Владимир Путин «Биир ньыгыл Арассыыйа» нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун уонна мэктиэлэммит алын дохуотун көмүскээһини быһаарыыны өйөөтө

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Госдуумаҕа “Биир ньыгыл Арассыыйа” фракциятын салайааччыта Сергей Неверов Владимир Путины кытта көрсүһүүгэ тумус тутуллар соруктары ааттаата. Бастатан туран, дьарыктаах буолуу туһунан сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрии этиллэр.

Онон дьарыктаах буолуу кииннэрин боломуочуйалара  федеральнай таһымҥа барыахтара. Ону сэргэ эрэгийиэннэри кытта үлэ күүһүрүө, дьон кинилэр үлэлэрэ атын эрэгийиэҥҥэ наадатын билиэхтэрэ. Онон ис миграцияҕа суолта бэриллиэ, Арассыыйа олохтоохторо бастакы уочарат үлэнэн хаачыллыахтара.

”Дьарыктаах буолуу кииннэрэ атыннык үлэлиэхтээхтэр уонна “үлэ биржатыттан” табыгастаах кииҥҥэ кубулуйуохтаахтар. Маныаха электроннай көрүҥ киириэҕэ. “Арассыыйаҕа үлэ” платформа кэҥиэҕэ. Онон Владимир Путин баартыйа үлэлээх буолууга этиилэрин өйөөтө.

“Биир ньыгыл Арассыыйа” өссө биир көҕүлээһинэ мэктиэлэммит алын дохуоттан иэһи уһулууну көмүскээһиҥҥэ туһуланна. Сергей Неверов баартыйа бу бырайыагы Госдуумаҕа олунньу 1 күнүгэр киллэрбитин эттэ.

“Иэстээх киһи  суут бириистэптэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһаҕа суох кээмэйдээх ыйдааҕы дохуотун оннунан хаалларыыга баанын счетун ыйыахтаах. Баан уонна атын кирэдьиит тэрилтэлэрэ бу сууманы иэс сууматыгар устар бырааптара суох”, — диэтэ кини.

Маны сэргэ Сергей Неверов үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин үрдэтиини көтөхтө. Бырабыыталыстыба билигин боппуруоһу быһаарыыга барыллары бэлэмниир.

“Биир ньыгыл Арассыыйа” үлэлээх буолуу уонна дьон дохуотун көмүскээһиҥҥэ хас да ый үлэлээтэ. Былырыын күһүн дохуот алын кээмэйин тыыппат туһунан “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев эппитэ.  Сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэриигэ Үлэ министиэристибэтин кытта үлэлэстилэр.

Владимир Чичигинаров, Саха сирин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

2020 сыл тохсунньу ыйыттан Саха сиригэр “Моя работа” аныгы фронт-офистар үлэлииллэр. 2020-2030 сылларга тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн алын дохуоттаах нэһилиэнньэ ылар өлүүтүн аччатыы эрэгийиэннээҕи бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэҕэ инвестиция бырайыактарын олоххо киллэриигэ 34 тыһыынча үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээх.

152 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх субсидияны ылан, бэйэ дьарыктаах  буолуохха сөп. 3002 үлэтэ суох киһи идэҕэ үөрэннилэр. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын көмөтүнэн 24791 киһи хабылынна. 2020 сылга “Олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска” бырайыагынан 8758 киһи үлэнэн хааччылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0