Владимир Поскачин: «АЛРОСА акцияларын атыылыыр туһунан сураҕы-садьыгы тарҕатан, ким эрэ бэйэтин арбанар»

Ааптар: 
28.08.2017
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин алмаастаах провинция муниципальнай тэриллиилэригэр баар “АЛРОСА” АК  акцияларын саахал кэнниттэн “Мир” руднигы чөлүгэр түһэриигэ туһаныахтарын сөбүн туһунан сурахха   бэйэтин санаатын үллэстибитин Саха информационнай агентсвота тарҕатта.

Агентство сэһэргэһээччитэ этэринэн, бу “өйтөн айыллыбыт” сурах.


Бастатан туран, мин маннык таайтаран этиини истибэтэҕим. Иккиһинэн, Саха сирин Ил Дархана Егор Борисов акциялары ким да тыытыа суоҕа диэн быйыл эрэннэрбитэ. Сыаналаах кумааҕы туһунан быһаарыыны оройуон баһылыктара буолбакка, улуус сэбиэтин депутаттара ылыналлар. Кинилэри акциялары атыылыырга итэҕэтэр манан аҕай буолбатах. Тоҕо диэтэххэ, муниципалитеттар итилэртэн үчүгэй дивиденнэри ылаллар. Ол да иһин бу үп биһиэхэ “Манчаары оонньууларын “ үрдүк таһымҥа ыытарбытыгар кыаҕы биэрдэ. Мин санаабар, сураҕы-садьыгы тарҕатан, ким эрэ бэйэтин арбанар”,— диэн бэлиэтээтэ Владимир Поскачин.

Санатан эттэххэ, “АЛРОСА” акцияларын 8 %  алмаастаах провинцияларга – Анаабыр (0,9999 %), Үөһээ Бүлүү (0,9999 %), Бүлүү (1,0006 %), Ленскэй (0,9999 %), Мирнэй (1,0003 %), Ньурба (0,9999 %), Өлөөн (0,9999 %) уонна Сунтаар (0,9999 %) оройуоннарыгар баар.

2016 сыл түмүгүнэн алмаас монополиятын ыраас барыһа 131,391 миллиард солкуобайга тэҥнэһэр. Дивиденнэри төлөөһүҥҥэ бу сууматтан 50 бырыһыана көрүллүбүтэ.

Женни СТРЮКОВА бэлэмнээтэ. Еdersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0