Саха сиригэр оскуола, уһуйаан тутуута — тыын суолталаах боппуруос. Тутуу барар сиригэр нэһилиэнньэ ахсаана көҕүрээбэт, дьонун-сэргэтин олоҕо туруктаах буолар. Онон 2018 сыллааҕы хаһыаппыт маҥнайгы нүөмэригэр анаан, СӨ Үөрэҕи сайыннарыыны хааччыйар ресурснай киин дириэктэрэ Владимир Аржакову кытта кэпсэттибит.
— Владимир Владимирович, 2017 сыл түмүктэннэ. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх эйгэтигэр төһө элбэх тутуу ыытылынна?
— Ааспыт сылга үп-харчы кырыымчыга тутууга, материальнай-тэхиньиичэскэй даҕаны хааччыллыыга, кырдьык, кыра уустуктары үөскэттэ. Ол эрээри, иккис сылын “Содействие созданию новых мест” диэн федеральнай бырагыраамаҕа хапсан, Уһук Илин уокуругар биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьабыт. Тустаах бырайыак оскуолаларга саҥа миэстэни таһаарыыга, үөрэнээччилэри биир симиэнэҕэ көһөрүүгэ уонна саахалланар туруктаах, эргэрбит оскуолалары саҥардыыга, тутууга аналлаах.
2020 сылга диэри 70-тан ордук, онтон 2021-2025 сылларга 50-тан ордук бырыһыан эргэрбит оскуолалар саҥардыллыахтаахтар диэн сорук туруораллар. Бырагыраама хайысхаларыгар аҥаардас тутуу эрэ буолбакка, уларытан оҥоруу (реконструкция), хапытаалынай өрөмүөн эмиэ киирэр. 2016 сыллаахха ити бырагыраама чэрчитинэн Дьокуускай куоракка 360 миэстэлээх 18-с нүөмэрдээх уонна Таатта Дьүлэйигэр 120 миэстэлээх оскуолалар үлэҕэ киирбиттэрэ. Ити икки тутууга уонна саҥа миэстэни тэрийэргэ хапытаалынай өрөмүөҥҥэ анаан федеральнай хааһынаттан 536 мөл. солк. көрүллүбүтүн туһаммыппыт. Былырыын түөрт оскуола тутуутугар уонна 11 оскуола хапытаалынай өрөмүөнүгэр 729 мөл. солк. субсидия бэриллибитэ. Онон федеральнай бырагырааманан тутуунан 720, хапытаалынай өрөмүөнүнэн 804 саҥа миэстэни тэрийдибит.
2016 сылга былааннаммытын курдук, 10 оскуоланы, былырыын федеральнай, инвестиционнай уонна “Үтүө дьыала” бырагыраамаларынан, уопсайа, тоҕус оскуола Саҥа дьылга диэри үлэҕэ киирдэ. Бырагыраама уратыта диэн, эбийиэктэр бүгүҥҥү сокуон туох баар баһаарынай, санитарнай, куттал суох буолуутун ирдэбиллэригэр, тутуу бары быраабылаларыгар эппиэттиир улахан ороскуота суох ыытыллыахтаахтар.
Быйылгы былаан – уонча оскуола
— Быйыл хас оскуоланы тутар сорук турарый?
— Үүммүт сылга, сүрүннээн, элбэх оскуола Дьокуускай куоракка тутуллуоҕа. Ол курдук, судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии бырагыраамата ылыллыбыта. Ол чэрчитинэн, 6-с (ДСК), 25-с (Гимеин), “Айыы кыһата” (203 кыбартаал), “Арктика оскуолата” оскуолаларын ситэрэн, 1620 миэстэни таһаарыахпыт. Быйыл эмиэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, уопсайа, уонча оскуоланы үлэҕэ киллэрэр былааннаахпыт.
— “Айыы кыһатын” төрөппүттэрэ сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ күүскэ үлэлэһэллэр. Саҥа кыбартаалга биир эрэ оскуола тутуллар түгэнигэр, үгүс сыллаах үлэбит халтай хаалыа диэн санаарҕыыллар. 203 кыбартаалга өссө атын оскуола тутуута былааннанар дуо?
— 275 миэстэлээх оскуола тутуута былааҥҥа баар. Билигин үөрэтиллэ сылдьар. Итиэннэ инникитин 360 миэстэлээх оскуоланы эмиэ толкуйдууллар. Генеральнай былаан быһыытынан хас миэстэлээх оскуола батарыттан тутулуктаах. Күн бүгүн Дьокуускай куорат Воинскай уулуссатыгар 990 миэстэлээх улахан оскуола бырайыага оҥоһулла сылдьар.
Күргүөмүнэн саҥардары эрэйэллэр
— Кириисис төһө да бүрүүкээтэр, СӨ бырабыыталыстыбата тутууга былаанын кыччаппат, үбү-харчыны тыыра турар. Саха сиригэр оскуола тутуута маассабайдык 1950-1970 сылларга барбыта. Ити үксэ мас оскуолалар. Бары биир кэмҥэ тутуллан, күргүөмүнэн саҥардары эрэйэллэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2001-2016 сылларга барыта 203 оскуола үлэҕэ киирдэ. Арассыыйаҕа саамай элбэх оскуола, туох даҕаны мөккүөрэ суох, Саха сиригэр тутуллар. Бастатан туран, эппитим курдук, саахалланар туруктаах, эргэрбит оскуолабыт үгүс. Иккиһинэн, оҕо төрөөһүнэ элбэх.
16 уһуйааны тэҥинэн
— Оттон уһуйаан тутуута хайдаҕый?
— Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии бырагырааманан күн бүгүн тыа сиригэр 16 уһуйаан тутулла турар. Уопсайа, 2731 миэстэни таһаарар былааннаахпыт. Итинтэн ааспыт сылга 7 уһуйаан (1043 миэстэ) үлэҕэ киирдэ. Быйыл 6 (1233 миэстэ), эһиил 3 уһуйаан (455 миэстэ) тутуллан бүтүөхтээх. Тустаах бырагыраамаҕа тирэҕирэн, баара-суоҕа үс сыл иһигэр 16 уһуйааны тэҥинэн үлэҕэ киллэрэр кыахтанныбыт.
Тыа сирин сэргэ, Дьокуускай куоракка эмиэ үлэ күүскэ барар. Ол курдук, барыта 1310 миэстэлээх 5 уһуйаан тутулла турар: 203 кыбартаалга 2, Сыырдаахха, Пионерскай, Ильменскэй уулуссаларга. Туох даҕаны харгыстар үөскээбэтэхтэринэ, 2018-2019 сс. үлэтин барытын үмүрүтүөхпүт.
Куорат кыһалҕалаах оскуолаларын тула
— Владимир Владимирович, хапытаалынай өрөмүөн эмиэ киирэр диэтиҥ. Н.А.Алексеева лиссиэйин боппуруоһа быһаарыллыах курдук дуо?
— Тустаах лиссиэй Киров уулуссатын 15 нүөмэрдээх дьиэтигэр үлэлии олорбута. Оскуола уҥа өттүнээҕи бадыбаала (подвальнай помещение) сууллан, билигин Лермонтов уулуссатыгар Илин Сибиирдээҕи экэниэмикэ уонна менеджмент институтун (ВСИЭМ) дьиэтигэр үөрэнэ олороллор. Куорат дьаһалтата атыылаһыахха диэн этии киллэрбитэ эрээри, ирдэбил быһыытынан (289-с нүөмэрдээх РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан), атыылаһар түгэммитигэр эбийиэк оскуолаҕа анаан бырайыактаммыт буолуохтаах. Бырайыага, сметата, бырайыагын эспэртиисэтэ, тутулуга суох эспэртиисэ сыанабыла ирдэнэр. Хомойуох иһин, тустаах эбийиэккэ докумуона ситэтэ суох. Күн бүгүн куорат дьаһалтата итиннэ үлэлэһэ сылдьар.
— Кангалас оскуолатын уонна Мөлтөхтүк саҥарар оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуолаларын боппуруоһа…
— Кангалас оскуолата Үөрэҕи хааччыйыыны сайыннарар ресурснай киин былааныгар суох. Тоҕо диэтэххэ, биһиги үлэлиир федеральнай бырагыраамабыт, ол чэрчитинэн көрүллэр харчы саҥа миэстэни тэрийэргэ туһуланар. Түннүгү, ититиини уларытыыга, о.д.а. кэккэ өрөмүөҥҥэ бэриллибэт. Холобура, түмэли дуу, мастарыскыайы дуу, остолобуойу дуу уларытан хас эрэ оҕо үөрэнэр саҥа миэстэтин оҥороллоругар өрөмүөҥҥэ, паарта, олоппос, дуоска атыылаһалларыгар диэн үп көрүллүөн сөп. Бырагыраама усулуобуйата ити курдук. Иккис симиэнэни суох оҥорор сыалтан, саҥа миэстэни таһаарарга аналлаах. Онон Кангалас оскуолатын боппуруоһунан Дьокуускай куорат дьаһалтата дьарыктанар.
Оттон Мөлтөхтүк саҥарар оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуолаларын тутуутун үбүлүүргэ үлэ ыытыллар. Ол эрээри, биһиги үлэлиир бырагыраамабыт ирдэбилигэр сөп түбэспэт. Судургутук быһаардахха, биһиги уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын тутабыт, өрөмүөннүүбүт. Тустаах оскуола анал оскуола буолар. Ол иһин бу оскуола тутуутун бэйэбит, өрөспүүбүлүкэ эрэ күүһүнэн быһаарар кыахтаахпыт.
Дойду үрдүнэн 2025 сылга диэри оскуолалары барыларын биир симиэнэҕэ көһөрөр сорук турар. Саха сирэ тустаах хамсааһынтан хаалсыбат.
— Владимир Владимирович, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru