Владимир Кириллин: «Иван Ярыгин турнира улахан тургутуунан буолуоҕа»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Владимир Кириллин “Спорт Якутии” хаһыакка Красноярскайга түмүктэммит Дмитрий Миндиашвили аатынан Тустуу академиятын түһүлгэтин түмүктэрин ырытта уонна бу күннэргэ саҕаланар “Иван Ярыгин” Гран-при турнирга саха бөҕөстөрүн иннигэр ханнык соруктар туралларын кэпсээтэ.


Миндиашвили академиятын түһүлгэтигэр тустууктарбыт бэйэлэрин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрбүттэрин бэлиэтээтэ, уонна бу миэстэлэспиттэргэ эрэ буолбакка, бары тустубут уолаттарга сыһыаннааҕын ыйда.

Владимир Николаевич 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа бастаабыт Арыйаан Тютриҥҥа, 61 киилэлээхтэргэ кыайыылааҕынан буолбут Эдуард Григорьевка эрдэттэн суоттаммыппыт, кинилэр бүгүҥҥү күҥҥэ хамаанда лидердэринэн буолаллар, хайа баҕарар үрдүк таһымнаах түһүлгэҕэ күүстээхтэри кытта тэҥҥэ тустар кыахтаахтар диэтэ. Ордук элбэх – биэс уончаҕа тиийэ — киһи чэпчэки ыйааһыннарга тустубутун санатан туран, Алексей Копылов уонна Семен Владимиров үһүс миэстэни ылбыттарын, 74 киилэлээхтэргэ Герман Устинов мэтээлгэ диэри биир хардыы тиийбэтэҕин эттэ. Семен Владимиров, былырыыҥҥы ситиһиитин хатылаан, эбии хапсыһыыга “Иван Ярыгиҥҥа” кыттар быраабы ылбытын ойуччу тутан бэлиэтээтэ.

Салгыы сэрэдэҕэ — сэрэбиэйдэһии, чэппиэр күн ыйааһыннаныы буолуоҕун, уолаттар ыйааһыннарын тутууга кыһалҕа суоҕун, этэҥҥэлэрин эттэ.

Владимир Николаевич Иван Ярыгин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир Тустуу холбоһуктаах эйгэтин (UWW) халандаарыгар баар күрэхтэһиилэртэн далааһыннаахтарынан, кыттааччытын састаабынан биир саамай күүстээхтэринэн буоларын ыйда. Уонна Красноярскай түһүлгэтин түмүгүнэн Европа уонна кулун тутар ыйга Дьокуускайга ыытыллар аан дойду Кубогар кыттар хамаанда сүүмэрдэниэҕин санатан туран, бөҕөстөрбүт иннигэр бэйэлэрин кыахтарын толору көрдөрөн, дойду сүрүн хамаандатыгар балаһыанньаларын бигэтитэр сорук турарын эттэ.

Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска интэриниэттэн ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0