Саҥа коронавируснай инфекция диэн ыарыы күөрэйэн, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыта сылтан орто. Кыраныыссалар сабылланнар, кэлии-барыы тохтоон, дьон дьиэҕэ хаайтаран олорбута, миллиардынан киһи мааска кэтэн сылдьыыта, аан дойдутааҕы пандемия саҕаланыыта – бу маннык өссө хаһан да буола илигэ. Былырыын баччаларга дьиэттэн таҕыстыҥ да, вируһу хабан ылаҕын диэн, таһырдьа тахсар да бобуулаах курдуга. Маҕаһыыҥҥа, аптекаҕа уонна ыты күүлэйдэтэ тахсарыҥ эрэ көҥүллэнэр этэ.
Биллэн турар, ол саҥа вирус хайдах сыстарын, тарҕанарын, дьону төһө күүскэ ыарытарын билбэт буолан, итинник миэрэлэр ылыллыбыттара. Сылтан ордук кэмҥэ ыарыы хайдах дьайара син үөрэтилиннэ. Хата, бастаан куттуулларыгар, кириип курдук олус сыстыганнаах буолбатах эбит. Эдэр, чэгиэн дьон чэпчэкитик аһараллар, сорохтор, бэл, билбэккэ да хаалаллар. Ол эрээри, аҕам саастаах уонна олоҕурбут ыарыылаах дьоҥҥо олус ыараханнык киирэрэ, өлөрөр кутталлаах буолара биллибитэ.
Муус устар 5 күнүнээҕи туругунан, Арассыыйаҕа 121,9 мөлүйүөн анаалыс оҥоһуллубут, 4 589 540 киһи ыалдьыбыта бигэргэммит, 4 211 133 киһи үтүөрбүт, 100 717 киһи өлбүт. Күн аайы 8,2-8,5 тыһыынча киһи ыалдьар. Бу ахсаан өссө элбэх буолуон сөп (биллибэккэ ыалдьыбыттары учуоттаатахха).
Вируһу кытары куоталаһыы
Биһиги дойдубутугар бэрт кылгас кэм иһигэр быһыы оҥоһуллан, ыарыы хаптайбыт курдук буолла. Ол эрээри, “Ковид-19” ыарыы остуоруйаҕа кэпсэнэр моҕой курдук, уларыйан, дьүһүн кубулуйан иһэр эбит. Бу уларыйыылар вакциналарга бэринэллэрэ чопчу биллибэт.
Великобританияҕа ахсынньыга булуллубут коронавирус уларыйыытын штамма номнуо 17 мутациялаах диэн учуонайдар быһаардылар. Премьер-миниистирдэрэ Борис Джонсон мутация 70% түргэнник тарҕанар диэн бэлиэтээбитэ. Онон билигин 40 дойду Великобританияны кытары сырыыны тохтоттулар.
Бу штаммтан сылтаан Европа дойдуларыгар кытаанах локдауннары (харантыыны) киллэрэн эрэллэр. Тэрилтэлэр сабыллан, тэйиччиттэн үлэҕэ, үөрэххэ көстүлэр. Дьиэттэн улахан төрүөтэ суох тахсыбыт киһи 400 евроҕа ыстарааптанар. Балыыһалар реанимациялара туолан эрэллэр. Үгүс дойдулар AstraZeneca хампаанньа быһыытын ылартан туттуналлар (тымырга тромб үөскэтэрин иһин), Европатааҕы эмп-томп ааҕыныстыбатын быһаарыытын күүтэллэр.
Учуонайдар сүрүннээн маннык санааҕа кэллилэр: вирус мөлтөх иммунитеттаах, аутоиммуннай ыарыылаах дьон организмыгар киирэн, уларыйар. Оччотугар, маннык уларыйыыны тарҕаппат туһуттан, мөлтөх иммунитеттаах дьон быһыыны бастатан туран, ылыахтаахтар.
Вирус уларыйыыта хайдах, тоҕо үөскүүрүй? Киһи этигэр-сиинигэр киирэн баран, иммунитеты кытары охсуһар. Төһөнөн өр охсуһуу салҕанар да, вирус уларыйан, дьүһүн кубулуйан иһиэн сөп. Вашингтон куоракка 71 саастаах эмээхсин ыарыыта 70 күн устата үтүөрэн быстыбатаҕа. Бу кэм устата кини этигэр-сиинигэр вирус геном өттүнэн улаханнык уларыйбыта биллибитэ.
