Владимир Павлов бириэмийэтэ олохтонно

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин киэн туттар судаарыстыбаннай,  бэлитиичэскэй  диэйэтэлэ Владимир Гаврилович Павлов төрөөбүтэ  90 сылын бэлиэтиир  тэрээһин  Дьокуускайга  ыытылынна.

edersaas.ru, Мария Кобельянова

Манна бастакы президеммит Михаил Николаев, СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн, СӨ бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Климент  Иванов, СӨ Конституционнай суутун судьуйата Игорь  Николаев, Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Евгений Федоров, Ил Түмэн депутата Андрей Николаев кыттыыны ыллылар.

Бу мунньахха сүдү киһибит бастакы бириэмийэтэ судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй  диэйэтэлгэ, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕор Климент Егорович Ивановка ананна.

Мария Кобельянова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0