Өлүөнэ муостатын тутуу бырайыагын дойду бэрэсидьиэнэ өйөөтө диэн «Коммерсант» иһитиннэрэр. Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа этиилэри киллэрэллэригэр сорудахтаата, муостаны «олоххо киирэр кэмэ кэллэ» диэн бэлиэтээтэ.
Үс км усталаах муоста мадьыалын 83 млрд солк. (НДС ааҕыллан туран) тэҥнээтилэр, 54 млрд солкуобайдаах капитальнай грант уонна чааһынай инвестор кыттыыта көрүллэр. Муостанан легковой массыыналар босхо, оттон атын массыыналар 1-4 тыһ. солк. төлөөн айанныахтарын сөп диэн барыллаан былаан баар.
Сэтинньи 9 күнүгэр Владимир Путин Өлүөнэ муостатын тутуу бырайыагын өйүүрүн биллэрдэ. Дойду бэрэсидьиэнэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бырайыакка бүддьүөттэн үп көрүллэрин көрдөспүт суругар «олоххо киирэр кэмэ кэллэ» диэн резолюцияны ылла. Бу туһунан бырабыыталыстыбаҕа докумуон эргииригэр үлэлиир киһи иһитиннэрбит.
Айсен Николаев сэтинньи 8 күнүнээҕи суругар өрөспүүбүлүкэ былаастара Өлүөнэ муостатын бырайыагын инвестордарын кытта кэпсэппиттэрин туһунан иһитиннэрэр. Грант көрүлүннэҕинэ муоста тутуута 2025 сылга тутуллан бүтэрэ сабаҕаланар.
Өлүөнэ муостатын тутуу кэнсиэпсийэтэ 1980-с сыллартан баар, 2013 сыллаахха тутууга куонкурус ыытыллыбыта, ол эрээри сөбүлэһии тиһэҕэр тиийбэтэҕэ.
edersaas.ru