Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин муус устар 8 күнүгэр бырабыыталыстыба чилиэннэрин, эрэгийиэннэр салайааччыларын кытары мунньахтаата. Манна коронавируһу утары охсуһууга кэккэ миэрэлэри киллэрэрин туһунан эттэ. Холобур, эрэгийиэннэргэ эбии боломуочуйалары биэрдэ. Дьон олоҕо, доруобуйата эрэгийиэн салайааччылара хайдах дьаһаналларыттан улахан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ.
Ол кэнниттэн Владимир Путин үөскээбит балаһыанньанан Арассыыйа гражданнарыгар барыларыгар туһаайан эттэ:
— Соторутааҕыта мин учуонайдары кытары көрсөн кэпсэппитим. Кинилэр атын дойдулар балаһыанньаларын үөрэтэн көрөн баран, эпидемия бастакы 4-5 нэдиэлэлэрэ ордук ыарахан уонна быһаарыылаах буолалларын туһунан эппиттэрэ. Онон бу кэлэр 2-3 нэдиэлэ устата биһиги дойдубутугар улахан быһаарыылаах, эппиэтинэстээх кэм.
Дьиэҕэ кытаанах “изоляцияҕа” олоруу, миэрэлэри тутуһуу эрэ быһаарыаҕа. Балаһыанньа салгыы хайдах буолара биллибэт, ол эрээри, хайдах салаллыахтааҕын хас да барыйаанын билгэлиир, өтө көрөр кыахтаахпыт. Хас биирдии барыйаанынан тугу оҥоруохтаахпыт чуолкай былаана баар буолуохтаах.
Онуоха бары усулуобуйа баар: экэниэмикэбит туруктаах, хаһаас үптээхпит, кириисиһи туоруур уопуттаахпыт. Биллэн турар, сүтүктэр баар буолуохтара. Үлэ ырыынагын, доруобуйа харыстабылын өйүөхпүт. Өйүүр миэрэлэр кэмигэр оҥоһуллуохтара.
Биллэн турар, дьиэҕэ өр кэмҥэ хаайтаран олордоххо, сылайыы мунньуллар, олохпут укулаата, эрэсиимэ уларыйар. Ол эрээри, атыннык буолар кыаҕа суох. “Изоляция” эрэсиимин тутуһуохха наада. Хас биирдиибит дьиссипилиинэтиттэн өлөр кутталлаах ыарыы быһаарыллар түгэнэ тутулуктаах.
Маннык ыарахан күннэргэ норуоппут, уопсастыбабыт, хас биирдиибит үчүгэй эрэ хаачыстыбалара көстөллөрүн, гражданскай эппиэтинэс үрдүүрүн көрөр үөрүүлээх. Медиктэр, волонтердар биир хамаанда курдук инники күөҥҥэ сылдьаллар. Бары бииргэ эппиэтинсэтээх, түмсүүлээх буоллахпытына, барытын кыайыахпыт!
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru