Япония сахалара — Ефремовтар

14.08.2019
Бөлөххө киир:

Япония киин куоратыгар – Токиоҕа саха эдэр ыала олорбута тохсус сыла буолла. Ефремовтар М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты бүтэрэн, японовед (дьоппуон тылын уонна литературатын үлэһитэ) идэтин баһылаан, Японияҕа көспүттэр эбит.

Оттон бу саастан “Инстаграм” социальнай ситимҥэ Японияҕа олох, үлэ, үөрэх, доруобуйа туһунан кэпсиир @japan_vida диэн страница баарын бэлиэтии көрөбүн. Бу Ефремовтар ийэлэрэ Вида эбит. Кинилиин интэриниэт нөҥүө кэпсэттибит.

— Мин Хаҥалас улууһун Уулаах Аан нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Оскуола кэнниттэн ХИФУ омук тылларын факультетыгар дьоппуон тылын салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Бииргэ үөрэнэр уолбар Димаҕа 2010 сыллаахха кэргэн тахсан, уол оҕоломмуппут. Билигин Япония Токио куоратыгар олоробут, үлэлиибит.

БАҔА САНАА ТУОЛУУТА

— Хайдах Японияҕа көстүгүт? Быһаарыныыны хайдах ылыммыккытый?
— Мин Японияҕа бастакыбын 2007 сыллаахха устудьуоннуур сылларбар сылдьыбытым. Тута бу дойдуну сөбүлээбитим. Онно 2008 сылы көрсөөрү, Саҥа дьылга баҕа санаабын “Японияҕа олоруохпун баҕарабын” диэн таайбытым. Онтон кэлин кэргэмминээн Дималыын тиийбиппит. Күүлэйдии сылдьаммыт, “манна олохсуйбут киһи” диэн көннөрү санаан ылбыппыт эрэ. Дьиҥэ, Дьокуускайтан көһөр былааммыт суоҕа, ханнык баҕар эдэр ыал сиэринэн олорбуппут. Биир үтүө күн билэр дьоммут кэргэммэр Японияҕа массыына урбааныгар сыһыаннаах үлэ баар диэн кэпсээбиттэрэ. Дима “үлэлээн боруобалыым” диэн сөбүлэспитэ. Онтон ыла билиҥҥээҥҥэ диэри массыына атыытынан дьарыктанар тэрилтэҕэ үлэлиир.

— Бастаан көһөн баран туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?
— Ханык баҕар дойдуга күүлэйдии уонна олоро барар диэн туспа өйдөбүллэр. Көһөн кэлэрбитигэр уолбут биир эрэ саастааҕа. Докумуон эккирэтиитигэр, дьиэ-уот кыһалҕатыгар ыарахаттары көрсүбүппүт. Бастакы түөрт сылбытыгар социальнай бырагыраама дьиэтигэр олорбуппут. Японияҕа дьиэ куортама олус сыаналаах.

ЭТ МИИНИН АХТАБЫТ

— Дьоппуоннар сахаларга майгынныыллар дуо? Эһигини атын омук диэн араараллар дуо?
— Мин санаабар, майгынныыллар. Дьоппуоннар эмиэ, биһиги курдук, айылҕалыын чугастар, мээнэ хаһыытыы-ыһыытыы сылдьыбаттар. Аны астара аһыы тууһа-тумата суох буолан, биһигини кытта биир соҕус. Саастаах өттө саха эмээхситтэрин, оҕонньотторун курдуктар, бэл, уулуссаҕа: “Бу хайаларын оҕотой, сааһыҥ хаһый?” — диэн ыйытыахтарын сөп. Мин сирэйим быһыыта атын буолан атыҥырыыллар, үксүгэр: “Кэриэйгин дуо?” — диэн ыйыталлар. Дьоппуоннуу төһө да иҥнибэккэ саҥардарбыт акценнаахпыт, атын омук буоларбыт биллэр. Оттон уолбут Женя оҕо саадыгар дьоппуон оҕолорун кытта тэҥҥэ сылдьыбыт буолан, акцена суох саҥарар курдук.

