«Вита-септ» бобуулаах лосьонунан эргинээччилэр тутулуннулар

05.01.2017
Бөлөххө киир:

Киһи уйгутун уонна атыылаһааччы быраабын көмүскүүр федеральнай надзор сулууспатын СӨ управлениетын иниспиэктэрдэрэ «О проведении внеплановых проверок производства и оборота спиртосодержащей продукции» ыйаахха олоҕуран, бу күннэргэ рейдэҕэ таҕыстылар. Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

Тохсунньу 3 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн атыы-эргиэн 351 дьиэтэ бэрэбиэркэҕэ хабылынна. Ол түмүгэр испиир булкаастаах киһи доруобуйатыгар куһаҕан дьайыылаах уопсайа 82,85 лиитирэ 23 паартия бородууксуйа атыыттан тохтотулунна. Дьокуускай уонна Нерюнгри маҕаһыыннарыгар Казахстаҥҥа оҥоһуллубут 95%-наах «Вита-Септ» лосьон хамаҕатык атыылана турбуттара билиннэ. Бу бородууксуйа Россияҕа атыыланара бобулаах буолан, туһааннаах лосьонунан эргинэр урбаанньыттарга
административнай быраабы кэһиигэ боротокуол оҥоһулунна. 40 бытыылка 100 мл. бородууксуйа атыыттан уһулунна.

Өскөтүн бобуулаах бородууксуйанан эргинэр маҕаһыыннары билэр буоллаххытына, Киһи уйгутун уонна атыылаһааччы быраабын көмүскүүр федеральнай надзор сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетыгар 8800-550-21-24, (4112)35-62-72 төлөпүөннэринэн эрийэн биллэриҥ.

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0