Владимир Солодов паром сырыытын бэрэбиэркэлээтэ

Ааптар: 
03.06.2019
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, бэс ыйын 2 күнүгэр, өрөбүл күҥҥэ  СӨ бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов паром үлэтин хонтуруоллуурга, тупсарарга туһуламмыт көһө сылдьар мунньаҕы тэрийэн ыытта.

edersaas.ru

Мунньахха СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын  миниистирэ Александр Тарасов, Дьокуускай куорат мээрэ Сардаана Авксентьева, тустаах министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэҥэ,  массыынаны  туоратар паромнар салайааччылара  кыттыыны ыллылар.

Көһө сылдьар хамыыһыйа салайааччылара Аллараа Бэстээххэ тиийэ паромунан айанныы сылдьан уунан сылдьар ааллар тохтобулларын, айан сыанатын, аһыыр сирдэри, биэрэк туругун кытта билистилэр.

Сайыҥҥы кэмҥэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан  үлүгэрдээх элбэх киһи, массыына сылдьар.

Быйыл уу суолунан «Бастакы паромнай переправа», «Иккис паромнай переправа», ЛенаТранс», «АЯМ тутааччыларын ассоциацията» ХЭУо — уопсайа түөрт юридическай сирэй 11 парома үлэлиир. Күҥҥэ быһа холоон бу паромнар 700 тахса массыынаны төттөрү-таары туораталлар.

Былырыын атырдьах ыйыгар бэриллибит сорудахтары барытын толордубут. Ол курдук, 1,5 мөлүйүөн солкуобайдаах суумаҕа паромҥа киирэр суолу бөҕөргөттүбүт, суол бэлиэлэрин сөргүттүбүт, сотору кэминэн паромҥа киириигэ «СКАТ-П» хаартыскаҕа түһэрэр уонна видеоҕа устар камера үлэлиэҕэ, — диэн СӨ  тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Тарасов иһитиннэрдэ.

Аллараа Бэстээх  биэрэгэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун сиригэр-уотугар киирэр буолан, көһө сылдьар мунньах хамыыһыйатын улуус салалтата көрүстэ.

Баһылык Николай Старостин бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодовы кытта паромунан сырыы   2024 сылга диэри кэлим сайдыытын дьүүллэстилэр.

Бырайыакка киирбит пассажирдары хааччыйыы усулуобуйатын, дьону аһатар пууннар, айан көлөтүн сырыытын схемалара, биэрэги бөҕөргөтүү боппуруостарын ырыттылар.

Мин бүгүҥҥү сырыым соруга — паромнар сайыҥҥы сезоҥҥа бэлэмнэрин көрүү-истии, үөрэтии. Сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэ суолталаах Олоҥхо ыһыаҕа, илин эҥээр улуустарга улахан тэрээһиннэр саҕаланыахтара, уоппускалаах дьон төттөрү-таары айанныа. Онон, бу күннэргэ баар итэҕэстэри туоратар сорук турар. Салайааччылары да, дьону да кытта кэпсэтэн иһиттэххэ, быйыл уунан сырыы быдан тэрээһиннээхтик саҕаламмыт, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов бэлиэтиир.

Паром биир нэдиэлэ устата сырытта да, билигин да биэрэккэ дьон аһыыр буфеттара, ларектара аһылла иликтэр. Аллараа Бэстээххэ дьону аһатар урукку кыракый «вагоннар» оннуларыгар саҥа хас да дьоҕус дьиэни туппуттар. Манна сотору кэминэн ларектар, аһыыр сирдэр баар буолуохтара.

Паромунан сылдьар дьон чугаһынан туалет суох буолан эрэйдэнэллэрэ. Быйыл биир улахан хапытаалынай туалет тутуллубут.

Бириистэн бу өттүгэр дьон усулуобуйатын хааччыйыыга 3 мөлүйүөн солкуобайдаах үлэни «Ситим» муниципальнай автономнай управление оҥорбут. 

Таатта улууһуттан төрүттээх, икки оҕолоох эдэр ыал Неустроевтар паромунан сайын аайы кэлэ-бара айанныыллар эбит.

Наһаа уочараттаах буолуо диэн салла санаабыппыт да, олох да холкутук киирдибит диэн үөрэ олоробут. Бырабыыталыстыба салайааччыта паром үлэтин анаан көрө-истэ сылдьарын бу быйыл эрэ көрдүбүт. Соһуйдубут да диэххэ сөп. Дьэ, онон бу курдук үлэни-хамнаһы олохтоохтук көрбүт-истибит дьон, паром сырыытыгар бэрээдэги олохтуулларыгар улаханнык эрэнэбит.

