Владимир Путин: «Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ эппиэтинэстээх буолуохтаах»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Андрей Ванденко «Путиҥҥа 20 ыйытыы» диэн Владимир Путин былааска олорбута 20 сылыгар аналлаах биэриитигэр дойду Бэрэсидьиэнэ иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ туһунан санаатын эттэ.

edersaas.ru

«Интэриниэккэ олус элбэх медиа-ресурсалар дэлэйдилэр. Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ баһылыыр-көһүлүүр оруолун, чиэһинэй, эппиэтинэстээх буоларын умнуо суохтаах. Онтон атын чааһынай дьон интэриэһинэн салайтарар «баандаҕа» кубулуйар. Маннык эйгэ айаҕын бүөлүүр туһуттан харчы төлүүр түгэннэрин элбэҕи билэбин.

Маны хонтуруоллуур кыах суох. Интэриниэккэ дьайан көрүҥ эрэ – кыаллыбат суол. Кистэл буолбатах, ыччат тэлэбиисэри көрбөт, интэриниэтинэн эрэ барыны-бары истэ-билэ, көрө олорор. Ол иһин үгэс буолбут бэйэтин убаастыыр дьиҥнээх СМИ араас интэриниэт ресурсаларын кытта күрэс былдьаһара уустук буолла. Ол да буоллар үтүө аатын түһэн биэриэ суохтаах. Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэни “төрдүс былаас” диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо. Дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар дьайар ураты күүстээх буоллаҕа. Аныгы үйэҕэ ити оруола өссө улаатта», — диэтэ дойду бэрэсидьиэнэ.

Ирина Ханды, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0