Владимир Путин: цифровой телевидение нэһилиэктэргэ барыларыгар үлэлиэҕэ
20.12.2018
Эһиилгиттэн дойду үрдүнэн аналоговай оннугар цифровой телевидение киириэхтээх. Кыра нэһилиэнньэлээх пууннар бары хабыллыахтара дуо? Бу ыйытыыга РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-конференциятын кэмигэр маннык хоруйдаата.
“Цифровой тедевидение, бастатан туран, хаачыстыбаны тупсарар. Ону тэҥэ, босхо көрөр ханаалбыт элбиир. Суруналыыс ыйыппытын курдук, мин эмиэ исписэлиистэртэн кыра нэһилиэктэр телевидениета суох хаалыахтара суоҕа дуо диэн ыйытабын. Онно, суох, барытыгар киириэҕэ диэн хоруйдууллар. Мин санаабар, манна ыксыыр, тиэтэйэр табыллыбат. Сорохтор цифровойу түргэнник, сыл аҥаарын иһигэр киллэриэххэ диэн этэ сылдьыбыттарын, ылымматаҕым. Бу саҕалааһын кыра-кыралаан өтөн киириэхтээх. Анал приставкалары кыайан ылбат дьоҥҥо эрэгийиэн салалтата төһө кыалларынан көмөлөһөр. Онон эһиил саҥа көрүҥ хайдах киирэн иһэрин кэтээн көрүөҕүҥ”, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1