Владимир Егоров: «Барыта үөрэх хаачыстыбатыгар тиийэн иҥнэр»
Учуутал диэн кимий? 202-с нүөмэрдээх уураах ханна тиийдэ? Биир кэлим эксээмэн быйылгы көрдөрүүтэ хайдаҕый? Үрдүк үөрэххэ бүддьүөт миэстэтэ тоҕо аҕыйаҕый? “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр төрөппүтү, учууталы долгутар сүрүн ыйытыыларга СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров хоруйдуур.
Болҕомтону – хаачыстыбаҕа
— Владимир Анатольевич, үөрэх хаачыстыбатыгар кэлин улахан болҕомтону ууран эрэллэр. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уопсай үөрэхтээһин хаачыстыбатынан Арассыыйа 10 бастыҥ дойду ахсааныгар, оттон Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирэ 15 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр киирэллэрин ситиһэр соруктары туруорбуттара.
— Маҥнай Арассыыйа туһунан билиһиннэрдэххэ, PISA үөрэнээччилэр билиилэрин чинчийии бүтэһигин 2015 сыллаахха ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн, Арассыыйа естественнэй-научнай кырааматынаска 32-с, математикаҕа 23-с, ааҕыыга 26-с миэстэҕэ сылдьар. Бу көрдөрүү сэрэхэчитэр. Ол иһин итинник быһаарыы ылыналлар.
— Кыаллын сөп дуо?
— Сэбиэскэй Сойуус саҕана өрүү бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьарбыт, билигин тоҕо кыаллыа суоҕай? Чопчу 2024 сылга да буолбатар, биэс бастыҥ дойду кэккэтигэр киирэргэ дьулуһуохтаахпыт. Саха сирэ 15 бастыҥ субъект ахсааныгар киирэргэ сорунабыт. Бу — Арассыыйа уон иһигэр киирэринээҕэр уустук буолуон сөп. Тоҕо? Өскөтүн биир кэлим эксээмэн түмүгүн ылан көрөр эбит буоллахха, биһиги көрдөрүүбүт Арассыыйа орто баалынааҕар намыһах. Биллэн турар, үөрэх хаачыстыбата аҥаардас биир кэлим эксээмэнинэн эрэ быһаарыллыбат. Ол эрээри, эксээмэн улахан оруоллаах. БКЭ баалларынан эрэ үрдүк үөрэххэ киирэллэр. Ол иһин бу көрдөрүүнү тупсарыах тустаахпыт. Инньэ гымматахпытына, оҕолорбут дойду бастыҥ үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэр кыахтара сарбыллар.
Атын көрдөрүүлэрбит, 15 иһигэр да буолбатар, ити таһымҥа чугастар. Холобур, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ Саха сирин систиэмэтэ Арассыыйаҕа биир бастыҥынан ааҕыллар. Оннооҕор соторутааҕыта Москваҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ холобур көрдөрөр (“фокус группа”) эрэгийиэнинэн талбыттара. Орто анал үөрэхтээһиҥҥэ кэлиҥҥи сылларга WorldSkills чөмпүйэнээккэ 10-15 бастыҥ эрэгийиэн, кэллиэстэрбит, техникумнарбыт 100 бастыҥ тэрилтэ ахсааныгар киирэллэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы бирииһи кытта ылаллар. Үрдүк үөрэххэ эриэйтиммит эмиэ үчүгэй. ХИФУ 15 бастыҥ федеральнай университет кэккэтигэр сылдьар. Онон болҕомтону доҕолоҥнуур салаабытыгар — уопсай үөрэхтээһиҥҥэ ууруохтаахпыт.
Биир кэлим эксээмэҥҥэ тоҕо намыһах бааллаахпытын эмиэ быһаарыахха сөп. Тохсус кылаас кэнниттэн, үөрэххэ туттарсыбакка, оскуолаҕа үөрэнэ хаалааччы оҕо ахсаанынан Саха сирэ Арассыыйаҕа бастакы миэстэҕэ сылдьар. Үөрэнээччи 70 бырыһыана Х кылааска үөрэнэ хаалар. Итинтэн хас эрэ чааһа мөлтөх түмүгү көрдөрөрө баар суол. Бу уопсай көрдөрүүгэ дьайара биллэр. Холобур, Татарстаҥҥа 50%-на орто анал үөрэххэ барар. Нуучча тылыгар хас үһүс оҕо, математикаҕа Дьокуускай куорат хас биирдии бэһис эксээмэн туттарааччыта 70-тан тахса баалга туттарар. Онтон тыа сиригэр хас 16-с оҕо итинник көрдөрүүлээх. Иитии өттүгэр, төттөрүтүн, дэриэбинэлэргэ айымньылаахтык үлэлииллэр, араас тэрээһиннэри ыыталлар, куонкурустарга кытталлар. Онон нэһилиэк оскуолаларыгар чопчу академическай үөрэтии хаачыстыбатыгар болҕомто эрэйиллэр. Оҕо ханна олороруттан тулуга суох хаачыстыбалаах үөрэҕи ылыахтаах.
“Двойной отрицательный отбор”
— Оччотугар үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиини хайдах гынан ситиһиэххэ сөбүй?
—Итиниэхэ кэлимсэтик көрөр наада. Холобура, биир сиргэ баар оскуолалар кыахтарын холбоон үлэлиэхтээхтэр. Ол эбэтэр күүстээхтэр мөлтөхтөргө көмөлөһөллөр. Аны мөлтөх көрдөрүүлээх оскуолаларга болҕомтону күүһүрдэбит. Соччото суох усулуобуйалаах оскуолаларга Үөрэҕи сайыннарар уонна таһымы үрдэтэр институт анал куурустары ыытар, ону сэргэ ыраахтан дистанционнай куурустар бааллар.
— Мөлтөх оҕолор кэлэн, педагогическай идэлэргэ киирэн, сыр-мыр үөрэнэн бүтэрэллэр. Олор улуустарга тиийэн, бэйэлэрин курдук мөлтөх оҕолору үөрэтэн таһаараллар дииллэр.
— Чахчы, нууччалыы эттэххэ, “двойной отрицательный отбор” диэн баар. Ити бүтэй эргиири тохтотор туһуттан учуутал идэтэ үрдүктүк тутулларын, ирдэнэрин, бастыҥтан бастыҥ эрэ оҕолор талар хайысхалара буоларын ситиһиэхтээхпит. Ол иһин бэрэсидьиэн хамнаһы үрдэтиигэ ыам ыйынааҕы ыйааҕа ылыныллыбыта. Биллэн турар, учуутал билиини иҥэрэр эрэ буолбакка, олоххо бэлэмниир, убаастанар, өрө тутуллар киһи буолуохтаах. Тыа сиригэр, кырдьык, нэһилиэнньэ учууталы сирдьит оҥостор. Ол да үрдүнэн болҕомто уурарбыт эрэйиллэр. Тоҕо диэтэххэ, тыа сиригэр сорох оскуолаларга оҕо ахсаана аҕыйаҕынан сибээстээн, учууталлар хамнастара намыһах. Хамнаһы үрдэтэр инниттэн үөрэх тэрилтэлэрин бөдөҥсүтүүнү эмиэ көрөбүт.
Биир кэлим эксээмэн
— Быйылгы биир кэлим эксээмэн ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ хайдаҕый?
— Ханнык эрэ биридимиэккэ өрө тахсабыт, ханныкка эрэ мөлтөөн биэрэбит. Ол эрээри, уопсай көрдөрүүгэ кыралаан тупсуу баара бэлиэтэнэр. Быйыл уустугурдуллубут математикаҕа (профильнай) көрдөрүүбүт былырыыҥҥытааҕар 5 баалынан үрдүк. Уопсайынан, математикаҕа Арассыыйа орто баалынааҕар арыый эрэ намыһах көрдөрүүлээхпит.
Биир кэлим эксээмэни сылларынан тэҥниир уустук. Тоҕо диэтэххэ, сорудахтара (КИМ) сыл аайы уларыйа турар. Хайа эрэ сыл дойду үрдүнэн математикаҕа биэс сүүс оҕо, эһиилигэр биэс уон оҕо 100 баалга туттарыан сөп. Манан оҕолор билиилэрэ мөлтөөбүт диэн түмүк оҥорор сыыһа, сорудаҕа уустугуран биэрбит буолуон сөп.
— Эксээмэни таарыйбычча, биир ыйытыылаахпын. Былырыыҥҥыттан ыла 100 баалга туттарар оҕолору кэтээн көрөбүн, итиэннэ бииртэн сөҕөбүн – үгүстэрэ куораттар. Тыа оскуолатын оҕото тоҕо 100 баалга туттарбатый?
— Ол иһин этэбин, академическай көрдөрүүгэ эмиэ болҕомтону ууруохтарын наада. Тыа сиригэр үөрэнээччи барыта мөлтөх буолбатаҕа чахчы. Кыра оскуолаҕа үөрэнээччитин ахсаана аҕыйах. Кыахтаах оҕону хайдах баҕарар өрө таһаарыахха сөп курдук эрээри, үөрэх эйгэтиттэн эмиэ тутулуктаах эбээт. Оҕо бэйэтин курдук таһымнаах оҕолору кытта үөрэннэҕинэ эрэ сайдар кыахтаах. Иккиһинэн, каадыр эмиэ улаханы быһаарар.
Эр дьон учуутал уонна иитии
— Сыыйа иитиигэ көһөн эрэбит. Эр дьон учуутал өрөспүүбүлүкэҕэ төһө элбэҕий? Кинилэр иитиигэ, үөрэтиигэ оруоллара төһө улахан дии саныыгыный?
— Саха сиригэр 18 тыһыынча педагог баарыттан, эр дьоно — 2,5 тыһыынча. Үксүгэр салайар дуоһунаска үлэлииллэр. Физика, математика, физкултуура, технология уруогар эр дьон үөрэтэрэ ордук дии саныыбын. Ол гынан баран, физиканы чаҕылхайдык үөрэтэр кэрэ аҥаардар эмиэ бааллар. Быйыл, холобур, Дьокуускай куорат В.П. Ларионов аатынан физико-тиэхиньиичэскэй лиссиэйин учуутала Любовь Ивановна Ефремова үс үөрэнээччитэ 100 баалга туттарда. Эбэтэр Горнай улууһун Өрт физика-математика хайысхалаах оскуолатын быйыл бүтэрбит 13 оҕотуттан үһэ кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээтилэр. Тоҕус оҕо үрдүк үөрэххэ киирбитэ өссө эрдэ биллибитэ. Атыттар даҕаны киирдэхтэрэ.
Статистика туоһулуурунан, кэлин мөлтөхтүк саҥарар оҕо ахсаана эбиллэ турар.
202-с уураах ханна тиийдэ?
— Тыа дьонун аймаабыт 202-с уураах ханна тиийдэ?
— Тустаах уураах булгуччу толоруллар диэн буолбакка, сүбэлиир ис хоһоонноох этэ. Холобура, нэһилиэккэ бачча киһи олорор, үөрэнээччитин ахсаана бачча, маннык дьаһалы ылыныахха сөп диэн чопчу ыйыллара. Билигин атын. Биллэн турар, соруга биир – инфраструктураны бэрээдэктээһин. Саха сирин 144 оскуолатыгар үөрэнээччитин ахсаана аҥаарын даҕаны кыайбат. 188 оскуолаҕа, төттөрүтүн, аһара элбэх үөрэнээччилээх. Күн бүгүн алта уонтан тахса хаарбах туруктаах оскуола баар. Балары барыларын бэрээдэктиэххэ, сааһылыахха наада. Оройуон Үөрэх, Доруобуйа харыстабылын, Култуура, Спорт, Экэниэмикэ министиэристибэлэрин, баһылыктары кытта үлэлэһэн бэрээдэктииллэр. Ол түмүгэр бары социальнай эйгэ өҥөтүгэр хаачыстыба тупсуохтаах.
