Владимир Путин Таатта балыыһатын аһыллыытыгар быһа сибээһинэн кытынна

Ааптар: 
29.11.2023
Бөлөххө киир:

Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 28 күнүгэр Оренбург, Волгоград уобаластарыгар, Севастопольга, Красноярскай кыраайга уонна Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин аһыллыытыгар быһа сибээһинэн кытынна.

Владимир Путин саҥа балыыһалар аһыллыбыттарынан эҕэрдэлээн туран, доруобуйа харыстабылыгар кэнники биэс сылга үгүс тутуу барарын бэлиэтээн эттэ.

— Арассыыйа эрэгийиэннэригэр – Саха сиригэр, Севастопольга, Красноярскай кыраайга, Волгоград, Оренбург уобаластарыгар доруобуйа харыстабылын саҥа эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Бастатан туран, бу эбийиэктэри олоххо киллэриигэ үлэлэспит дьоҥҥо махталбын тиэрдэбин. Иккиһинэн, балыыһа үлэһиттэрин саҥа дьиэлэммиккитинэн барыгытын эҕэрдэлиибин. Аныгылыы, бары өттүнэн хааччыллыбыт саҥа балыыһалар, поликлиникалар тутуллуулара – бу барыта дьон олоҕун тупсарыыга, демографияны сайыннарыыга туһуламмыт үлэ түмүгэ буолар, — диэн этэр кини.

Владимир Владимирович иһитиннэрбитинэн, кэнники сылларга “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыакка оҕоҕо уонна ийэҕэ болҕомтону ууруу күүһүрбүт. Ону сэргэ эрэгийиэннэргэ көмөнү оҥоруу бастакы сүһүөх эбийиэктэрин саҥардыыга үлэ күүскэ барбыт.

— “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыакпыт биир сүрүн сыала оҕо уонна ийэ доруобуйатын көрүү, эрэгийиэннэр манна туһулаабыт бырагыраамаларын өйөөһүн буолар. Бу бырагырааманан 2019 сылтан 2024 сылга диэри оҕо доруобуйатын көрүүгэ анаммыт 46 эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Ол иһигэр Оренбургтааҕы оҕо балыыһата былааннаммыта. Итини таһынан бу бырагырааманан оҕолорго туһуламмыт туспа отделениелаах 750 эбийиэк саҥардыллыахтаах. Ити барыта, биллэн турар, оҕо күүтэр ийэлэргэ, кырачааннарга болҕомтону уурарга көмөлөөх, — диэн этэр Владимир Владимирович.

Бэрэсидьиэн этиитин түмүгэр национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэ көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ.

— Бу үлэбит көдьүүстээҕэ номнуо билиннэ. Статистика көрдөрөрүнэн, кэнники уонча сылга кыһыл оҕо өлүүтэ икки төгүл кыччаабыт, ону таһынан уон сэттэ саастарыгар диэри оҕолор өлүүлэрэ эмиэ икки төгүл кыччаабыт. Итини таһынан хроническай ыарыылаах оҕолору көрүү хаачыстыбата быдан тупсубутун, эми-тому ылыыга үбүлээһин сылтан сыл эбиллэн иһэрин бэлиэтээн этиэм этэ. Билигин да доруобуйа харыстабылыгар оҥорор үлэбит элбэх. Хас биирдии эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр кыра куораттарга, бөһүөлэктэргэ, дьон-сэргэ көмөнү түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык ыларын ситиһиэхтээхпит. Онуоха бырабыыталыстыба бары күүһүн ууруоҕа, — диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0