Вида Ефремова: “Төрөөбүт тылым – дурдам-хаххам”

Ааптар: 
01.01.2020
Бөлөххө киир:

Бука, Японияҕа олорор Вида Ефремованы билбэт ыччат суоҕа буолуо. Кэргэнин, оҕотун кытта Японияҕа көспүттэрэ 9 сыл буолбут. Төрөөбүт дойдутун кытта сибээһин быспат. Бүгүн “Эдэр саас” саайтка анаан интервью биэрдэ.


Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах…

— Вида, кылгастык бэйэҥ тускунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Ийэм Галина Альбертовна Хаҥаластан, аҕам Анатолий Васильевич Татарников Кэбээйиттэн төрүттээхтэр. Дэриэбинэттэн куоракка көһөн киирэн баран 18-с, онтон 20-с оскуолаҕа үөрэммитим. Оскуола кэнниттэн тута аҕам сүбэтинэн Саха судаарыстыбаннай университетын омук тылын факультетыгар, дьоппуон тылын салаатыгар киирбитим. Дьоппуон тылын уонна литературатын филолога диэн исписээлинэстээхпин. Кэргэннээхпин, тоҕус саастаах уол оҕолоохпут.

— Вида диэн бэйэҥ аатыҥ дуу, псевдонимыҥ дуу?

— Төрүөхпүттэн сүрэхтэммит аатым. Вида Венцене диэн Прибалтика хайыһарга олимпийскай чөмпүйүөҥкэтин аата. Мин күн сирин көрөр кэммэр Канадаҕа ыытыллыбыт кыһыҥҥы көрүҥнэргэ Олимпийскай оонньууларга бастаабыт этэ. Ол кыайбыт үөрүүтүгэр миигин Вида диэн сүрэхтээбиттэр.

— Японияҕа тоҕо көспүккүтүй?

— Кэргэммин Диманы кытта биир бөлөххө үөрэммиппит, эмиэ дьоппуон тылын, литэрэтиирэтин исписэлииһэ идэлээх. 5-с кууруска үөрэнэр сылыгар Дьокуускайга баар дьоҕус филиалга үлэҕэ киирбитэ. Эһиилигэр, үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ, Японияҕа сүрүн офиска кэлэн үлэлээ диэн ыҥырбыттара. Сыл курдук кэлэ-бара сылдьыбыта. Үс ый үлэлээн баран, биир-икки нэдиэлэ курдук Дьокуускайга тиийээччи. Сыл бүтүүтэ Японияҕа көспүппүт.

Олохсуйа кэлиэхпит иннинэ, устудьуоннуур сылларбытыгар үөрэнэ, иккитэ-хаста олохторун-дьаһахтарын билсэ кэлэ сылдьыбыппыт.  Японияны тута сөбүлээбитим. Күн тахсар дойдутугар олорбут киһи диэн баҕа санаалаах этим.

Японияҕа устудьуон уонна олохтоох дьон олоҕо уратылаһар, быраабыланан олорор ирдэнэр. Устудьуоннуур сылларбытыгар бэлэмҥэ сылдьыбыт эбит буоллахпытына, күннээҕи олох-дьаһах боппуруостарын номнуо бэйэбит быһаарар буолбуппут. Оннук улахан уустугу көрсүбүппүт диэн этэр кыаҕым суох. Кыра-кыралаан дьонтон ыйыталаһан, олох үөһүгэр киирбиппит, билбиппит-көрбүппүт.

— Дьоппуон тылын үөрэтэр төһө уустугуй?

— Эппитим курдук, дьоппуон тылын университекка үөрэппиппит. Стажировкаҕа кэлэ сылдьан, элбэҕи туһаммыппыт. Япония устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын барытын биллибит диэн этэр кыаллыбат. Төһөнөн уһуннук олоробут да, бу дойду биллибэт-көстүбэт өрүтэ өссө арыллан иһэргэ дылы. Хас күн ахсын тугу эрэ саҥаны, сонуну, интэриэһинэйи билэбит-көрөбүт. Япония олоҕо куруутун киһини туохха эрэ үөрэтэр, сирдиир.

Түөрт тылынан саҥарар

— Оҕоҕут адьас кыратыгар көһөн барбыт эбиккит. Төрөөбүт тылынан саҥарар эбит дии.

— Женя биир сааһыгар Японияҕа көһөн кэлбиппит. Тута олохтоох муниципальнай уһуйааҥҥа биэрбитим. Оччолорго өссө тыллана илигэ. Онон дьоппуон оҕолорун кытта тэҥҥэ саҥарбыта, дьоппуон тыла кини иккис төрөөбүт тылын тэҥэ.

Өскөтүн Дьокуускайга олорон кэпсэтиигэ нуучча тылын кыбытар эбит буоллахпына, Саха сириттэн тэлэһийээт, төрөөбүт тылбын ахтан, оҕобун кытта сахалыы эрэ кэпсэтиэхпин баҕарарым. Ол иһин уолбут билигин дьоппуон, саха тылынан судургутук кэпсэтэр. Ону таһынан, биһиги анаан-минээн үөрэппэтэхпит да иһин, ойуулуктары (мультфильм) көрөн, бэйэтэ нууччалыы саҥара үөрэннэ. Оройуоммутугар олорор англичанин оҕолорун кытта оонньуур, алтыһар буолан, кэлин өссө англия тылыгар үөрэнэн эрэр. Онон түөрт тылынан кэпсэтэр. Билигин муниципальнай оскуолаҕа үһүс кылааска үөрэнэр.

