Владимир Путин ойуур баһаардарынан мунньах ыытта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 14 күнүгэр, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Россия сорох  регионнарыгар айылҕа харыстабылын уонна айылҕа баһаарын содулларын туоратыы боппуруоһугар мунньах ыытта.

«Аан бастаан Саха сиригэр айылҕа баһаарын, ону тэҥэ Крымҥа уонна Краснодарскай кыраайга нэһилиэнньэлээх пууннары ууга барыы туһунан кэпсэтии барыаҕа. Биһиги көрөрбүт, өйдүүбүт, сорох оройуоннарга айылҕа алдьархайа уруккуга холооно суоҕунан ааҕыллар. Холобур, соҕуруу өттүгэр сороҕор аҕыйах чаас иһигэр ыйдааҕы нуормата түһэр. Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ ойуур баһаара кураан усулуобуйатыгар, тыал дохсуннук үһэр күүскэ тарҕаммыта», — диэтэ бэрэсидьиэн.

Ону сэргэ Владимир Путин ойуур баһаардарын утары охсуһууга кыыллар сүтэн аҕыйыыр ахсааннарын аччатар соругу туруорбута.

«Ойууру да баайы-дуолу харыстыырга ураты болҕомтону уурабын. Биллэн турар, баһаартан сэрэхтээх буолууга тэрээһиннэри ыытыыга тыа сирин кыылын, ойуурун-маһын муҥутуурдук тупсарар курдук үлэни тэрийиэххэ», — диэн бэлиэтээтэ.

Ону таһынан государство баһылыга оҕолору, дьахталлары, онтон да атын олохтоохтору айылҕа алдьархайыттан куттала суох миэстэҕэ илдьэргэ ирдээтэ.

Саха сиригэр ойуур баһаарыттан уот билигин олорор уонна социальнай суолталаах эбийиэктэргэ кутталы суоһаабат, ол гынан баран, сорох баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас сыталлар, диэн Путин иһитиннэрдэ.

«Россия ЫБММ баһылыга Евгений Зиничев билигин Саха сиригэр үлэлиир, баһаары умуруорууга үлэни тэрийэр. Миэхэ кэпсээбиттэринэн, Саха сиригэр олорор дьиэлэргэ уонна социальнай суолталаах эбийиэктэргэ куттал суох, ол гынан баран ойуур баһаара нэһилиэнньэлээх пууннартан биэс килэмиэтирдээх зонаҕа баар. Онон быһыыны-майгыны мэлдьи хонтуруолга тутаргар уонна балаһыанньа хайдах буолан иһэрин билэргэр көрдөһөбүн», — диэн Владимир Путин бэлиэтээтэ.

Бэрэсидьиэн Саха сирин Ил Дарханыттан Айсен Николаевтан хас күн аайы дакылааты ыларын тоһоҕолоон эттэ диэн киһи «Саха» НКИХ суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0