Владимир Солодов: «Бырабыыталыстыба отчуота икки ый эрэ устата буолбакка, сыл устата ыытыллыахтаах”

16.03.2020
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов ситэриилээх былаас отчуота хайдах ааспытын туһунан быһа эпииргэ кэпсээтэ.

Владимир Солодов быйылгы отчуот 22-с төгүлүн ыытыллыбытын бэлиэтээтэ уонна отчуот тула маннык сырдатта:

— Үгэһи тутуһан хас да дэлэгээссийэҕэ арахсан улуустарынан сылдьан ситэриилээх былаас отчуота буолла. Сүрүннээн нэһилиэнньэлэринэн сылдьан дьон кыһалҕатын истэн, туох үлэ ыытыллыахтааҕын, оҥоһуллуохтааҕын иһиттибит, көрдүбүт. Уопсайынан, отчуот диэн бырабыыталыстыбаҕа наадалаах буолбакка, нэһилиэнньэҕэ сөптөөх, кинилэргэ аналлаах буолуохтаах. Бэйэбит үлэбитин кэпсии эрэ буолбака, дьон кыһалҕатын быһаарар соруктаах, кинилэр санааларын, олохторун-дьаһахтарын билсэ отчуокка тиийэбит.

Номнуо иккис сылбытын быһа эпииргэ тахсан, бырабыыталыстыба отчуотун ыытабыт, «Инстаграм» социальнай ситим нөҥүө  эмиэ кэпсиибит. Бу барыта дьоҥҥо судургу буоллун диэн сыалтан оҥоһуллар. Тус бэйэм аҕыс оройуоҥҥа сырыттым. Онтон иккитэ хоту улуустар — Аллараа Халыма уонна Аллайыаха оройуоннара. Дьаһалта өттүттэн хоту сиргэ болҕомто ууруллар буолбутун, өйөбүл баарын өйдөөн эрэллэрэ көстөр. Ыйытыылар улуус-улуус аайы майгыннаһаллар. Үгүстэри дохуот тиийбэтэ, сыана ыарахана (чуолаан хоту улуустарга), тырааныспар, авиация кыһалҕалара уонна суол-иис долгутар. Маны сэргэ, дьон үөрэх, култуура эйгэтин интэриэһиргиир. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕолору сайыннарыыга эбии үөрэхтээһин оскуолаларыгар болҕомто уурбута, дьон санаатын көтөхпүтэ көһүннэ. Үгүстэр ырыа, үҥкүү оскуолалара тутуллууларын, оҕо сайдыытын туһунан ыйыттылар. Дьон настырыанньата араастаһар. Холобур, Чурапчы улууһугар сылдьыы миэхэ үлэбэр да, олохпор да үөрэтэр соруктаах ааста. Олохтоохтор төрөөбүт тылларынан саҥара үөрэммит дьон уустугурдуохтарын, ыарырҕатыахтарын сөп. Ол иһин олохтоох нэһилиэнньэ бырабыыталыстыба отчуотугар ханнык тылынан саҥарыан баҕарар да, биһиги онно кини тылынан сөптөөх, чопчу эппиэти биэрэргэ дьулуһуохтаахпыт. Мин билигин саха тылын үөрэтэ сылдьабын.

Дьокуускайтан Николай Новгородов маннык ыйытта: «55 сыл олорбутум тухары Бороҕон уонна Өнөр икки ардынааҕы 150 км уһуннаах суолбут уларыйбат. Холобур, стационарнай балыыһабыт амбулаторнай буолбута, улаханнык ыалдьыбыт киһи суһаллык көрдөрө киирэригэр ыарахаттардаах. Иккис ыйытыым, Уус Алдан улууһугар гаас ситимэ хаһан киириэй?»

