Арассыыйа металлургиятын сайыннарыыга саҥа стратегия оҥоһуллуоҕа. Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин муус устар 20 күнүгэр ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Арассыыйа алтаны, сибиниэһи, цинканы, хорҕолдьуну, о.д.а. металлары хостооһунунан аан дойду үрдүнэн бэһис миэстэҕэ турар. Арҕааҥҥы дойдулар араас хааччаҕы киллэрбиттэрин түмүгэр металлургия эйгэтэ эмиэ кыһалҕаны көрүстэ. Владимир Владимирович манна инники былааны оҥорорго ордук Арассыыйа эрэгийиэннэрин хааччыйыыга болҕомтону уурарга эттэ, ону сэргэ бэс ыйыгар диэри металлургия сайдыытын стратегиятын саҥардан биэрэргэ РФ бырабыыталыстыбатыгар сорудах биэрдэ.
– Металлургия дойдубут экэниэмикэтигэр биир эмиэ баттаамалаах эйгэбит буолар. Кэлиҥҥи сылларга бу эйгэҕэ аныгы технология киирэн, билигин сайдыы биир кэрдиис кэмигэр сылдьар. Билигин биһиги металлургия 2030 сылга диэри сайдыытын стратегиятын уларытан, саҥалыы көрүөхпүтүн наада. Стратегияҕа, бастатан туран, дойдубут иһигэр металлары туһаныыны элбэтиэххэ. Сыана бас баттах барбатын туһугар манна эмиэ хонтуруол наада. Металлар туһаныллар эйгэлэрин кэҥэтиэххэ, онуоха эбийиэктэри тутууга, дьиэ-уот, социальнай, энергетика эбийиэктэрэ, тимир суол буоллун барытыгар, бэйэбит металлургиябытын туһаныахха. Иккиһинэн, Арассыыйа металларын тас дойдуга таһаарыыны көрүөххэ. Манна тырааныспар инфраструктарын сайыннарыы улахан оруолу ылар. Ол иһин дойдубут илин өттүгэр тимир суолу оҥорууга биир сүрүн болҕомто ууруллуон наада. Үсүһүнэн, нолуокка уларытыылары киллэриэххэ. Саҥа оҥоһуллар стратегияҕа ити барыта учуоттаныллыахтаах. Төрдүһүнэн, технологияҕа туһаныллар оборудованиелары, матырыйааллары бэйэбит дойдубут иһиттэн булунуохха. Ити кыаллар дьыала, – диэн бэлиэтээн эттэ бэрэсидьиэн мунньах кэмигэр.
Аграфена КУЗЬМИНА