“Сэдэх тылбытынан киэн туттабыт”

— Оҕоҕут Саха сириттэн төһө да ыраах сырыттар, төрөөбүт тылынан саҥарар эбит дии.

— Хас биирдии саха оҕото сахалыы иитиилээх, тылын билэр буолуохтаах дии саныыбын. Оччоҕо дьоһуннаах киһи улаатан тахсар эбит диэн бэлиэтии көрөбүн. Бэйэм дьүөгэлэрим, доҕотторум сахалар эрээри, оҕолоро сахалыы билбэттэр. Ону кэтээн көрдөхпүнэ, туохтара эрэ тиийбэт буола улааталлар. Оттон уонна ханнык баҕарар киһи, омугуттан тутулуга суох, төрөөбүт тылын билиэхтээх диэн өйдөбүллээхпин. Оччоҕо эрэ киһи санаата бөҕөх, күүстээх, туохтан даҕаны толлубат, бэйэтин итэҕэс санаммат буола улаатар дии саныыбын.

Саха тыла биһиэхэ дурдабыт-хаххабыт, көмүскэлбит буолар. Манна араас омук олорор. Сахалары көрүстэхпинэ, төрөөбүт тылбынан кэпсэтиэхпин баҕарабын.

Саха тыллаах киһи ханнык баҕарар омук тылын үөрэтэрэ дөбөҥ. Холобур, нуучча оҕолоро дьоппуоннуу саҥардахтарына “акценнаахтар”, оттон сахаларга оннук көстүү суох. Аны саха оҕолоругар “р” дорҕоону саҥарбат буолуу букатын суоҕун тэҥэ. Сэдэх тылынан кэпсэтэрбитинэн киэн туттабыт.

“Япония Саха сиригэр чугас”

— Саха сирин тымныытын, кыһынын төһө ахтаҕыт?

— Токиоҕа саха олус элбэҕэ суох, кыралаан билсэбит. Устудьуоннары билэбин. Европа дойдуларыгар бииргэ үөрэммит омук кэргэннээх дьүөгэлэрим олороллор. Кинилэри кытта сибээспин быспаппын. Эмиэрикэҕэ эҥин тэҥнээтэххэ, Япония Саха сиригэр чугас, бириэмэбит тэҥ, азиаттар буолабыт. Европаҕа олорор доҕотторбут дойдуларын олус ахталлар. Биһиэхэ оннук курдаттыы таттарыы, суохтааһын суоҕун тэҥэ. Кинилэр Дьокуускайга бара сылдьыахтарын баҕараллар эрээри, санаатахтарын аайы, сыл ахсын кыаллыбат. Сыаната да ыарахан, айаннара даҕаны уһун, аны бириэмэлэрэ уратылаһар. Ол иһин төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин да кытта кэпсэтэллэрэ ахсааннаах быһыылаах. Оттон Япония чугас, дойдубутугар баран кэлэбит, ахтылҕаммытын таһаарабыт.

“Илиим барбат…”

— Японияҕа бөхтөрүн тус-туспа наардаан быраҕаллар. Ол маҥнай утаа уустук диэччилэр.

— Киһи олус түргэнник үөрэнэр. Ким даҕаны “маны манна уур”, “маннык гын” диэн үөрэппэт, барытыгар дьону көрөн үөрэнэбит. Култууралара сыыйа, баҕа өттүнэн киирэр. Урут дьоппуоннар бэйэлэрэ эҕэрдэлэһэн тоҥхоҥнуулларын көрөн, “наһаа төҥкөҥнүү сылдьыбат инибин” диэн санаа баара, кинилэр даҕаны миигиттэн ону эрэйбэт этилэр. Ол эрээри, олохсуйан бардахха, сыыйа киһи бэйэтэ да билбэтинэн ылынар эбит. Билигин бэйэм, кэргэним, оҕобут бары төҥкөҥнөөн дорооболоһобут. Бөҕү аналлаах иһиккэ быраҕарга эмиэ киһи биллибэтинэн-көстүбэтинэн үөрэнэр.  Дьокуускайга бардахпына, таас иһити (стеклянка), пластик бытыылканы уопсай бөххө быраҕыахпын илиим барбат. Өссө биэс-алта сыллааҕыта, айылҕабытын маннык киртитэр буоллахпытына, ыраас Сахабыт сирэ иэдэйииһи диэн санаан аһарбыттааҕым. Аҕыйах сылтан бэттэх эдэр ийэлэр “Раздельный сбор” диэн хамсааһыны таһааран, туһаҕа тахсыан сөптөөх матырыйаалы (вторсырье) хомуйан эрэллэрин үөрэ истэбин, билэ-көрө олоробун.

“Мисс Виртуальная Якутия” куонкурус

— Вида, эйигин соторутааҕыта улахан куонкуруска кыттыбыт диэн истибитим.

— Оннук улахан киһи кэпсиир сонуна суох. Устудьуоннуур сылларбар Семеновскай ааҕыыларга лауреат буолбутум. “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ куораттааҕы түһүмэҕэр (таҥас моделлааһыҥҥа) бастаабытым, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ лауреат аатын ылбытым. Быйыл “Мисс Виртуальная Якутия” кыттан, финалга киирбитим эрээри, кыайан Дьокуускайга барбатаҕым.

— Билигин тугунан дьарыктанаҕын?

—  Японскай битэмииннэри, косметика уонна бытовой химия атыылыыбын. Дьокуускайга маҕаһыыннардаахпыт уонна аныгы кэм сиэринэн интэриниэт саайтаахпыт, онон дьарыктанабын.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0