— Аска эрэйдэнэҕит дуо? Саха аһын ахтаҕыт?
— Уҥуохтаах эт миинин ахтабыт. Манна уҥуох атыыламмат. Мин балыгы сиэбэт буоламмын, сушины эҥин сөбүлээбэппин. Дьиэбитигэр Саха сиригэр курдук астанан аһыыбыт. Оттон дьоппуоннуу аһыахпытын баҕардахпытына, кафеҕа, эрэстэрээҥҥэ барыахпытын сөп.

ЯПОНИЯҔА ЫҺЫАХ ТУҺУНАН

— Сахалар төһө элбэххитий? Түмсүүлээххит дуо? Сайын ыһыах оҥорбуккун истибиппит.
— Америкаҕа, Кытайга курдук элбэх буолбатахпыт. Билсэбит эрээри, улаханнык көрсүбэппит диэххэ сөп. Саха ыала диэн суох быһыылаах, үксэ дьоппуон кэргэннээхтэр бааллар. Түмсээри, ыһыах тэрийбитим. Ол кэмҥэ күүстээх ардах түһэ турар этэ. Онон дьиэ иһигэр кыра ыһыах оҕотун ыспыппыт. Эһиил өссө элбэх буолан, эрдэттэн тэринэн, киэҥник ыһыахтыахпыт диэн толкуйдаабыппыт.

— Тоҕус сыл олорон баран, Саха сирэ Японияттан туох уопуту туһаныан сөп дии санаатыгыт?
— Дьоппуоннары көрөн, киһи култуураҕа тардыһыан баҕарар. Саха сиригэр куруук ыксыы, бэйэҥ эрэ дьыалалаах курдук сылдьар буоллаххына, манна оннук буолбатах. Дьон бэйэ бэйэтигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһар, өйөһөллөр-өйдөһөллөр. Мин манна бириэмэни сөпкө туһанарга, былаанныырга үөрэнним. Японияҕа олорон, Саха сирин патриоттара буоллубут. Төрөөбүт дойдубутун олус ахтабыт.

БЛОГ ТУҺУНАН

— Дьиэҕэ ханнык тылынан кэпсэтэҕит? Уолгут сахалыы билэр дуо?
Женя биир сааһыттан Японияҕа олорор, оҕо саадыгар сылдьыбыта, оччолорго Тоямаҕа олорбуппут. Билигин Токио оскуолатыгар үһүс кылааска үөрэнэр. Мин ийэм кэлэ сылдьыбыта, кинини кытта сайыҥҥы сынньалаҥар Саха сиригэр барсыбыта. Наһаа үөрэ, астына сылдьар. Дьиэбитигэр сахалыы уонна нууччалыы кэпсэтэбит. Үксүн нууччалыы мультиктары, киинэлэри көрөр буолан, Женя нууччалыы эмиэ билэр. Аны оскуолатыгар омук оҕо диэн аҕыйах, барыларын кытта тэҥҥэ сылдьар, дьоппуон доҕоттордоох. Онон Женя сахалыы, нууччалыы, дьоппуоннуу саҥарар, быһаарсар. Уруоктарын ыарырҕаттаҕына биһигиттэн ыйытааччы, онуоха Японияҕа хайдах үөрэтэллэрин билбэт буоламмыт,
сатаан көмөлөспөппүт. Хата, бэйэтэ быһаарсан, этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар. Манна ордук математикаҕа болҕомтону уураллар.

— Инстаграмҥа блог арыммыт эбиккин дии?
— 2014 сыллаахха дьоппуон битэмиинин уонна косметикатын туһунан кэпсиир страница арыммытым. Кэлин дьон “Кимҥиний, Японияҕа олороҕун дуо? Ол туһунан кэпсээ” диэн көрдөһөр буолбуттара. Ол кэнниттэн маннааҕы олох, дьиэ кэргэним туһунан суруйан саҕалыырга быһаарыммытым, дьон интэриэһиргиир эбит. Былааным элбэх.

Бу курдук саха эдэр ыала киэҥ сиринэн тэлэһийэн олорон, саха култууратын тарҕата, сайда сылдьарын биллибит, кэпсэттибит. Ефремовтарга ситиһиилэри баҕарабыт.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0