Соҕуруу Африкаҕа, Бразилияҕа, АХШ-ка кэлин үөскээбит коронавирус мутациялара түргэнник тарҕаналлар. Британскай штамм 130, Соҕуруу Африка мутацията 80, Бразилия вируһа 45 дойдуга тарҕаммыттара биллибитэ. Холобур, Калифорнияҕа үөскээбит CAL.20C вирус Кытайтан кэлбит коронавирустааҕар икки төгүл сыстыганнаах. Ол эрээри, Британия уларыйбыт вируһа кинитээҕэр өссө ордук түргэнник сыстара биллэр.
Коронавируһунан ыалдьан үтүөрбүт киһи уларыйбыт вирус штаммынан иккистээн ыалдьыбыт түгэннэрэ бааллар (24 киһи). Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) иһитиннэрбитинэн, быһыыны ылбыт да, коронавируһунан ыалдьыбыт да дьон Соҕуруу Африкатааҕы штаммыгар сыстыахтарын сөп. Бу штамм коронавирустаабыт дьон хааннарын плазматыгар баар “антителаҕа” хотторбот эбит. Ону ааһан, Британия учуонайдара чинчийбиттэринэн, мөлтөх иммунитеттаах киһиэхэ оннук плазманы куттахха, кини этигэр-сиинигэр коронавирус уларыйыан сөп.
Штамм диэн тугуй?
Хас биирдии вирус бэйэтэ геномнаах – ДНК, эбэтэр РНК геннэрэ уһун сыапка уратытык сааһыланаллар. Коронавирус SARS-CoV-2 генома – РНК уһуннук сааһыланыыта, онно 30 тыһыынча кэриҥэ нуклеотидтаах. Балар бэрээдэктэрэ ыһылыннаҕына, бу сыап уларыйыан сөп. Штамм диэн учуонайдар вирус уларыйбыт лабаатын ааттыыллар.
Коронавирус 7 сүрүн штаммнаах. Олору GR, G, GH, O, S, L, V диэн бэлиэтииллэр. Ухань куоракка L штаммы булбуттара, кини сыыйа сүтэн эрэр. Атын штаммнар аан дойдуга араастаан тарҕаммыттар.
Арассыыйаҕа мутация төһө элбэҕий?
Тохсунньу-кулун тутар ыйдарга 22 мутация баара биллибит. Сорох мутация букатын сыстыгана суох. Роспотребнадзор иһитиннэрэринэн, пандемия саҕаланыаҕыттан Арассыыйаҕа сүрүннээн 3 мутация бөлөҕө күүскэ тарҕанан баран, кэнники бытаарбыт. Кинилэри вакциналары оҥорбут “Вектор” уонна Чумаков аатынан научнай кииннэр чинчийэллэр.
“Бары вирустар куруук уларыйа тураллар, ол эрээри коронавирус уларыйыыта бытаан соҕус. Кирииптээҕэр бытааннык уларыйар. Онон быһыы кинини кыайарыгар эрэл баар”, — диэн учуонайдар этэллэр. Ааспыт сылга коронавирус аҕыйахтык уларыйбытын Роспотребнадзор хотуна Анна Попова этэн турар. Ыйга иккитэ, ол эбэтэр сылга 24 уларыйыы тахсыан сөп.
Биллэн турар, саҥа мутация дойдуга киирдэ, ол эрээри эпидемиологическай балаһыанньаҕа ол улаханнык дьайар диэн этэр сатаммат. Коронавируһунан ыалдьан үтүөрбүт киһи: “Миэхэ антитела баар, аны мааска кэппэппин” диэн харыстанар миэрэлэри тутуспат буоллаҕына, киниэхэ атын штамм киирэн, иккистээн ыалдьыан сөп. Син биир сэрэхтээх буолуохха наада.
Вакцина көдьүүстээх дуо?
Вирус уларыйа турар буоллаҕына, вакцинаны ылар көдьүүстээх дуо? Этиллибитин курдук, коронавирус кирииптээҕэр икки төгүл бытааннык уларыйар. Онон вирусологтар быһыы көдьүүстээх буолуоҕар эрэнэллэр. Чинчийии салҕанан барар. Билиҥҥитэ быһыыттан үөскээбит иммунитет төһө өр сылдьара, хас штаммтан көмүскүүрэ биллибэт. Билигин оҥоһуллубут вакциналар сүрүннээн D-штаммҥа оҥоһуллубуттар, оттон билигин аан дойдуга G-штамм тарҕанан эрэр.
