Владимир Путины кытта быһа биэрии буолара үс хонук хаалла. Ыйытыыгын биэрдиҥ дуо?
Бэс ыйын 20 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа биэриигэ тахсан, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа, ким туох кыһалҕалааҕын быһаарыаҕа. Күн бүгүн 610 тыһыынчаттан тахса ыйытыы киирдэ.
edersaas.ru
Тыҥаан турар долгутуулаах ыйытыыгын сибээс бары көрүҥүнэн биэриэххэ сөп. Босхо төлөпүөн 8-800-200-40-40, SMS, MMS 0-40-40 нүөмэргэ, https://moskva-putinu.ru/#page/question сайтка киирэн уонна социальнай ситимнэргэ баар сирэйгэ биэриэххэ сөп.
Быһа биэрии бу нэдиэлэҕэ, чэппиэргэ, Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чаастан «Бастакы», «Россия-1», «Россия-24», НТВ, ОТР, «Мир» телеканалга, «Маяк», «Вести FМ» уонна «Радио России» радиостанцияҕа тахсыаҕа.
Күн бүгүн быһа биэрии сайтын нөҥүө https://moskva-putinu.ru/#page/question Киин уокуруктан саамай элбэх видео (36%) киирбит. Сибиир олохтоохторун 40% ролик устан ыыппыттар. Омук дойдуларыттан уонна Арассыыйа ыаллаһа сытар тутулуга суох судаарыстыбаларыттан эмиэ видеороликтар кэлэллэр эбит.
Арассыыйа олохтоохторун 84% суотабайтан босхо нүөмэргэ эрийэллэр. Дойду Аҕа баһылыгар ыйытыы биэрэргэ автоинформатор лоп курдук биир мүнүүтэ биэрэр, онон санааҕын сааһылаан, кылгатан, туох долгутарын чопчу этэр ордук.
Дьон ОДьКХ, суол-иис, дьиэ-уот хаачыстыбатын, социальнай харысхал, экология, хамнас-биэнсийэ, салгын тырааныспарынан билиэт сыанатын туһунан ыйыталаһаллар. Быһа биэриигэ диэри икки-үс хонук хаалла, онон ыйытыы биэрэргэ бириэмэ өссө да баар.
2018 сылга Владимир Путин 4 чаас 20 мүнүүтэ тухары быһа биэриини ыыппыта. Онно уопсайа 2 мөлүйүөнтэн тахса ыйытыы киирбититтэн дойду Аҕа баһылыга 73-гэр хоруйдаабыта.
Биһиги корр., «Саха сирэ», edersaas.ru