Владимир Путин: «Уһук Илин ураты болҕомтону ирдиир»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтигэр Владивостоктан кэлбит суруналыыс “1 хостоох дьиэ — 8 мөлүйүөҥҥэ” диэн былакаатынан болҕомтону тардан, ыйытыы биэрэргэ быраап ылла. Ыйытыытыгар “Уһук Илиҥҥи ипотека үтүө өрүттээх да буоллар, дьиэ сыанатын олус күүскэ үрдэттэ. Приморьеҕа биир хостоох кыбартыыра 12 мөлүйүөҥҥэ тиийэ сыанаҕа атыыланар буолла. Дьон эрэгийиэнтэн көһөн барар кутталланна. Туох миэрэлэри ылыахха сөбүй?” — диэтэ.

Владимир Владимирович: “Льготалаах ипотека элбэх ыалга дьиэлэнэригэр көмөлөстө, тутуу тэтимин үрдэттэ. Холобур, 90 мөл. кв. м. саҥа тутуу ыытылларыгар көмөлөстө. Дьиэ сыаната үрдүүрэ чэпчэки ипотекаттан эрэ буолбатах, үгүс сабыдыаллаах. Уһук Илин ураты болҕомтону ирдиир, эрэгийиэн олоҕун аныгылыы усулуобуйаҕа сөп түбэһэр гына сайыннарыах тустаахпыт. Ол туһугар экэниэмикэни сайыннарарга, интэриэһинэй үлэ миэстэлэрин таһаарарга үлэ ыытыллар”, — диэн хоруйдаата.

Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев хамаандатын Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй эйгэтин сайдыытыгар сыралаах үлэтин түмүктэрин үтүөтүк сыаналаата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0