Владимир Путин: уһаайбаҕа гаас босхо киириэхтээх

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Гаастааһын туһунан ыйытыыга РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа сибээһин кэмигэр сүрүн гаас ситимиттэн уһаайбаларга диэри босхо киириэхтээҕин туһунан эттэ.

– Өссө төгүл этэбин, сүрүн гаас ситимиттэн хас биирдии уһаайбаҕа гаас босхо киириэхтээх. Бу үлэ “Газпром” хампаанньа эбэтэр эрэгийиэннэргэ гаас хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр нөҥүө ааһыахтаах. Оттон уһаайба иһигэр киириитин чааһынай киһи бэйэтэ төлүүр. Ол эрээри манна биһиги РФ Бырабыыталыстыбатын кытары биир кэлим дуогабары оҥорсууга кэпсэтэн турабыт. Уһаайба иһигэр дьиэҕэ диэри гаас ситимин киллэрии барыта биир кэлим дуогабарынан барыахтаах. Ол аата биир ситим, барыларыгар биир цифровой дуогабар олохтонуохтаах. Оччотугар нэһилиэнньэҕэ гааһы киллэрии чэпчэки буолуо этэ, – диэн бэлиэтиир Владимир Путин.

Санатан эттэххэ, Владимир Владимирович гаас ситимин уһаайбаларга босхо киллэрии туһунан бэйэтин Анал этиитигэр этэн турар. Тустаах сокуоҥҥа бэрэсидьиэн бэс ыйын 11 күнүгэр илии баттаабыта. Сэтинньигэ диэри нормативнай аакталар бу сокуоҥҥа сөп түбэһэр гына оҥоһуллуохтаахтар.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: газтеплотехнологии.рф

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0