Владимир Поскачин олохтоох бэйэни салайыныыны үөрүүнэн ылыммыта
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Саха сиригэр олохтоох бэйэни салайыныы института тэриллибитэ 15 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Санатар буоллахха, 2002 сыллаахха олунньу 19 күнүгэр СӨ Бэрэсидьиэнин уурааҕынан олохтоох бэйэни салайыныы Сэбиэтэ тэриллибитэ уонна быыбар биллэриллибитэ. Мантан ыла өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу саҥа хайысханы олоххо киллэрии күүскэ саҕаламмыта. Бу олохтоох бэйэни салайыныыны олоххо киллэриигэ күүскэ киирсибит бэлиитигинэн билигин Үөһээ Бүлүүгэ баһылыгынан үлэлии олорор Владимир Поскачин буолар. Түгэнинэн туһанан бу тиэмэҕэ кинилиин кэпсэттибит.
— Олохтоох бэйэни салайыныы дьиҥнээх көҥүл гражданскай уопсастыба баар суох института, кини көстүүтэ. Бу суох буоллаҕына көҥүл дьон диэн, демократия диэн суох буолаллар. Аһаҕастык этэр буоллахха, олохтоох бэйэни салайыныы Саха сиригэр уустуктук киирбитэ, төрүөтэ биһиги бастаахтарбыт бэйэлэрин норуоттарын сэнээһиннэриттэн тахсыбыта. Дьиҥэр, Арассыыйа Конституциятыгар баара. 1993 сылтан саҕалаан Арассыыйаҕа барытыгар киирбит буоллаҕына, Саха сиригэр өр кэмҥэ сатаан киирбэтэҕэ. Утарсыы тахсыбытын түмүгэр бастаан утаа олохтоох судаарыстыбаннай былаас уорганнара диэни киллэрбиттэрэ. Бу судаарыстыбаннай былаас биир алын көрүҥэ этэ. Маннык Арассыыйаҕа суоҕа. Саха сирин бэйэтин толкуйа этэ. Олохтоох бэйэни салайыныы Арассыыйаҕа (Козак) реформа быһыытынан нэһилиэктэргэ (поселение) олохтоммута. Саха сиригэр, хойутаан да буоллар, 2002 сыллаахха бастаан утаа оройуоннар таһымнарыгар киирбитэ.
— Ол саҕана туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?
— Дьокутааттыыр болдьоҕум кэмигэр Дьокуускай куоракка Пригороднай сэлиэнньэҕэ Герман Отову туруоран бастаан ТОС диэни (территориальное общественное самоуправление) киллэрбиппит. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Оччолорго Пригороднай сэлиэнньэ 17-с кыбаартал, Геологтар бөһүөлэктэрэ (Поселок геологов) курдук туох да административнай-территориальнай статуһа суоҕа. Ол үрдүнэн биһиги Герман Отов кимиилээх үлэтинэн дьиҥнээх муниципальнай тэриллии тэрийбиппит. Туспа сирдэммитэ-уоттаммыта, ону бас билиигэ ылбыта, туспа бүддьүөттэммитэ. Ол аата дьиҥнээх бэйэни салайыыны олоххо киллэрбиппит.
Саха сирин үрдүнэн аан бастакынан олохтоох бэйэни салайыныы Пригороднайга киирбитэ. Салгыы бу салайыныы саҥа хайысхата Эдьигээн Кыстатыамыгар, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар уонна Алдан Кутанатыгар «олохтоммута». Баларга барытыгар орооһон, кыттыһан, методическай, каадыр өттүгэр күүскэ үлэлээбиппит. Биир санаалаах доҕотторбун Айыҥа (Кривошапкин Андрей Иванович), Тоҕой (Иванов Афанасий Дорофеевич), Сортолова Татьяна Егоровна уонна да атыттар буолан. Ол Козак сокуонун кэнниттэн Саха сиригэр олохтоох бэйэни салайыныыны киллэрэргэ элбэх кэпсэтиилэр, дьүүллэһиилэр буолбуттара. Оччотоҕу вице-президент Александр Акимов тэрийиитинэн, муниципальнай тэриллиилэр бастакы сийиэстэрэ үрдүк таһымнаахтык Опера уонна Балет тыйаатырыгар ыытыллыбыта. Онно элбэх киһи санаатын аһаҕастык эппитэ. Боломуочуйалары тыырсыы барбыта.
— Туох ситиһилиннэ?
— Саамай сүрүнэ, нэһилиэктэр таһымнара үрдээтэ. Иккиһинэн, үлэһит баһылыктар баар буолууларын хааччыйда. Этэргэ дылы, «барытын каадыр быһаарар» диэн этии манна уот харахха этиллэр. Барыта орун-оннугар сааһыланна. Бары өттүнэн кыахтаах, көхтөөх, ураты толкуйдаах баһылыктар баар буоллулар. Бу саха норуотугар саамай сөптөөх былаас көрүҥэ дии саныыбын. Аны туран, дьокутааттар оруоллара эмиэ олус улахан. Баһылык бэйэтэ улуус эбэтэр нэһилиэк бүддьүөтүн соҕотоҕун быһаарбат.
— Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарыыга өссө тугу оӨоруохха нааданый? Инники сайдыытын хайдах көрөҕүн?
— Сөптөөх суолу тутуһан инники диэки өссө сайдыахтаах. Эбии боломуочуйа бэриллиэхтээх, ону олоххо киллэрэргэ үп-харчы тыырыллыахтаах. Холобур быһыытынан этэр буоллахха, нэһилиэк, улуус аайы дьон бэйэтэ талар шерифтэрэ (муниципальнай полиция) баара буоллар бэрээдэк лаппа тупсуо этэ дии саныыбын. Дьон, норуот бэйэтин бэйэтэ салайынарыгар усулуобуйа тэриллиэхтээх, судаарыстыба кыттыһара аҕыйаан иһиэхтээх. Оччоҕуна сайдыы быдан тэтимириэ этэ. Сайдыы диэн тыа хаһаайыстыбата, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы, тутуу, олохтоох промышленность, ону-маны оҥорон таһаарыы, эргиэни, араас өҥөнү күүскэ үлэлэтии. Оччоҕуна дохуот элбиир. Олохтоох салайыныы, ол аата боростуой нэһилиэнньэ сайыннаҕына, кыаҕырдаҕына, Саха сирэ кыаҕырар. Саха сирэ кыаҕырдаҕына Арассыыйа кыаҕырар. Барыта сибээстээх, ситимнээх.
Түгэнинэн туһанан, миигин 1993 сылтан Ил Түмэн дьокутаатынан, онтон улуус баһылыгынан анаабыт, талбыт күндү үөһээ бүлүүлэри уонна олохтоох бэйэни салайыныыны киллэриигэ үтүө суобастаахтык үлэлээбит баһылыктары, дьокутааттары, билигин үлэлии сылдьар салайааччылары Саха сиригэр олохтоох бэйэни салайыныы института тэриллибитэ 15 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бары бииргэ түмсэн салгыы үлэлиэҕиҥ! Биһиги кыайыыбыт —— түмсүүгэ!
Александр ТАРАСОВ.