Салгын тырааныспарын ырыынагар саҥа күрэстэһээччи кэлэрэ күүтүллэр. Ол курдук, «ВИМ-АВИА» хампаанньа Москва – Дьокуускай – Москва хайысханан алтынньы 30 күнүттэн сылдьыаҕа. Рейстэр бэнидиэнньиккэ, чэппиэргэ, субуотаҕа оҥоһуллаллара былааннанар.
Рейстэр Домодедово пордуттан оҥоһуллуохтара. Онон нэһилиэнньэ Boeing 777-200 сөмөлүөтүнэн дойду тэбэр сүрэҕэр көтүөҕэ. Саҥа хампаанньа сыаналарын үөрэтээри, www.anywayanyday.com сайтка киирэ сырыттым. Сэтинньи 2 күнүгэр саамай чэпчэки сыана быһыллан, Москваҕа диэри билиэт сыаната – 13 тыһ. 517 солк. Бу эконом-кылааска.
«Аэрофлот» ханна да барбат!
Россия биир бас-көс авиа-хампаанньата Саха сиригэр үлэлээбитэ быданнаата. Хампаанньа официальнай сайтын итиэннэ күһүҥҥү-кыһыҥҥы расписаниетын көрдөххө, Москва (Шереметьево) – Дьокуускай – Москва (Шереметьево) хайысханан кыһыны быһа көтөр былааннаах. Холобур, ахсынньы 13 күнүгэр эконом-кылааска саамай чэпчэки билиэт Москваҕа диэри 14 тыһ. солк. быһыллыбыт. Сэтинньи 17 күнүттэн «Аэрофлот» кыһыҥҥы расписаниенан үлэлиэхтээх.
«Аэрофлот» «оҕото» Хабаровскайга көтүөҕэ
Сотору «Аврора» АХ («Аэрофлот» алын сүһүөх тэрилтэтэ) Хабаровскайтан Дьокуускайга икки сөмүлүөтү көтүтэр былааннаах. Хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Андрей Колесник иһитиннэрбитинэн, DHC-8-Q400 сөмөлүөтү атыыластахтарына, рейстэр оҥоһуллан барыахтаахтар. Билигин Хабаровскайга «Якутия», «Аэрофлот», «Сибирь», «Алроса» авиа-хампаанньалар көтөллөр.
Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ сүрүн аэропорда кэлин үлэтэ-хамнаһа өссө кэҥээн омук сиригэр сөмөлүөттэри көтүтэр, араас кылаастаах суудуналары түһэрэр буолла. Онон авиа-хампаанньалар үлэлэрэ портан быһаччы тутулуктаах. Билигин саҥардан тутуу иккис уочарата түмүктэнэн, аны көтөр-түһэр балаһаны оҥоруохтаахтар. Оччотугар рейс ахсаана лаппа аҕыйаан, «Аэрофлот», «Сибирь» (S7 бренд) уонна «Глобус» хампаанньалар өрөспүүбүлүкэтээҕи салгын тырааныспарын ырыынагыттан кылгас кэмҥэ туораан биэрэн, аҥардастыы «Якутия» АХ күннээн-күөнэхтээн олоруо диэн кэпсэтэр буолбуттара ыраатта.
Анивера АКИМОВА.