“Арассыыйаҕа штамм көрүҥнэрэ аҕыйахтар, онон коронавируһу утары вакцина көдьүүстээх буолуо, сыл аайы уларытар наадата суох”, — диэн Чумаков аатынан научнай киин үлэһитэ Любовь Козловская этэр.
Арассыыйаҕа бэриллэ сылдьар вакциналар үһүс килиниичэскэй чинчийиилэрин ааһа иликтэр. Уонунан тыһыынча киһи кыттыылаах чинчийии түмүгүнэн эрэ быһыы иммунитекка төһө көдьүүстээҕэ көстүөҕэ.
Аденовируснай векторга олоҕурбут «Спутник V» быһыыны регистрация кэннинээҕи чинчийиитэ бэс ыйыгар түмүктэниэхтээх. Ол кэнниттэн дьэ, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бастайааннай регистрациятын ааһыахтаах. Ону тэҥэ, Роспотребнадзор “Вектор” киинэ оҥорбут “ЭпиВакКорона” уонна Чумаков аатынан научнай киин оҥорбут “КовиВак” быһыылара регистрацияны ааспыттара.
«ЭпиВакКорона» вакцина коронавирус былырыын тарҕаммыт көрүҥүттэн уонна британскай штаммтан биир тэҥник көмүскүүр диэн быһыыны оҥорбут “Вектор” киин учуонайдара этэллэр. Кинилэр чинчийбиттэринэн, быһыыны ылбыт дьон хааннарыгар коронавирус бары көрүҥнэрин, ол иһигэр британскай штаммы суох гынар. Атын штаммнары суох гынарга консервативнай пептидтэри уонна нуклеопротеиннары туһаммыттар. Быһыыны оҥорооччулар спайк-белогу туһамматахтар, тоҕо диэтэр, антителаттан тутулуктаах инфекция күүһүрүүтэ буолуон сөп. Учуонайдар кыылларга пептиднэй быһыыны чинчийэн көрүөхтэриттэн, бу белоктан аккаастаммыттар.
Муус устар 2 күнүгэр Владимир Путин «Спутник V» быһыы коронавирус бары биллэр көрүҥнэриттэн көдьүүстээх диэн эппитэ.
Түмүккэ
Коронавирус кириип курдук, дьыл кэмэ уларыйыытынан кэлэ туруо диэн билгэлииллэр. Оччотугар учуонайдар, быраастар кэлэр сылга ханнык штамм тарҕаныаҕын эрдэттэн таайан, быһыыны оҥорон, дьоҥҥо биэрэ охсуохтаахтар.
Вируһу кытары куоталаһыы саҕаланна: эрдэттэн быһыыны биэрэ охсон, эпидемияны тохтоппотоххо, саҥа штаммнар киэҥник тарҕанан, вакцина көдьүүһүн сотон кэбиһиэхтэрин сөп.
Быһыыны оҥорбут учуонайдар, быраастар, чунуобунньуктар көдьүүстээҕин дакаастыы сатыыллара өйдөнөр. Оттон дьиҥ көдьүүһэ олоххо көстөн иһиэҕэ…
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ria.ru, rg.ru
Эспиэр санаата
“Быһыы эрэ көмөтүнэн үһүс долгунтан куотуохпут”
Анна Попова, Роспотребнадзор салайааччыта:
— Арассыыйа гражданнарын 40%-гар саҥа коронавируснай инфекцияны кытары хантаактаһан баран, “антитела” үөскээбит. Вирус уларыйар, ол эрээри мутация ахсаана билиҥҥитэ кыра, геном 1%-нын ылар. Биһиги дойдубутугар сүүстэн тахса киһи британскай, уонча киһи Соҕуруу Африка штаммынан ыалдьыбыта билиннэ.
Сотору сайын буолуо, уоппуска кэмигэр дьон кэлиитэ-барыыта элбиэ, онон бэйэни эрэллээхтик сананар туһуттан, эрдэттэн быһыыны ылбыт ордук. Быһыы доруобуйаҕа туох да куттала суох. Элбэх киһи быһыыны ылан, кэлэктиибинэй иммунитет үөскээтэҕинэ, үһүс долгунтан куотуохпутун сөп.