Владимир Путин: «Хас биирдии киһи дохуоттаах буоларын ситиһиэхтээхпит»

Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр киһи дохуоттаах буолуута, үчүгэй төлөбүрдээх үлэ миэстэтин таһаарыы сүрүн сорук буоларын иһитиннэрдэ.

“Инники күөҥҥэ тутар боппуруостарбытыттан нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуута — сүрүннэрэ. 2000 сылларга 42 мөлүйүөнтэн тахса киһи дьадаҥытык олорор буоллаҕына (ити нэһилиэнньэ 30 % ылар), уонча сыл иһигэр 10 % кыччаппыппыт. Билигин экономическэй кириисис кэмигэр эмиэ үрдээтэ, 20 мөлүйүөн киһи буолла. Хамнас алын кээмэйин тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнээтибит. Бу нуорма быйыл ыам ыйыттан саҕалаан барытыгар киириэҕэ. Ити 4 мөлүйүөн киһи дохуотун үрдэтэригэр кыах биэриэҕэ. Дьарыктаах буолуу структуратын саҥардыахпытын наада. Үчүгэй төлөбүрдээх үлэ миэстэтин элбэтии соруга турар”, — диэн бэлиэтиир Владимир Путин.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0