Владимир Путин: «16-гар диэри саастаах оҕолорго 10 тыһыынча солкуобай өссө төлөнүөҕэ»

23.06.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпииргэ олохтоохторго анал этиилээх таҕыста. 

Манна бэрэсидьиэн 16 сааһыгар диэри оҕолоох ыалга 10-нуу тыһыынча солкуобай от ыйыгар эмиэ бэриллэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Маныаха эрдэ сайаапкаласпыт дьон хос сайаапкаласпаттар, урукку дааннайдарынан харчы түһүөҕэ диэн бэлиэтээтэ.

Эрдэ бу төлөбүрү ылбатах дьон туох да мэһэйэ суох, тэйиччиттэн Пенсионнай пуонда нөҥүө сайаапкалаһыахтарын сөп.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0