Владимир Черноградскай Саха сирин олохтоохторун Арктика күнүнэн эҕэрдэлиир
19.03.2020
СӨ Арктика сайдыытыгар миниистирэ Владимир Черноградскай Саха сирин олохтоохторун Арктика күнүнэн эҕэрдэлиир.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ Арктика сайдыытын боппуруостара федеральнай да, эрэгийиэннээҕи да судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар инники күөҥҥэ тураллар. Арктика оройуоннарыгар хас да сылга сайдыыны тосхоллуур докумуоннар ылыныллыбыттара.
Быйыл «Эдэр табаһыт», «Арктика учуутала», «Арктика оҕолоро», «Кииннэри тутуу» туһунан араас бырайыактар үлэлээтилэр. Социальнай суолталаах тутуулар салҕаныахтара, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата саҕаланна», — диэн миниистир санаатын тиэрдэр.
Владимир Черноградскай былааннар олоххо киирэннэр, Арктика оройуоннарын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар суолталаах буолуо диэн эрэнэр.
edersaas.ru
СИА хаартыската.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1