Дьэһиэй кэрэ куота – Виктория

14.11.2018
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 22 күнүгэр ааһан эрэр 2018 сылга Саха сирин саамай кэрэ кыыһын аатын билиэхпит. Бу үрдүк аат иһин 21  кыыс илин-кэлин түсүһэр. Кинилэр истэригэр Красноярскай кыраайга төрөөбүт дьэһиэй сахата – Виктория Киргизова баар.

Вика Саха сиригэр олорор, үлэлиир эбит, бэйэтин туһунан маннык кэпсиир:

— Мин 23 саастаахпын, оҕо эрдэхпиттэн үҥкүүнэн уонна гуманитарнай наукаларынан дьарыктанабын. 2016 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы педагогическай университеты бүтэрбитим. Салгыы М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка “лингвокультурология” хайысхаҕа магистратураҕа үөрэнэн, быйыл түмүктээтим. Билигин “Якутск ТВ” ханаалга кэрэспэдьиэнинэн үлэлиибин уонна “Crystal models” муода ааҕыныстыбатыгар дьарыктанабын. Мин киһи быһыытынан бары өттүнэн сайдыылаах буоларга дьулуһабын. Омуктар култуураларын, искусстволарын интэриэһиргиибин.

— Саха сирин туһунан бастаан хаһан истибиккиний? Төрүттэриҥ туһунан тугу билэҕин?

— Мин хааммар икки улахан уус холбоспут. Аҕам долган омук. Киргизовтар сыдьааннара Лаптев муоратын кытылыгар баар Сындасско бөһүөлэккэ (Красноярскай кыраайга) олороллор. Дьиэ кэргэним Ботулу уустан силистээх. Дьэһиэйдэр Ботулу, Эспек, Осогосток, Бэти, Чорду, Маймага уонна Уодай диэн дойдуларын ааттарын араспаанньа оҥостубуттарын туһунан архыыпка суруллубут. Саха сиригэр маннык ааттардаах сирдэр баалларын билэбин, бу дьэһиэй сахаларын өбүгэлэрин дойдулара. Бэйэбин сахабын дэнэбин, дьэһиэйдэр ортолоругар улааппытым, үгэстэригэр иитиллибитим. Саха сирин туһунан оҕо сырыттахпына эбээм кэпсээбитэ. Красноярскай кыраайга баар сахалар тустарынан оскуола сааспыттан үөрэтэбин, төрдүбүн-ууспун билэ улааппытым.

— Оттон Дьокуускайга хаһан кэлбиккиний?

— Икки сыллааҕыта, оччо­лорго Санкт-Петербурга үөрэнэ сылдьаммын, Саха сириттэн сылдьар дьүөгэм сүбэтинэн, Саха гимназиятыгар быраактыкаламмытым. Устудьуоннуу сылдьан, саха оҕолорун кытта билсэн, сү­­тэрбиппин булбут курдук санаммытым. Кинилэр дойдуларыгар бэриниилээхтэрэ, тапталлара олус күүстээх. Олоҕум тухары биллибэт күүс миигин Саха сиригэр тардара, угуйара. Манна мин олоҕум аналын булуом дии саныырым. Онон, үөрэхпин бүтэрээт, Саха сиригэр олохсуйардыы кэлбитим.

— Саха тылын үчүгэйдик өйдүүгүн дуо?

— Кырдьыгынан эттэххэ, саха доҕотторбун кытта кэпсэтэрбэр бастаан утаа эрэйдэнэр этим. Кинилэр олус элбэх уус-­уран уонна диалект тылын тутталларын өйдөөбөт этим. Оттон дьэһиэй сахалара түҥ былыргы, ыраас саха тылынан саҥараллар. Бу тылы дьэһиэйдии диалект дииллэр. Мин дьиэ кэргэним эрэ иһигэр бу тылынан кэпсэ­тэбит, оҕо эрдэхпиттэн нууччалыы саҥарар дьону кытта сылдьыбытым. Билигин саха тылын өйдүүбүн, саҥарабын, күннэтэ үөрэтэбин, тылбын сайыннарабын.

— Саха сиригэр олохсуйбут дьэһиэй сахаларын кытта билсэҕин дуо? Төһө элбэххитий?

— Син баарбыт, билсэбит. Оскуола саҕаттан манна үөрэммит спортсменнар бааллар. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ аатыттан араас таһымнаах чөмпүйэнээттэргэ күрэхтэһэллэр. Номнуо ыал буолан, олохсуйбуттара ырааппыт дьон үгүс. Сорохтор үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьаллар.

— “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кэрэ Куота” күрэхтэһиигэ кытта сылдьар эбиккин дии.

— Бу куонкуруһу ыытыллыаҕыттан кэтиибин. Кыттыахпын баҕарар этим да, оччолорго тоҕо эрэ быһаарымматаҕым. Быйыл бары өттүнэн бэлэммин диэн толкуйдаан баран, холонон көрөргө сананным. Бэйэбин билиһиннэрэ, төрөөбүт дойдум уонна норуотум туһунан элбэх киһи биллин диэн санааттан кыттабын.

— Маннык халыыптаах куонкурустарга урут кытта сылдьыбытыҥ дуо?

— Мин устудьуоннуу сылдьан, 2015 сыллаахха, “Мисс Азия – Санкт-Петербург” куонкуруска Саха сирин аатыттан кыттыбытым. Онтон 2016 сыллаахха “Кыталык Куо” куонкуруска кыттан, иккис миэстэни ылбытым. Хас биирдии кыыс кэрэ кыргыттар куонкурустарыгар кыттан, бэйэтин холонон көрүөхтээх. Ол эрээри, бу үгүс үлэни эрэйэр уонна сыраны-сылбаны барыахха наада. Тургутууну аастахха киһи бэйэтигэр эрэлэ улаатар, өй-санаа өттүнэн сайдар дии санаатым.

Сэргэх кэпсээннээх дьэһиэй кыыһыгар Викторияҕа ситиһиилэри баҕарабыт!

Бэлиэтээһин

Саха омук араас киэҥ сирдэринэн бытанан олорорун Красноярскай кыраай Эвенкия муниципальнай оройуонун Дьэһиэй (Ессей) сахалара туоһулууллар. Дьэһиэй бөһүөлэк – Арассыыйа биир уһук хоту сирдэригэр киирсэр, биһиги айылҕабыт курдук ураты уларыйымтыа тымныылаах, куйаас сайыннаах. Дьэһиэй сахалара сүрүннээн таба иитиитинэн дьарыктаналлар. Олохтоох сахалар Дьэһиэй күөл баһыллар балыгын, бултаах сирин-уотун сөбүлээн олохсуйбуттара. Дьэһиэй диэн тыл төрдө хантан үөскээбитэ биллибэт. Арай, Енисей өрүс селькуп, ханты, ненецтэр тылларынан «улахан өрүс» диэн ааттанар. Онон сабаҕалаатахха, Дьэһиэй диэн «Улахан күөл» диэн тылбаастаныан сөп.

Дьэһиэй сахаларын туһунан үгүспүт истэн билэр. Өрөспүүбүлүкэттэн тас сиргэ бэйэбит курдук тыллаах-өстөөх дьон олороллорун аан бастаан сэргии, сөҕө истибиппит. Красноярскайга, Хабаровскайга олохсуйбут сахалар тустарынан учуонай, Ю.И.Васильев-Дьаргыстай тыыннааҕар элбэхтик суруйбута, кинилэри кытта алтыспыта.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Наталья Протопопова хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0