҕаны, дойду да үрдүнэн бастакы кылааска оҕолору киллэрии биир уопсай бэрээдэккэ, сокуоҥҥа олоҕурар диир кини. 


Ол аата оҕо олорор сиринэн уонна тустаах нормативнай аакталарынан быһаарыллар. «Айыы Кыһата» оскуола 203-с микро-оройуоҥҥа олорор оҕолору уопсай бэрээдэк быһыытынан ылыаҕа. Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ 120-тэн тахса араас омук олорор. Төрөппүт сайабылыанньатынан  оҕолор икки тылынан үөрэнэллэр — сахалыы уонна нууччалыы. Бу оройуоҥҥа соҕотох оскуола буолан бастакы кылааска үстүү бөлөҕү ылар. Онтон иккитигэр сахалыы, бииригэр нууччалыы үөрэниэхтэрэ«, — диэн быһаарда Владимир Солодов. 

РИА сонуннарын сайтыгар «Якутская школа отказалась принимать русскоязычных детей, пишут СМИ» диэн тахсыбыт ыстатыйа сымыйатын туһунан куорат баһылыга Сардаана Авксентьева эмиэ этиммитэ. «Билиҥҥи туругунан «Үөрэхтээһин туһунан сокуон» чэрчитинэн оҕолору оскуолаҕа олорор аадырыстарынан ылаллар. «Айыы Кыһата», биллэн турар, бу сокуонунан салайтарар. Оскуола дириэктэрэ Лидия Шамаева ону бигэргэтэр. Оҕо элбээн хаалар түгэнигэр, быыс-хайаҕас булан, эбии кылаастары арыйан, балаһыанньаттан тахсыахпыт«, — диэбитэ кини.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0