ВИДЕО: Дьоруой Попов 100 сааһын көрсө Мэҥэ Хаҥаласка хайыһар десаана буолла

Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ылбыт Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 99 сыла буолла.

Онон, Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, бүгүн биир дойдулаахтара Мэҥэ Хаҥаласка хайыһар десаанын тэрийдилэр. Хайыһардьыттар «Аллараа Бэстээх — Майа — Сыымах» хайысханан сырыттылар. Десааҥҥа хайыһарга улуус сүрүн тириэньэрэ Василий Кононов салалтатынан бэтэрээн хайыһардьыттар уонна эдэрдэр буолан, барыта 15 киһи кыттыыны ылла. Хайыһардьыттар анал таҥастаах, аптамаат туора сүгүүлээх суолталаах айаны оҥордулар.

Десаан кыттыылаахтарын Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин эҕэрдэлээтэ уонна: «Эһиил Дьоруой Попов 100 сылын өрөгөйдөөхтүк бэлиэтиэхпит», — диэн эрэннэрдэ.

ВИДЕО:

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0