— Сорох учууталлар оскуолабытыгар X-XI кылаастары сарбыйаары гыналлар диэн дьаарханаллар.
— Өскөтүн ол оскуолаҕа биир даҕаны оҕо XI кылааска үөрэммэт буоллаҕына, учуутал кими да үөрэппэккэ, хамнас сии олорор дуо? Дьиҥэр, оскуола сүһүөҕүн намтатыы биһиэхэ сэдэх көстүү, оттон нэһилиэк олохтоохторо сөбүлэспэт түгэннэригэр, биир даҕаны оскуола сарбыллар кыаҕа суох.
— Холобура, оскуола аҕыс үөрэнээччилээх буоллаҕына, бу оскуола дьылҕата хайдах быһаарылларый?
— Аҕыс үөрэнээччилээх, ол эрээри аттынааҕы нэһилиэккэ үчүгэй көрдөрүүлээх учууталлардаах оскуола баар буоллаҕына, мин саныахпар, олохтоохтор: “Оҕолорбутун ол оскуолаҕа үөрэттэриэхпитин баҕарабыт”, — диэхтэрэ. Аҕыс үөрэнээччилээх оскуола “социализацията” хайдах буолуой? Холобур, төрөппүт: “Мин оҕом Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка киириэн баҕарабын. Оттон бу оскуолаҕа мин оҕобор сөптөөх билиини иҥэрбэттэр”, – диэн сөп. Ол эрээри бырабыыталыстыба даҕаны, тэрийээччи даҕаны: “Үөрэнээччигит ахсаана аҕыйах, онон оскуолаҕытын сабабыт”, — диир бырааптара суох.
“Учууталынааҕар хааччыйар үлэһит элбэх”
— Биир оҕо үөрэнэригэр Саха сиригэр төһө үп ороскуоттанарый?
— Араастаһыыта олус улахан — сүүстэн тахса тыһыынчаттан саҕалаан, үс мөлүйүөҥҥэ тиийэ ороскуоттанар. Холобур, ааспыт сылга ортотунан 218 тыһыынча солкуобай туһаныллыбыт. Сылга 72 миллиард солкуобайы барыыбыт. Биһиэхэ, чахчы, кыра оскуолабыт ахсаана үгүс. Сороххо учууталынааҕар хааччыйар үлэһитэ баһыйар. Маннык оскуолалары, кырдьык, бэрээдэктиир ирдэнэр.
Төрөппүт: “Бүддьүөт миэстэтэ аҕыйах”
— Абитуриеннарга, төрөппүттэргэ аналлаах батсаап бөлөхтөрү тэрийбитим. Онно көрдөххө, итиэннэ дьон даҕаны бэлиэтииринэн, “оҕом бүддьүөт суотугар үөрэххэ киирбэтэ”, “сыллата бүддьүөт миэстэтэ аҕыйаан иһэр” диэччи олус элбээтэ.
— Саха сиринээҕи үрдүк үөрэхтэрбит кыһалара, Муусука үрдүкү оскуолатыттан ураты, федеральнай таһымнаахтар. Ол иһин бүддьүөт миэстэтин РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ тыырар. Бу сыыппара субъект нэһилиэнньэтин ахсааныттан уонна исписээлинэскэ ирдэбилиттэн көрөн аттарыллар. Биһиги, бүддьүөт миэстэтин ахсаанын эбиэхпитин баҕарар буоллахпытына, университет кыаҕын күүһүрдүөхтээхпит. Аны тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ тэрилтэ төһө үлэһит илиигэ наадыйарын учуоттууллар. Тоҕо диэтэххэ, үөрэхтэрин бүтэрэн баран, идэлэринэн үлэ булумуохтарын сөп. Быйыл тус сыаллаах үөрэхтээһиҥҥэ сокуоҥҥа уларыйыы киирдэ. Ол курдук, тэрилтэ (устудьуону, үөрэх тэрилтэтин кытта) үс өрүттээх дуогабар түһэрсибит түгэнигэр, булгуччу үлэҕэ ылар эбээһинэстээх. Ылбат түгэнигэр, ыстараап төлүүр. Ол иһин “дуогабар түһэрсэргэ бэлэммит” диир тэрилтэ аҕыйах. Бу тус сыаллаах миэстэни биэриигэ эмиэ дьайар. Оҕолорбут үрдүк үөрэххэ судургутук киирэллэрин туһугар эксээмэҥҥэ үрдүк баалы ылаллара ирдэнэр. Эмиэ биир кэлим эксээмэҥҥэ эргиллэн кэлэбит.
