Бэрэсидьиэн үгэс буолбут Саҥа дьыл иннинээҕи суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтүн үүнүүтэ бытааныттан дьиксиммэтин бэлиэтээтэ. Дойду экэниэмикэтин сүрүн салаата национальнай бырайыакка тоҕо суоҕуй диэн ыйытыыга маннык хоруйдаата:
—Тыа хаһаайыстыбата номнуо национальнай бырайыак, манна сүүһүнэн миллиард солкуобай көмө оҥоһуллар уонна ол өссө да салҕанан барыа, — диэтэ итиэннэ быйыл күн-дьыл туругуттан сылтаан сиртэн үүнээйини ылыы туруга мөлтөөбүтүн эттэ. – Сүүрбэ сэттэ эрэгийиэҥҥэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Онон, былырыыҥҥытыгаар 110 мөлүйүөн туоннанан аҕыйах үүнүү ылылынна. Ити эрээри, сүүрбэ биэс сыл устата маннык балаһыанньа үһүс төгүлүн эрэ буолла, онон дьиксинэр наадата суох.
Дойду бэрэсидьиэнэ салгыы тыа хаһаайыстыбатыгар күрэстэһэр кыахтаах бородууксуйаны оҥорууну, дойду тас өттүнээҕи ырыынакка тахсыыны үрдэтэр итиэннэ инфраструктураны сайыннарар туһунан эттэ.
—Манна барытыгар 400 миллиард солкуобай үп-харчы көрүллүөҕэ. Уопсайынан, үрдүк хаачыстыбалаах аһы-үөлү оҥорон таһаарар наада, онтон салгыы сэлиэнньэлэр социальнай сайдыыларын боппуруоһун быһаарыахпыт, — диэн түмүктээтэ Владимир Путин.
Евдокия Слепцова, «Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан