Владимир Путин чэпчэтиилээх ипотеканан биир оҕолоох ыаллар эмиэ туһаныахтаахтарын туһунан эттэ
Бастакы оҕолорун 2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн оҕоломмут ыаллар чэпчэтиилээх ипотеканан туһаныахтарын сөп. Ол курдук Петербурдааҕы экономическай форум кэмигэр маннык этиини дойду Аҕа баһылыга киллэрдэ.
Владимир Путин оҕолордоох ыаллар ипотеканан туһаналларыгар анаан өссө саҥа быһаарыыны ылыммытын туһунан эттэ. Санатан эттэххэ, билигин чэпчэтиилээх ипотеканан 2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт иккис уонна онтон кэлэр оҕолоох дьиэ кэргэттэр туһаналлар.
Бэрэсидьиэн чэпчэтиилээх ипотеканан 2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн бастакы оҕолорун төрөппүт ыаллар эмиэ туһаныахтаахтарын туһунан бэлиэтээтэ.
Москваҕа, Санкт-Петербурга, Москва уобалаһыгар уонна Ленинград уобалаһыгар лимит 12 мөл.солк., оттон атын эрэгийиэннэргэ — 6 мөл.солк. буолуоҕа. Ставка 6.5 %.
edersaas.ru
Хаартыска https://russian.rt.com