Оҕуруот арааһын үүннэрэр Далбар Хотуттар кэлиҥҥи кэмҥэ виноградка холонон эрэллэр.
Кинилэргэ анаан биһиги хаһыаппыт эрэллээх аргыһа, Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа бу култуураны үүннэриигэ бэйэтин үөрүйэхтэрин үллэстэр.
Амтана наһаа минньигэс!
Мин 2013 сыллаахха Москваттан икки саастаах виноград үнүгэһин аҕалбытым төрдүс сылыгар ас биэрбитэ. Биир саамай улахан дьөрбөтө (гроздья) 1,5 киилэ ыйааһыннаах этэ. Ону быспытым кэнниттэн бэс ыйыгар иккистээн астаммыта! Ити эрээри ук эрэ барыта сылга иккитэ аһын биэрэр буолбатах. Ыкса күһүн сэбирдэхтэрин түһэрэн баран, «утуйар», олунньуттан «уһуктар», сэбирдэҕин таһаарыан иннинэ аһын кутар. Саҥа кэлбит үнүгэһи, силиһэ үчүгэйдик сайыннын диэн, бастакы сылыгар быһан кэбиһэр ордук. Мин «Анжелика», «Киш-миш», «Доктор Флеймс», «Руслан», «Фаланга», «Блестящий», «Мечта», «Преображение» курдук эрдэ ситэр суортары үүннэрэбин. Көрүүтүн-истиитин син баһылаан, уонтан тахса атаҕы олордобун, араас-араас саастардаах буоланнар олортон сорохторо эрэ астаналлар.
– Биһиги виноградпыт наһаа да минньигэс! – дэһэллэр сиэннэрим.
Чахчыта да оннук, ырыынакка сиппэтэх винограды хомуйан аҕалан атыылыыллара амтана төрүт атын. Чугастыы ыллахха, сиикэйдии хомуллубут моонньоҕон уонна угар тутан буспут моонньоҕон амтаннара төрүт тус-туһунан буолалларын курдук. Виноград ураты көрүүгэ-истигэ соччо наадыйбат. Ол эрээри, маннык кэккэ ньымалары билэр, тутуһар наада.
Сырдык уонна сылаас
Бары билэр култуураларбытыттан ыллахха, помидор сырдыгы таптыыр эрээри, күлүгү син тулуйар, оҕурсу сырдыкка эрэ үүнэр, оттон виноград дьэ саамай сырдыкка наадыйар үүнээйи буолар. Үөскээбит дойдута Египет, Греция, Крым, Орто Азия буолан, күн сырдыгын уонна сылааһы сөбүлүүр. Ол иһин мин виноградпын тэпилииссэҕэ үүннэрэбин, тэпилииссэм кыһын газ оһоҕунан сылытыллар. Билигин Саха сиригэр элбэх улууска винограды үүннэрэр буоллулар. Ленскэйдэр таһырдьа үүннэрэллэр, өссө кыһын таһырдьа кыстаталлар дииллэр эрээри, Мухтуйа килиимэтэ киин уонна илин эҥээр улуустардааҕар быдан сымнаһыар. Инньэ гынан, биһиги тэпилииссэҕэ үүннэрэрбит быдан ордук.
Чэпчэки буор
Виноград чэпчэки буору сөбүлүүр. Мин буорбун көннөрү буорга өрүс кумаҕын уонна сиппит кунуһу булкуйан оҥоробун. Онно кыратык компост (араас үүнээйи отун-маһын тобоҕо сытыйан, буордуйбут араҥатын), сиидэлэммит күлү уонна сиикэй сымыыт хаҕын хатаран баран, мэлийэн кутабын, «НВ-101» уонна «Эмбиота» диэн эбииликтэри эбэбин. Буорум түгэҕэр керамзиты эбэтэр кирпииччэ үлтүркэйин кутан, дренаж оҥоробун. Сыыс отун ыраастыы сылдьабын уонна салгын киириитин хааччыйан, кэмиттэн кэмигэр буорун көбүтэн биэрэбин. Сорох силистэрэ оҕурсу курдук үөһэнэн тарҕанан үүнэллэр, буору көбүтэргэ ону учуоттуур наада.
Мас иһит
Бастаан билбэккэбин, наһаа ыкса олордубутум. Кыракый үнүгэстэр түргэнник улаатаннар, кыараҕаһыргатар буолбуттара. Инньэ гынан, кэргэним Анатолий Николаевич тэпилииссэбитин кэҥэтэн биэрбитэ. Билигин 8 м усталаах, 1,3 м туоралаах, 60 см дириҥнээх мас хоруудаҕа уон угу, ону таһынан сиргэ түөрт угу олордон турабын. Онон эһиги биир укка хаптаһынынан 60 см усталаах, эмиэ оччо туоралаах, дириҥнээх мас иһити оҥороргутугар, салгын киирэ-тахса сылдьарыгар анаан ойоҕосторунан хайаҕастыыргытыгар сүбэлиибин. Мантан кыараҕас иһиккэ силиһэ сайдыбат, сиппэт, аһын биэрбэт.
Ууну – сөбүн көрөн
Кутар уу сөбүгэр сылааһа ордук. Үнүгэскэ ууну бастаан олордорго куппут кэнниттэн 10-15 хонугунан, салгыы иккилии нэдиэлэ буола-буола кутуллар. Быйыл олус куйаас уонна кураан буолан, мин билигин уоннуу хоно-хоно кута сылдьабын. Биир укка иһититтэн көрөн, 10 лиитэрэҕэ тиийэ кутуллар.
Ас кутар кэмигэр ууну элбэҕи куттахха, аһа барыта тохтон хаалар. Ол иһин, ас кутан эрэр үнүгэскэ биирдэ дэлэччи соҕус кутан баран, тохтотон кэбиһиллэр. Биллэн турар, 60 см дириҥнээх хоруудаҕа кутуллубут уу аллараа кыайан тиийбэт. Ити иһин маннык албаһы тобуллум: икки-үс устуука 0,5 лиитэрэлээх пластик бытыылкалары ылан уһаты холбоон, ойоҕосторунан хайаҕастаан бараммын буорга көмөн кэбистим уонна уубун онон кутабын. Виноград силиһэ сүрдээх уһун, дьэ олору аһатарга бу бытыылкалар көмөлөһөллөр. Виноград сэбирдэхтэрэ илийэрин, ууну ардахтатан кутары төрүт сөбүлээбэт.
Сэрэтэр дьаһал
Аны биир дьиктитэ диэн үөн-көйүүр мээнэ ыспат эбит. Холобур, биир дьыл тэпилииссэбин илимнээх дооҕуй (паутинный клещ) буулаан, яблоняларым, грушаларым, черешняларым ыалдьыбыттара ахан, оттон виноградтарым туох да буолбатахтара. Ол да буоллар, үөнтэн-көйүүртэн сэрэтэн, саас эрдэ уонна күһүн эмтиир наада. «Актара», «Фитоферим» биитэр «Интавир» курдук эмтэринэн инструкцияларын тутуһан ыстарыллар. Ону таһынан 1 %-наах Бордос убаҕаһа эмиэ көдьүүстээх, хойуу гына суурайыллыбыт хаһаайыстыбаннай мыыланы кытары булкуйан ыстардахха, үнүгэскэ сыстан, сайын устатыгар туһалыыр.
Виноград «ытабыла»
Саас аайы үнүгэстэн кып-кыракый таммахтар бычыгыраан тахсаллар, ону «ытыыр» кэмэ («плач винограда») диэн ааттыыллар. Итинтэн куттаныллыбат. Агрономнар этэллэринэн, чэгиэн виноград «ытыыр», симэһинин таһааран, үнүгэһин, сэбирдэхтэрин бөҕөргөтөр эбит. Ол иһин саас быһар-отор сэрэхтээх, тоҕо диэтэххэ, быһыллыбыт сиринэн симэһинэ барыта тохтон, хатан хаалыан сөп. Сайын үнүгэс олус уһуур, сэбирдэхтэнэр. Соҕуруу дойдуларга чараас маһынан туруору эрэһиэҥкэ курдук шпалера оҥорон, онно олордоллорун киинэҕэ көрөргүт буолуо. Мин виноградым үүнэн, уһаан истэҕин аайы үөһэттэн быанан туттарабын.
Хоннохтооһун
Үүнэрин тухары хос хоннох бөҕөтө тахсар, олор улахан баҕайы сэбирдэххэ кубулуйан, күлүгү үөскэтэннэр уонна аһын былдьааннар, отонноро бып-бытархай буолаллар. Ол иһин, көрө сылдьар хос хоннохтору ыраастаан кэбиһиллэр. Онуоха аллараа өттүгэр биир сэбирдэҕи хаалларыллар.
Эбии аһатыы
Саас олордорбор буорга күлү уо.д.а. эппитим «үлэлии» сытар буоланнар, элбэх уоҕурдууга наадыйбаттар. Ол иһин, түөртэ эрэ эбии аһатабын.
Бастакы аһатыыны саас эрдэ, сибэккилиэн иннинэ оҥоробун. «Бурданы», «Вертера-гумины» эбэтэр «Эмбиотаны» туһанабын. Оннук суох түбэлтэтигэр маҕаһыынтан, аптекаттан 40 гр мочевинаны, 100 гр суперфосфаты, 50 гр сернокислай калийы, 5 гр борнай кислотаны ылан, бастаан кыра иһиттэргэ тус-туһунан суурайан баран, 10 л ууга холбоон ыстарыллар.
Иккис аһытыы сибэккилээбитин кэннэ, үһүс аһатыы аһа буһан эрдэҕинэ оҥоһуллар. Онно отонноох култуураларга аналлаах эбиилик уонна «Вертера-гумин» барсаллар. Төрдүс аһатыыга, отонун кутан турарынан, химияны төрүт киллэриллибэт, ол оннугар күлү, марганцовканы биитэр аһыйбыт үүтү ууга суурайан ыстарыллар.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru