Вика (кэпсээн)

26.04.2017
Бөлөххө киир:

Вика куорат биир биллэр такси сулууспатын хаһаайката. Кини кэргэнинээн икки хостоох кыбартыыраларыгар диспетчерскэй тэрийэн, быйыл номнуо төрдүс сылын үлэлииллэр.

Юлия Алексеева, Сунтаар, edersaas.ru сайтка анаан.

Вика кэргэнэ Бүөккэ сахаҕа улахан көрүҥнээх, бөдөҥ-садаҥ киһи. Күн ахсын пиибэлиир буолан, иһэ нэлэйэн сүрдээх. Кинилэр үс оҕолоохтор. Вика массыына ыытарга бырааптаах буолан, сакааска арыт бэйэтэ сүүрэр. Кэргэнэ күн ахсын итирэн айдаарар, арыт нэдиэлэни-нэдиэлэнэн сүтэр, эбиитин илиитин көтөҕөр. Атын дьахталларга сылдьарын, кини бэркэ диэн билэр. Арахсан баран хаалыаҕын, Бүөккэ оҕолору биэрбэппин, син биир мин ылыаҕым диир. Кырачаан оҕолор итинник аҕалаах төһө бэрт олохтонуохтарай?

Биир күн сакаас киирбитигэр, аҕалара суох буолан, Вика бэйэтэ икки эдэр кыыһы уонна биир уолу куорат кытыытыгар илтэ. Кыргыттар орто холуочуктар, айдааннара сүрдээх. Аадырыстарыгар нэһиилэ сыһыллан-соһуллан түстүлэр. Уол атын дьиэҕэ барарын эттэ. Түүҥҥү куорат уулуссалара сандааран, эчи үчүгэйдэрин. Вика бэйэтин кыһалҕатыгар тугу эрэ саныы олорор буолан, уол тугу эрэ ыйыппытын истибэтэ. Иккистээн:

–   Куттаммаккын дуо, соҕотох сылдьаргыттан? – диэн ыйыппытыгар, дьэ өй булан:

– Оҕолорбун иитэр кыһалҕаттан үлэлиирбэр тиийэбин…, – диэн уһуга биллибэт суолу одуулаһа олорон эттэ.

Аадырыстарыгар тиийэн, аны уол кыратык кэтэһэ түһэригэр көрдөстө. Кэлбит дьиэтэ хатыылаах. Суотабайынан ханна эрэ эрийэ сатаата да, мэлигир. Эбиитин куорат кытыытыгар сылдьаллар. Уол таһырдьа тура сатаан баран, массыынаҕа киирэн олордо. Хонуохтаах ыала тыаҕа сыбаайбаҕа барбыттар эбит. Барыахтарын иннинэ кэлиэхтээх эбит даҕаны, кыргыттара ыыппакка, хойутаан хаалаахтаабыт. Онон сарсыардааҥҥа диэри Виканы кытары массыынаҕа олорсо сылдьарга көрдөстө. Көнө майгылаах, эйэҕэс уолу сөбүлүү көрөн, Вика улаханнык толкуйдуу барбакка, тута сөбүлэстэ.Куорат устун үгүс аадырыска сылдьан, балай да сакаас киирдэ. Ол быыһыгар, итирик уолаттар босхо дьиэлэригэр илтэрэ сатаан күргүйдээбиттэригэр, аргыс уола оннуларын буллартаата. Сарсыарданан сакаас аҕыйаата. Вика аргыһа Иван диэн эбит, хайа эрэ маҕаһыыҥҥа менеджердиир үһү.

Бу кылгас түүн иһигэр, кыыс кыһалҕалаах олоҕун, итириксит кэргэнин туһунан ыһа-тоҕо кэпсээн, арыый да чэпчээбит курдук сананна. Аргыһа чороҥ соҕотох эбит, аналын көрдөнөр үһү.

Сарсыарда Иван үлэтигэр барда. Викаттан төлөпүөнүн нүөмэрин көрдөөбүтүгэр, кыыс күлэн эрэ кэбистэ…

Соһуччу көрсүһүү кэнниттэн, икки ый ааста. Биирдэ үлэттэн сынньана таарыйа, Вика икки улахан оҕотун илдьэ кафеҕа бардылар. Күлэн-үөрэн, олус үчүгэйдик бириэмэлэрин атаардылар. Кафеттан тахсан иһэн, Иванын көрсө биэрдэ. Уол тута кинини билэн, кэпсэтэн бардылар. Өссө ол быыһыгар түүҥҥү аргыһа оҕолору кытары оонньоһон да ылла.

…Бүгүн Бүөккэтэ эмиэ күргүйдээн, киэбирэн да биэрдэ. Сакаас киирэрэ эмиэ мөлтөх. Вика төлөпүөҥҥэ бэйэтэ олорор, ол быыһыгар сакааска барар. Саатар, икки эрэ массыыналара сүүрэр. Ол сылдьан, арай төлөпүөҥҥэ билэр куолаһын истэн, кыыс оҕолуу долгуйда. Тута, Иванын көрсө элээрдэ. Бу күнтэн ыла, куруук көрсөр буоллулар.

Сыл аҥаара билсэн баран, уол ыал буолуохха диэн кыыһы соһутта. Хайдах үс оҕолоох дьахтары кэргэн ылан, олоххун алдьатаары гынаҕын диэн Вика буолуммата. Ол да буоллар, кини Бүөккэ атаҕастабылыттан босхолонуон туохтааҕар да күүскэ баҕарар.

Биирдэ Вика таксилаан, үлтү сылайан дьиэтигэр кэлбитигэр киһи бөҕө мустубут. Арыгы, табах сыта дьиэни тунуйан кэбиспит. Кэргэнин саҥара сатаата даҕаны, киһитэ ону истиэ баара дуо? Ол оннугар дьон көрөн турдаҕына, ойоҕун сирэйгэ хаста да оҕуста. Оҕолор эрэйдээхтэр оччолооҕу көрөн туран, ытастылар. Вика оҕолорун ылаат, массыынатын собуоттаан, бэйэтэ билбэккэ, түргэн үлүгэрдик Иваҥҥа эрийдэ. Киһитэ тапталлааҕын көрсөн, кини саҕа дьоллоох киһи суох курдук буолла.

Тапталлааҕын ааттаһан-көрдөһөн, өйдөтөн, бэйэтигэр тардан, Вика оҕолорунаан Иваҥҥа көстүлэр. Сууттаһан нэһиилэ оҕолорун бэйэтигэр хаалларда.

Билигин Викалаах улууска олороллор. Тапталынаан сыбаайбалаан, кимнээҕэр дьоллоохтук, өйөһөн, өйдөһөн олороллор.

Юлия Алексеева, Сунтаар, edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0