Владимир Путин хамнас алын кээмэйин үрдэтии сокуонугар илии баттаата

Бөлөххө киир:

Бу туһунан «Якутия 24” ханаал иһитиннэрэр. Ол курдук 2022 сылга саамай кыра хамнас кээмэйэ 13 890 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн  хамнас алын кээмэйэ ыйга 13 890 солкуобайга тэҥнэһиэхтээх, диэн докумуоҥҥа этиллэр.
2021 сылга  хамнас алын кээмэйэ 12 792 солкуобайга быһыллан турар. Бу иннинэ бэрэсидьиэн Владимир Путин 2022 сылга тиийинэн олоруу кээмэйин 8,6% үрдэтии туһунан этии көтөхпүтэ. Дойду үрдүнэн тиийинэн олоруу кээмэйэ 12 654 солкуобайга үрдүөхтээҕэ. Хамнас алын кээмэйэ тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах, онон ситимнээн тиийинэн олоруу кээмэйэ индексацияланнаҕына хамнас 8,6% үрдүөхтээх диэн иһитиннэрэллэр.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0