Владмир Солодов хоруйа:

— Тырааныспар суолун оҥорууга көхтөөх үлэ ыытылла турар. Холобур, Кэбээйи оройуонугар урукку өттүгэр күнү супту айанныыр эбит буоллахтарына, билигин биэс чаааһынан тиийиэххэ сөп. Кэбээйиттэн Дьокуускайга диэри балыыһалар анаалыһы ыытар кыахтаныахтара. Ону сэргэ, бу Чурапчыга сырыттахпына, олохтоохтор урут АН-2 сөмөлүөтүнэн Дьокуускайга көтөллөрүн санаабыттара. Билигин Чурапчыттан Дьокуускайга диэри сөмөлүөт көтөр этэ диэтэхпитинэ, эдэр оҕолор өйдүөхтэрэ суоҕа этэ, тоҕо диэтэххэ, суол оҥоһуулаах, тиэхиньикэ начаас сылдьар. Ону таһынан, Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри аспаал суол оҥоһуллан, 2022 сылга диэри бүтүөҕэ.  Уус Алдан улууһун тус бэйэбэр бэлиэтэнним.

Оттон гаас ситимэр киирэр буоллахха,  бүтэһик сылларга чахчы, гааска харчы көрүллүбэтэҕэ. Онон, гаас ситимигэр холбонууга 70 мөл солкуобай көрүллүөҕэ. Билиҥҥи туругунан Бэрдьигэстээххэ уонна гаас ситимэ номнуо киирбит улуустарыгар ситэри тардыллыаҕа. Ол курдук, Өлүөхүмэ уонна Нерюнгри оройуоннарыгар былааннанар.

Салгыы Өлүөхүмэ оройуонуттан Иннээх олохтооҕо, биэнсийэлээх Мария Федорова эрийдэ:

— Биһиги лүөччүк Валерий Кузьмин төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгиттэн сибээскэ таҕыстым. Эһиги быйыл биһиги улууспутугар отчуокка сырыттыгыт, ол эрээри хаһыс да сылын бырабыыталыстыба отчуота биһигини кыйан ааһар. Тоҕо диэтэххэ, биһиги оройуон кииниттэн 18 км тэйиччи олоробут. Саас, күһүн өрүһүнэн ситимнээн суолбут быстар.

Владимир Солодов хоруйа:

— Мария Николаевна, бириэмэ ыгымыттан сылтаан эһиги нэһилиэккитигэр сылдьыбатахпыт. Ол эрээри бырабыыталыстыба отчуота олунньу уонна кулун тутар эрэ ыйдарга буолбакка, сыл устата ыытыллыахтаах дии саныыбын. Ити олохтоохтору кытта ыкса ситими тутарга көмөлөөх буолар. Сайын бүтүүтэ Өлүөхүмэҕэ тиийиэхтээхпин. Онно эһиги нэһилиэккитигэр кыах баарынан сылдьа сатыаҕым.

Дьокуускай куорат олохтооҕо, биэнсийэлээх Пантелеймон Яковлев ыйытар:

— Мархаҕа Просторная уонна Жатайская диэн уулуссалар билиҥҥэ диэри гаас ситимэ суох олоробут. Былырыын биһиэхэ гаас ситимэ хайаан да киириэҕэ диэбиттэрэ. Ол эрээри, биир да үлэ ыытылла илик.

Владимир Солодов хоруйа:

— Бу ыйытыы куорат уокуругар ситимнээх. Эн ыйытыыгын бэлиэтэнним. Куорат дьаһалтатын баһылыгын Сардаана Авксентьеваны кытта кэпсэтэн дьыала туох ханныгын билсиэм, сүбэлэһиэм.

2020 сылга туруоруллубут сыал-сорук олоххо киирэрин туһугар үлэлэһии, чуолаан өрөспүүбүлүкэ иһигэр сөмөлүөтүнэн көтүүгэ субсидиялаах билиэттэри туруорсуу үлэтэ ыытыллыаҕын, маны сэргэ, өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи суол-иис оҥоһуутугар үп көрүллүөҕэ диэн Владимир Солодов санаатын үллэһиннэ.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0