Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр техникумнара үөрэппит оҕолорун кытта сибээһин быспат. Соторутааҕыта паралимпиец Владимир Балынец кэлэн, үөрэммит кыһатыгар ыалдьыттаан барда.
Владимир Балынец – Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, 2012 с. паралимпийскай оонньууларга үрүҥ көмүс призер, 2018 с. инбэлиитэ суох спортсменнарга аан дойду рекордсмена, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ, Арассыыйа уон биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ, 2019 с. РФ “Бастыҥ спортсмена”.
Кини техникумҥа үөрэнэн, хас да оробуочай идэни баһылаабыта, мантан кини саҥа олоҕо саҕаламмыта, аан дойду таһымнаах спортсмен буоларга уһуйуллубута.
Владимир Балынец 2020 с. Японияҕа буолуохтаах Паралимпийскай оонньууларга бэлэмнэнэрин быыһыгар, Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр техникумнарыгар тренерэ Петр Давыдовы уонна быраатын, Арассыыйа спордун маастарын, Арассыыйа чөмпүйүөнүн Роман Устюжанины кытта кэлэ сырытта.
Спортсмен үөрэммит кыһатыгар олимпийскай факеты бэлэхтээтэ. Бу факелы кини 2014 с. Сочига олимпиада аһыллыытыгар күөрэччи көтөҕөн сүүрбүтэ. Оттон Петр Николаевич олимпийскай факелы көтөҕөөччүлэр атрибуттарын: бэргэһэни, саарпыгы, үтүлүгү бэлэхтээтэ.
“Факел – уот, сырдык, олоххо тардыһыы бэлиэтэ, туохтан да иҥнибэккэ, мэһэйдэри туоруурга, тохтоон хаалбакка, инники барарга ыҥырар”, — диэн этэн туран, Владимир устудьуоннарга элбэх сүбэни-аманы биэрдэ. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор, эдэр дьон Владимир Балынеһы холобур оҥостоллор, киэн тутталлар.
Сүрдээх истиҥ, сылаас көрсүһүү буолла. Устудьуоннар уонна уһуйааччылар күндү бэлэҕэр махтаннылар уонна паралимпийскай оонньууларга үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр техникумнара.