Паром үлэтэ тупсарыгар баҕа санаабыт үгүс. Оҕолоох дьон өйүөбүтүн бэйэбит илдьэ сылдьабыт. Буфет баара буоллар. Туалеттара кирдээх баҕайы буолааччы. Дьон хаһыат, кинигэ атыылаһан ааҕыахтарын сөп этэ. Манна биир киһи урут паромнарынан сылдьан «сибиэһэй» хаһыат атыылыыр этэ.  Оннук киоскалары биэрэккэ туруордахтарына,  дьон хаһыаттары атыылаһыа этэ, — диэн санааларын этэллэр Неустроевтар.

Сайын аайы паромунан чаастатык айанныыр Мэҥэ Хаҥалас Майатын олохтооҕо Ольга Осиповаттан: «Быйыл биэрэккэ туох уларыйыыны бэлиэтии көрдүҥ?» — диэн ыйыттым.

Аллараа Бэстээх биэрэгэр бэрт элбэх саҥа кафе-буудкалара тутулла туралларын соһуйа көрдүм. Кыһын суохтар этэ, саҥа аҕалан тута сылдьаллар эбит. Бу оннугар былырыыҥҥа диэри манна эргэ, кирдээх баҕайы буудкаларга «буфет» диэн ааттаан ас астаан атыылыыллар этэ. Астарын сыаналара ыарахана сүрдээх буолааччы. Биир бэрэски — 70 солкуобай. Айанньыт киһи син биир ылар диэн үрдэтэллэр. Онон бу саҥа буудкалары көрөн баран,  уларыйыы тахсыыһык дии санаатым. Уонна, бастатан туран, баҕа санаам — парому элбэтэн, расписаниеларын арыый уларытан, уһун тохтобула суох айанныыр оҥороллоро буоллар. Өрөбүл аайы массыынаҕа олорон уочараттаан, оҕолоох дьон эрэйи көрөбүт, күммүт манна бүтэр.  Күһүн парому куоттаран кэбиспит дьон биэрэккэ хонон хаалар түбэлтэрэ үгүһүн билэбит. Онно дьону хоннорор, сынньатар гостиница курдук дьиэлэр бааллара буоллар диэн баҕалаахпыт, — диэн санаатын үллэстэр Ольга Осипова.

Уус Алдантан сылдьар Иван Неустроев, Андрей Федоров хамыыһыйа паром сырыытын көрө-истэ сылдьарын истэн олус сэргээтилэр.

Анарааттан кэлиигэ бастакы күн үөһэттэн уочарат, анньыһыы бөҕө этэ. Кэлин полиция үлэһиттэрэ кэлэн бэрээдэктээбиттэрэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ паром элбээн, уочарат аҕыйаата эрээри, син биир өрөбүллэргэ кэтэһиилээх-манаһыылаах. Сотору анды бултааһына түмүктэниитэ, массыына бөҕө тоҕуоруһуо. Ити курдук, арыыйда тохтуу-тохтуу, араас тэрээһининэн сибээстээн, массыына сырыыта элбиир. Онон бу маннык риэйдэлэр, хамыыһыйалар өрөбүл аайы сылдьаллара буоллар, — диэн санаатын үллэстэр Иван Неустроев.

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов паром сырыытын көрөн-истэн баран, суруналыыстарга анаан бэлиэтээтэ:

Дьокуускай —  Аллараа Бэстээх паромунан  айан-сырыы  үлэтин СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сүрүннүөҕэ. Хамыыһыйаҕа куорат уокуругун уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун  эппиэттээх үлэһиттэрэ киириэхтэрэ. Болҕомто биэрэк аттынааҕы дьон аһыыр, сынньанар усулуобуйатын тэрийэр арендалааччы урбаанньыттар эппиэтинэстэрин үрдэтиигэ, кинилэр анал балаһыанньанан үлэлиир дуогабардарыгар анаан ууруллуоҕа. Дьон парому кэтэһэ таарыйа холкутук сынньанарыгар, аһаан үссэнэригэр үчүгэй усулуобуйа хайаан да тэриллиэн наада.

Көһө сылдьар мунньах түмүктэниитэ эппиэттээх салайааччыларыттан биирдэстэрэ: «Биэрэккэ кэнэҕэс дьон сынньанар, хонор гостиничнай тиһигин тутар былааннаахпыт», — диэбитин сэргии иһиттим. Аллараа Бэстээх биэрэгэр  «дьон болҕойдун» диэбиттии, биир көстөр сиргэ мас олбуорга маннык биллэрии ыйанан турарын бэлиэтии көрдүм.

Бу биллэриини ааҕан баран: «Парому куоттаран баран, хоно хаалар дьону ыҥырар маннык биллэриилэрдээх гостиничнай тиһиктэр дьэндэһэн тураллара буоллар ханнык…» — дии санаатым. Көһө сылдьар хамыыһыйа үлэтин сырдатаары айанныы сылдьан, бу баҕа санаа сотору кэминэн туолуоҕар эрэнним.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0