Репетитора суох оҕо суох
— Эксээмэҥҥэ эргиллэн кэллэххэ, үгүс төрөппүтү кытта алтыһабын. Куораттартан биир даҕаны “Оҕом репетитора суох бэйэтин билиитинэн туттарда”, — диир төрөппүтү көрсө иликпин. Оччотугар уруок оннугар репетиторга үөрэппиттэрэ ордук курдук буолбаат?
— Уруок оннугар буолбатах, эбии дьарыктыахха сөп. Оскуола эксээмэҥҥэ бэлэмниирин таһынан, уопсай сүрүн билиини иҥэрэр.
— Аныгы төрөппүт кэлин оскуолаттан оҕото биир кэлим эксээмэни үрдүк баалга туттарарын эрэ ирдиир, БКЭ баалыгар эрэ наадыйар.
— Дьиҥэр, биир кэлим эксээмэн түмүгэ оҕо үрдүк үөрэххэ киирэригэр эрэ ирдэнэр. Онтон салгыы үөрэххэ, тэрилтэҕэ, уопсастыбаҕа алтыһарыгар, бэйэтин киһи быһыытынан көрдөрөрүгэр оскуола, дьиэ кэргэн үөрэтэр. Репетитор чопчу биридимиэккэ эрэ бэлэмниир, онтон атыҥҥа болҕомтотун уурбат.
Куонкурус үрдүк, үлэһит тиийбэт
— Педагог идэтигэр куонкурус олус үрдүк эрээри, учуутал тиийбэтин курдук тиийбэт. Тоҕо?
— Эдэр учууталлары улууска үлэлии хаалалларын көҕүлүүр инниттэн, миэстэтигэр усулуобуйаны тэрийиэххэ наада. Сорох улуустар исписэлиискэ толору хааччыллыылаах дьиэни бэлэмнээн олороллор, атыттар бэйэҥ түүлэһэн олор дииллэр. Нэһилиэк баһылыктарыттан эмиэ улахан тулуктаах, кинилэр эмиэ интэриэстээх буолаллара ирдэнэр. Сыллата 1300-1400 эдэр исписэлиис тыа сиригэр үлэлии барар, итинтэн баһыйар үгүс ахсаана — учууталлар. “Тыа сиригэр барыахтарын баҕарбаттар” диэн саба быраҕан этэр судургу. Аныгы ыччат усулобуйаҕа улахан болҕомтону уурар: интэриниэт мөлтөх, дьиэ суох, сэргэх култуурунай тэрээһин аҕыйах.
— Ол, чахчы, баар суол. Сыллата тыһыынчаттан тахсалыы киһи үлэлии барар диэтиҥ, оччотугар учуутал вакансията тоҕо аччаабатый?
— Уурайаллар, биэнсийэҕэ тахсаллар, атын сиргэ көһөн бараллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 18 тыһыынча педагог баар, 40 учууталлаах кэлэктииптэн, ама, биир-икки киһи барбат буолуо дуо? Сыллата 700-800 үлэ миэстэтэ арыллар. Быйыл 900 устудьуон үөрэҕин бүтэрдэ, балар 634 үөрэх тэрилтэтигэр барыахтаахтар. Аны сыллата уонтан итэҕэһэ суох оскуола тутуллар, оҕо ахсаана эбиллэ турар.
— Биир курдук, үөрэххэ туттарсааччылар бүддьүөт миэстэтэ тиийбэт дииллэр, иккис курдук, холобура, хоту үлэлии барыахтарын баҕарбаттар. Хас даҕаны сылларын үрдүк үөрэххэ бараан баран, куоракка атыыһыттыы хаалаллар. Аныыр тоҕо кыаллыбатый?
— Федеральнай сокуону кэһэн туран дуо? Хайдах даҕаны федеральнай сокуону кэһэн туран, өрөспүүбүлүкэ сокуонун ылынар кыахпыт суох. Киһи быраабын кэһии буолар. Билигин урукку курдук оскуолаларга анааһын диэн суох. Усулуобуйа олохтуур, ыҥырар (агитациялыыр) эрэ кыахтаахпыт.
Туох саҥаны күүтэбит?
— Аны икки-үс сылынан үөрэх эйгэтигэр туох уларыйыылар киириэхтэрэй?
— Үс сүрүн чугастааҕы уларыйыыны бэлиэтиэххэ сөп. Бастатан туран, үөрэх цифровой эйгэтин киллэриигэ үлэлэһэбит. Быйыл тустаах модель 17 үөрэх тэрилтэтигэр киириэҕэ. Сыыйа өрөспүүбүлүкэни барытын хабыахпыт. Үөрэх цифровой эйгэтин көмөтүнэн салайар үлэни судургутуохпут, уруогу, дьарыгы ыытарга араас бырагыраамаларынан туһаныахпыт. Итиэннэ учуутал үлэтин отчуота даҕаны аччыаҕа.
Иккиһинэн, ситимнээх үөрэх күүһүрүөҕэ. Маннык сорук туруоруллубута быданнаата эрээри, билиҥҥитэ хото кыалла илик. Судургутук быһаардахха, үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар үлэлэһиилэрэ буолар. Үөрэнээччи атын оскуолаҕа баран үөрэнэн, билиитин хаҥатынан кэлиэн сөп. Үсүһүнэн, 2022 сылга ангылычаан тыла булгуччу биридимиэт быһыытынан киириэҕэ диэн этэллэр. Элбэх оскуола норуоттар икки ардыларынааҕы сибээстээх тас дойдулар оскуолаларын кытта уопут атастаһар. Корея, Кытай, Гонконг үөрэнээччилэрэ кэлэн, биһиги оҕолорбутун кытта алтыһаллар, кыттыгас чинчийиилэри, бырайыактары олоххо киллэрэллэр. Ангылычаан тыла — норуоттар икки ардыларынааҕы тыл. Онон манна болҕомто уурар санаалаахтар.
“Ангылычаан тыла – булгуччулаах биридимиэт”
— Саха сиригэр, бука, бастакы сылыгар “провал” балачча буолара буолуо.
— Ол иһин эрдэттэн бэлэмнии сылдьабыт. Холобур, “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин номнуо иккис сылын ангылычаан тылынан ыытабыт.
Сорох тыа оскуолаларын учууталлара: “Чааспыт аҕыйах”, — дииллэр. Дьиҥэр, дыала хас чаас көрүллэригэр буолбатах эбээт. Ким эрэ аҕыйах чаастаах эрээри, үөрэнээччини үөрэххэ көҕүлээн, үрдүк көрдөрүүнү ситиһэр. Барыта педагогическай маастарыстыбаттан, учуутал үлэтигэр сыһыаныттан, уруогу сөпкө аттаран ыытарыттан тутулуктаах. Холобур, бары кэбиниэттэри, истиэндэлэри үс тылынан суруйары ким даҕаны боппот эбээт. Айымньылаахтык үлэлээтэххэ, аҕыйах да уруокка үрдүк көрдөрүүнү ситиһиэххэ сөп.
Түмүктээн эттэххэ, сыыйа, ити курдук үөрэх ис хоһоонун уларытыынан, тэрилтэлэр ситимнэрин бэрээдэктээһининэн дьарыктанабыт, саҥа моделлар үөскүүллэр. Үөрэх хас биирдии киһини таарыйар, ол эбэтэр, уопсастыба үөрэх тула сомоҕолоһор. Онон атырдьах ыйынааҕы мунньахха үөрэх бары үлэһиттэрин кэпсэтиигэ, санаа атастаһыытыгар ыҥырабыт.
— Владимир Анатольевич, сиһилии хоруйуҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.