Муус устар 6 күнүгэр Владимир Путин бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Бэрэсидьиэн Уһук Илин федеральнай уокурукка Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутневы уонна Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Александр Козлову кытта көрүстэ.
Өрүттэр Уһук Илин уонна Арктика сирдэрин-уоттарын сайыннарыыны дьүүллэстилэр. Сүрүн болҕомто Бурятияҕа уонна Забакальскай кыраайга социальнай инфраструктура эбийиэктэрин тутууга уурулунна.
В.Путин: Уһук Илин, Арктика сирдэ-рин-уоттарын сайыннарыыга биһиги киллэрбит ньымаларбыт уонна инстру-меннарбыт хайдах үлэлииллэриттэн кэпсэтиини саҕалыаҕыҥ эрэ.
Ю.Трутнев: Уһук Илини сайыннарыыга Эн сорудаххар сөп түбэһиннэрэн үлэни салгыыбыт. Күн бүгүн Уһук Илин сиригэр-уотугар судаарыстыба өйөбүлүнэн 2 283 бырайыак олоххо киирэр. Манна хайыы үйэ олоххо киирбит инвестиция триллиону куоһарда, бүгүн 1 160 миллиард буолла. Сүрүннээн бу инвестордар үптэрэ. Хас биирдии бүддьүөт солкуобайыгар кэтэх инвестор 22,5 солкуобайы угар.
2019 сылга бырамыысыланнас үүнүүтүн тэтимэ – 6 бырыһыан. Бырамыысыланнас уонна инвестиция сүрүн хапытаалга үүнүүтүн тэтимэ хайыы үйэ биэс сыл устата Арассыыйа Федерациятын орто көрдөрүүтүнээҕэр 2-2,5 төгүл үрдүк.
Эн быһаччы сорудаххынан социальнай эйгэҕэ үлэни саҕалаатыбыт. Үс сылга сүрүннээн 93 миллиард солкуобай инвестицияланар. Хайыы-үйэ 300 эбийиэк тутулунна, 200-тэн тахса эбийиэк саҥардылынна. Бу үлэ салҕанар, ол иһигэр Бурятияҕа уонна Забайкальеҕа, балар Эн быһаарыыгынан Уһук Илин федеральнай уокуругар киирбиттэрэ.
“Биир гектар” бырагырааманан үлэ салҕанар. Хайыы үйэ 80 тыһыынча киһи учаастак ылла. Маны биэрии орто болдьоҕо – 34 күн.
Ону сэргэ, Эн сорудаххынан Арктика сиригэр-уотугар чэпчэтиилэр (преференциялар) тиһиктэрин бэлэмнээһини саҕалаатыбыт. Сокуон барыла бэлэмнэннэ, икки чаастан турар. Бастакыта – бу углеводородтаах сырьену хостооһуҥҥа бырайыактар. Уонна иккис чааһа – шельфэҕэ углеводороднай сырье эйгэтигэр бырайыактар, убатыллыбыт гааһы оҥорон таһаарыы, газохимия уонна атын да ураты бырайыактар. Сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааста, онон манан үлэни салгыы ыытыахпыт.
В.Путин: Арктикаҕа дьыала хайдаҕый?
Ю.Трутнев: Биэс бөлөххө араарбыппыт, хас биирдиилэригэр бу бөлөххө, чопчу бу оҥорон таһаарыыга ханнык нолуок ирдэнэринэн тутулуктаах туспа преференциялар тиһиктэрэ торумнаннылар. Бары хампаанньалары, бары федеральнай биэдэмистибэлэри, ситэриилээх былааһы кытта сөбүлэһиннэрилиннэ. Преференциялар бу тиһиктэрэ Арктика сирин-уотун сайыннарыыга тирэҕинэн буолуоҕа диэн эрэнэбин.
В.Путин: Манна балачча ахсааннаах бөдөҥ бырайыактар бааллар.
Ю.Трутнев: Кырдьык, оннук. Эн Хотугу муора пуордун толору туһанар соруккун толорууга туруннубут. Онон маны барытын бииргэ тутан сибээстиэхтээхпит.
В.Путин: Манна хостуур эрэ бырайыактар буолбакка, хостонуллубат эмиэ бааллар дуо?
Ю.Трутнев: Хостооһуҥҥа сыһыана суохтар бааллар. Тоҕо диэтэххэ, гостиницалар, эрэстэрээннэр баар буолуохтаахтар, дьон хайдах эрэ гынан сынньалаҥын атаарар кыахтаныахтаах.
В.Путин: Манна туһанар чэпчэтиилэрбит харахха быраҕыллаллар дуо?
Ю.Трутнев: Харахха быраҕыллар. Уһук Илиҥҥэ сыһыаннаах этии киллэрбит уонна ылыныллыбыт сокуоннартан арыый уратылаах. Быраабыла быһыытынан, чэпчэтиинэн барыта сотуллубат (нулевой льгота), чэпчэтиилэр, быһа холуйан, ыстаапканы үс гыммыт иккитин аччаталлар, ол эрээри төлөбүрдэр бастакы сылыттан саҕаланаллар. Биһиги хампаанньалары кытта сүбэлэспиппит, итиннэ кинилэр сөпсөһөллөр, тоҕо диэтэххэ, чэпчэтии болдьоҕо быдан уһун. Атын өттүттэн көрдөххө, туһааннаах сирдэр-уоттар нолуогу тута ылан барыахтара, ол эбэтэр төһө эмэ эбии үп киириэҕэ.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru